Сунтаар улууһугар 2024 сылга элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэри уһаайбанан хааччыйыы тосхолунан 775 ыал уочаракка турар. Быйыл бу халыҥ уочарат биллэ аччаата. Ол курдук, Сунтаар нэһилиэгэр “Өтөөкү” диэн тыытыллыбатах күөх айылҕалаах, киэҥ ырааһыйаны элбэх оҕолоох 266 дьиэ кэргэттэргэ саҥа дьиэ тутталларыгар диэн түҥэттилэр. “Өтөөкү” федаральнай трасса кытыытыгар турар. Эмиэ бу сир утары элбэх оҕолоох ыалларга “ЯАССР 100 сыла” диэн саҥа оройуон баар. Билигин бу учаастакка саҥа дьиэлэр биир-биир дьэндэйэн эрэллэр.
Дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин уурааҕынан, элбэх оҕолоох ыалларга бэриллэр сир инфраструктурата толору баар буолуохтаах диэнинэн “Өтөөкү” сирин суолун-ииһин, уотун-күөһүн эмиэ оҥоруохтаахтар. Ону таһынан, баһаарынай резервуар бэлэмниэхтээхтэр. Сирин уотун бэлэмнээһини тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин федеральнай тосхолунан оҥоһуллуоҕа. Билигин 2024 сылга уот ыстаансыйата оҥоһуллан киириэҕэ. Уот киирдэҕинэ бу сиргэ элбэх оҕолоох ыаллар дьиэ туттан саҕалыахтара.
Бэдэрээччигинэн ООО ГСК «Проект»диэн тэрилтэ буолла.
Мира АФАНАСЬЕВА