«ФИШИНГ» диэн тугуй? Хайдах харыстанабыт. Бу сылга сунтаардар түөкүттэргэ 1000000-тэн тахса солк. ыыттылар

Аныгы кэмҥэ көрдөрөр-иһитиннэрэр технологиялар балысханнык сайданнар олохпут биир өттүнэн биллэ чэпчээтэ дэһэбит. Куйаар ситиминэн тутатына элбэх кыһалҕабытын быһаарабыт. Сайдыыны  кытта аныгы кэм түөкүттэрэ баар буоллулар. Кинилэр албынныыр-түөкүннүүр албастара, ньымалара күннэтэ кэҥиир. Кэлиҥҥи кэмҥэ сунтаардар «фишинговай атаакаларга» киирэн биэрэр буоллулар диэн этэллэр.

Төһө да быраабы араҥаччылааччылар сэрэтии үлэлэрин ыыталларын үрдүнэн дьон түөкүттэр угаайыларыгар киирэ турар.  Аҥаардас бу сылга сунтаардар түөкүттэргэ 1000000-тэн тахса солк. ыыттылар.

Үксүн түөкүттэр төлөпүөнүнэн дьону албынныыллар. Ону тэҥэ, үптэрин элбэтэр сыалтан саарбах инвестиция хампаанньаларыгар харчыларын уган биэрэллэр. Аҕам саастаах эрэ дьон түөкүттэр угаайыларыгар түбэһэллэр дии саныыбыт. Бу сыыһа өйдөбүл.  Сааһыттан, үлэтиттэн, үөрэҕиттэн тутулуга суох дьон түөкүттэргэ түбэһэр. Кыра оҕотуттан саҕалаан аҕам саастаахха диэри албыҥҥа киирэн харчыларын ыыталлар.

Түөкүттэр сүрүннээн баан, Ис дьыала уорганын, нолуок сулууспатын үлэһиттэрэбит дэнэллэр эбит. СМС эбэтэр ватсабынан сурук ыыталлар, эрийэллэр. Ватсабынан эрийэр түгэннэригэр аватаркаларыгар баан, «Мои документы», «Госуслуги» уо.д.а. тэрилтэлэр хаартыскаларын туруоран кэпсэтэллэр.

Сунтаардааҕы Ис дьыала уорганын дознание сулууспатын начальнига, полиция капитана Саргылана Попова түөкүттэр ньымаларын туһунан бу курдук кэпсиир: «Түөкүттэр албастара күн-түүн уларыйа турар. Кэлиҥҥи кэмҥэ Ис дьыала уорганнарыгар «фишинг» ньыматынан дьон харчытын сүтэрбитин, саарбах инвестицияҕа харчыларын укпуттарын  туһунан иһитиннэриилэр киирэллэр. «Фишинг» диэн куйаар ситимигэр сымыйа саайтар ааттарыттан логин, пароль, счет реквизиттэрин көрдөөн ылан дьон харчытын сүлэн ылыы буолар. Түөкүттэр үгүс өттүгэр «фишинг» ньыматынан киһи тус дааннайын билэн, холобура «Госуслуги» тус кэбиниэтин (личный кабинет) логинын, кистэлэҥ тылын (пароль) билэн баран, онно ыйыллыбыт информацияны туһанан кини аатыгар кирэдьиит, микрозайм оҥоттороллор. Биллэн турар, тус дааннайы кимиэхэ да этиллибэт диэн ыйыллыбыт сокуон баарын билэн туран, дьон бу угаайыга син биир киирэ турар. Онон хас биирдии киһи тус дааннайдарын харыстыырга, кистииргэ эппиэтинэстээх уонна болҕомтолоох буолуохтаах.

