Дойдуларын көмүскүү туруммут хорсун, ходуот уолат­тарбытыгар чугас дьоннорун таптала, эрэлэ харысхал буолар. Күннэтэ кинилэри киир­сии толоонуттан кыайыы көтөллөөх кэлэллэрин дьиэ кэргэттэрэ көһүтэн эрдэхтэрэ… Бүгүҥҥү хаһыаппыт нүөмэригэр кэргэнин анал байыаннай дьа­йыыга атаа­ран баран, ыарахантан чаҕыйбакка, эмиэ бэйэтэ хорсун санаа­лаах далбар хотуну Эльвира Ананьеваны кытта СВО кыттыылааҕын дьиэ кэргэттэрэ аҕалара суох кэмигэр хайдах дьаһанан олороллорун туһунан кэпсэттибит.
– Эльвира Викторовна, үтүө күнүнэн! “Сунтаар сонуннара” хаһыакка кэпсэтиигэ тахсыбыккар махтанабын! Мин билэрбинэн эн кэргэниҥ И. анал байыаннай дьайыы кыттыылааҕа буолар. Кэргэниҥ олоҕор суолталаах быһаарыныы ылыммытын эн чугас киһитэ хайдах ылынныҥ?
– Кэргэним дойдуга ыарахан балаһыанньа бүрүкээбитигэр санаалыын уларыйбыта. И. чугас кыра аймах быраата аармыйаҕа сулуспалаан баран, контракт баттаспытын истибитэ. Оннооҕор эдэркээн уолаттар дойдуларын көмүскүү туруннулар, мин эмиэ барыахтаахпын диэн этэр буолбута. Аны туран мин бииргэ төрөөбүт быраатым эмиэ анал байыаннай дьайыыга барар буолбута. Ол кэнниттэн кэргэним майгыта-сигилитэ уларыйбытын тугу эрэ кистиир курдук туттарын эппинэн-хааммынан билбитим, сэрэйбитим. Ол эрэн, таспар көрдөрбөт этим. Биир үтүө күн кэргэним уора-көстө докумуон хомуйса сылдьарын билбитим. Биллэн турар, мин бастаан утарыласпытым. Кэргэним олоҕор улахан суолталаах быһаарыыны ылыммытын өйдөөммүн киһилии хомуйан, бэрийэн ыытыахтаахпын диэн докумуонун толорсуутугар көмөлөһөн саҕалаабытым. Кыргыттарбынаан аҕабытын чиэстээхтик сулууспалаар диэн атаарбыппыт. Төһө да, биһиэхэ чугас киһибитин ыраах атаарарбыт ыараханын иһин таспытыгар көрдөрбөтөхпүт. Киниэхэ эрэнэрбитин, күүтэрбитин эппиппит. Кини суох кэмигэр биһиги сатаан дьаһанан олорор кыахтаахпытын эрэнэрэ.
Биһиги дьиэ кэргэҥҥэ аҕабытын анал байыаннай дьайыыга атаарбыппыт кэннэ бастакы ыйдарбыт олус ыарахан этэ. Аҕабыт өр кэмҥэ сибээскэ тахсыбакка сылдьыбыта. Онуоха мин тустаах дьоҥҥо аҕабытын көрдүүргэ көмөлөһүҥ диэн биллэрбитим. Сотору кэминэн аҕабыт сибээскэ тахсан үөрдүбүтэ. Күүтэ хаалбыт дьоҥҥо чугас киһигиттэн үтүө сурах истэр, тутар саамай күндү буолар.
– Олоххо араас түгэн буолар. СВОҕа сылдьар дьон дьиэ кэргэнэ төһө өйөбүллээҕий, харысхаллааҕый?
– Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын чугас дьонун бөлөхтөрүгэр баарбын. Бөлөххө кэпсэтиилэриттэн көрдөххө, ордук кэрэ аҥаардар дьиэ ис-тас үлэтигэр көмөҕө наадыйаллар. Мин тэрилтэм дьоно көмөлөһөргө мэлдьи бэлэмнэр. Бэл оннооҕор, дьиэбин баһаарынай өттүнэн төһө харысхаллааҕын көрбүттэрэ. Онон тэрилтэм дьонугар махтанабын. Кэргэним чугас доҕотторо, үлэлиир кэлэктиибэ туохха наадыйарбытын ыйыталаһа тураллар. Тус бэйэм юрист өҥөтүгэр наадыйбыппын улуус дьаһалтата түргэн кэм иһигэр быһаарбыта. Сунтаар нэһилиэгин дьаһалтата эмиэ тустаах дьоҥҥо мас, муус тиэйиитигэр, күннээҕи олох-дьа­һах кыһалҕатыгар көмөлөһөрүн истэбин. Нэһилиэк баһылыга Эдуард Филиппов бэйэтинэн сылдьан көмөлөһөр диэччилэр. Үөрэх дьыла саҕаламмытыгар оҕолорбутугар оскуола пуорматын босхо ылбыппыт, бастакы кылааска барар оҕолордооххо үөрэнэр тэрил биэрбиттэрэ. Аҥаардас көмө эрэ диэн буолбакка болҕомто баара үөрдэр. Биһиги аҕаларбыт, кэргэттэрбит дойдуларын көмүскүү туруммуттара хорсун быһыы буоларын мэлдьи истэ-билэ сылдьабыт, кинилэринэн киэн туттабыт. Волонтердар көмөлөрүн этэр эмиэ тоҕоостоох. Бу аҕыйах хонуктааҕыта кэргэним анал байыаннай дьайыы буола турар сиригэр Аҕа баһылыкпытын Анатолий Григорьевы кытта көрсөн наадалаах тэриллэрин тутан үөрбүттэрин кэпсээбитэ. Ол аата, биир дойдулаахтарбыт СВО кыттыылааҕын дьиэ кэргэнигэр эрэ буолбакка саллааттарга эмиэ көмөнү оҥороллоро үөрдэр.
– Бу сайын кэргэниҥ сынньалаҥыгар кэлэ сырытта. Аҕаҕытын хайдах көрүстүгүт?
– Бу сайын кэргэним сулууспалаабыта 6 ыйа туолбутун кэннэ уоппускаҕа кэлэ сылдьыбыта. Эмискэ кэлэбин диэн биллэрбитэ. Тутатына кыргыттарбытынаан аһылык астыыр түбүгэр түспүппүт. Дьиэтигэр кэлэн дуоһуйбута хараҕар көстөр этэ. Тэлгэһэҕэ кирилиэскэ олорон аҕыйах хонуктааҕыта кыргыһыы толоонугар сылдьыбытым билигин дьиэбэр олоробун диэн итэҕэйбэт этэ. Саха эр киһитэ айылҕаттан тоҥуй майгылаах. Ол эрэн, кэргэним сымнаабыт дуу дии санаабытым. Урут дьиэ кэргэнигэр биһиэхэ тоҥуй соҕус сыһыаннаах эбит буоллаҕына… бу сырыыга биһиги аттыбытыттан ханна да арахпата, сынньалаҥын биһигини кытта атаарда. Анал байыаннай дьайыыга тугу көрбүтүн миэхэ кэпсээбэт, мин да ити тиэмэни таарыйбат буола сатыыбын. Дьиэ кэргэн ис эйгэтэ ыал ийэтиттэн, миигиттэн, олус тутулуктаах. Ол иһин, бэйэбин, оҕолорбун харыстыыбын. Куһаҕаны истэрбиттэн туттунабын. Мин саныахпар анал байыаннай дьайыы кыттыылааҕын дьиэ кэргэнигэр, тус бэйэлэригэр анал идэлээх уйулҕа үөрэхтээхтэрин көмөтө наада. Баҕар ким эрэ ыар санааҕа баттатан ис санаатын сатаан эппэккэ, таһаарбакка сылдьара буолуо… Кыргыһыы толоонуттан ыһыллыбыт уйулҕалаах дьоммут кэллэҕинэ саамай чугас дьоно билэн эрдэхпит. Салгыы маннык дьоҥҥо реабилитацияны ааһарга үлэ барыаҕын наада. Билигин СВО-ҕа сылдьар кэргэттэрдээх кэрэ аҥаардар кыратык да кэпсэттэхпитинэ, санаабытын үллэһиннэхпитинэ чэпчээбит курдук буолабыт. Баҕа санаабыт диэн кэргэттэрбит тыыннаах, доруобай эргиллэн кэллиннэр…

Мира АФАНАСЬЕВА

Читайте дальше