Түөкүттэр киһи уйулҕатын үчүгэйдик билэллэр, артыыс да буолан кубулунуохтарын сөп. Дьон, бастатан туран, өйдүөх тустаах  баан үлэһиттэрэ, быраабы араҥаччылааччылар, биллэр улахан интернет сыһыарыылар тус дааннайгытын көрдөөбөттөр. Түөкүттэр кубулунан эрийиэхтэрин, иһитиннэрии ыытыахтарын сөп. Соһуччу СМС, ватсапка, электроннай почтаҕа ити ыйыллыбыт тэрилтэлэртэн иһитиннэрии туппут буоллаххытына сэрэхэдийиҥ. Түөкүттэртэн харыстабыллаах буоларгыт эһиги тус бэйэҕититтэн тутулуктаах. Массыанньыктар эрийэр түбэлтэлэригэр төлөпүөнүнэн кэпсэтэ барымаҥ. Төһөнөн өр массыанньыктары кытта кэпсэтэҕит, соччонон эһигини “күрүчүөккэ” ылаллар. Эбэтэр электроннай почтаҕытыгар, ватсапкытыгар араас “фейковай”, сымыйа саайтартан иһитиннэрии туппут буоллаххытына эмиэ арыйымаҥ, эппиэттээмэҥ, кэпсэтиигэ тахсымаҥ. Ыксаамаҥ, ыгылыйымаҥ. Түөкүттэр эһиги уйулҕаҕыт хамсыырын, санааҕыт саппаҕырарын эрэ күүтэллэр. Түөкүттэр модьуйууларын төһөнөн түргэнник толороҕут, хамсанаҕыт соччонон түргэнник харчыгытын сүтэрэҕит диэн экспердэр этэллэр.

«Фишинг» ньыматынан түөкүннээһиҥҥэ сааһыттан, үөрэҕиттэн, үлэтиттэн тутулуга суох киһи түбэһиэн сөп. Ордук интэриниэт маҕаһыыннарынан элбэхтик туһанааччылар, куйаар ситиминэн араас оонньууга оонньооччулар уонна  тэрилтэ үлэһиттэрэ угаайыга киирэллэр. Ыксаабыт, ыгылыйбыт санааларыттан харчыларын сүтэрэллэр. Онон хас биирдии киһи болҕомтолоох буолара ирдэнэр».

 

Оскуола үөрэнээччилэриттэн түөкүттэр тустарынан ыйыталаспыппытыгар элбэҕи билэллэрэ үөртэ. Сунтаардааҕы политехническэй лиссиэй 11-с кылааһын үөрэнээччилэрэ Никита Лукин, Арслан Семенов, Денис Афанасьев: “Интэриниэт түөкүннээһин туһунан араас сирдэртэн истэ-билэ сылдьабыт. Ордук куйаар ситимиттэн түөкүттэртэн сэрэхтээх буолуу иһитиннэриилэрэ, сэрэтиилэрэ кэлэр. Тус бэйэбит массыанньыктарга түбэһэ иликпит. Кыра оҕолор куйаар ситиминэн оонньуулларыгар дьоннорун карточкаларын туһаммыт буолаллар. Ол түмүгэр дьонноро харчыларын сүтэрэллэр. Онон кыра оҕолорго эмиэ өйдөтүү-сэрэтии үлэтин ыытыахха наада».

Бу судургу быраабылалары тутустаххытына түөкүттэртэн харысхаллаах буолуоххут.

– Куйаар ситиминэн кэлэр араас билбэт сигэлэргитинэн кииримэҥ, туттумаҥ.

– Куйаар ситиминэн атыылаһар буоллаххытына эрдэ төлөбүрү оҥорумаҥ.

– Ханнык саайтан сакаас оҥороргутун үчүгэйдик үөрэтин. Түөкүттэр соруйан биир буукубанан саайт аатын сыыһа суруйуохтарын сөп. Оччоҕо сымыйа саайтарга түбэһэҕит.

– Куйаар ситиминэн атыылаһар түгэҥҥитигэр атын анал төлөбүр карточкатын оҥостон туттун. Онно атыылаһар эрэ харчыгытын угуҥ.

Бу тэттик быраабылалары тутустаххытына аныгы кэм түөкүттэриттэн харысхаллаах буолуоххут.

Мира АФАНАСЬЕВА