Өрөспүүбүлүкэтээҕи «Мы все с ВОИ» бэстибээлгэ кытынныбыт

Норуокка ааттанарынан инбэлииттэр диэн кимнээҕий? Биһиги дойдубутугар доруобуйаларынан хааччахтаах дьон (люди с ограниченными возможностями) , оттон омук сиригэр эбии болҕомтоҕо наадыйар дьон (люди с дополнительными потребностями) диэн ааттыыллар эбит.
Улуу Туймаада туонатыгар “Үүнэр көлүөнэ тыйаатырыгар” ( ТЮЗ) бу дьон айар бэстибээллэрэ буолан ааста. Бүтүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн бу элбэх ахсааннаах аармыйаны бэрэссэдээтэл Ирина Лебедева салайан илдьэ сылдьар эбит. Оттон биһиги улууспутугар бу үлэни өр сыл дьону кытта үлэҕэ уопуттаах Наталья Максимова сүрүннүүр. Маннык бэстибээл сылын аайы ыытыллар эбит.

Быйылгы сылга улуустан үс буолан баран кыттан кэллибит. Кириэстээхтэн сүрдээх кэрэ, күүстээх куоластаах Альберт Данилов, Хадантан кылы ыллатар уус тарбахтаах Мираида Попова улахан быыстапкатын уонна мин бэйэм айбыт үгэбинэн кыттан кэллибит. Быйыл барыта 10 улуус кытынна. Суол хаайтарыыта буолан сорох улуустар тиийбэтэхтэр.

Бу улахан күрэххэ Мираида Попова өрөспүүбүлүкэ ааттаахтарын ортотугар 2-с миэстэни ылан отой тутум үрдээн кэллибит. Бастакы миэстэни тарбахтарыгар талааннаахтарга Тааттаттан Клава Читаева ылла. Дьэ, манна бааллар эбит улуу артыыстар, талба талааннар. Ырыаҕа урут филармонияҕа ыллыы сылдьыбыт Константин Иванов бастыан бастаата. Ол эрэн биһиги Альбербытын эрэ көрөөччүлэр “биис” хаһыынан атаарбыттара элбэҕи эттэ. Хоһоон ааҕыытыгар Тааттаттан Александра Соловьева “Дьэдьэннээх отон” туһунан көрдөрө-көрдөрө, араастаан туттан-хаптан олус иэйиилээхтик ааҕан бастаата. Араас музыкальнай үстүрүмүөҥҥэ эмиэ Тааттаттан Петр Башарин отой үрдүк таһымҥа оонньоон муҥутуур бастыҥ буолла. Үҥкүүгэ иирэ талахтыы имигэс Амма талыы кыысчаана көрөөччүлэр сүрэхтэрин тутан үөрдэ-көттө. Отой билбэт дьонум буолан, сорохторун ааттарын өйдөөн хаалбатым. Бу кэнсиэри култуурнай тэрийээччи Николай Прокопьев нууччалыы-сахалыы суккуйан уу сүүрүгүнүү иҥнигэһэ суох ыытта. «Бары кыттааччылар, эһиги манна тиийэн кэлэн кыттыбыккытынан бары кыайыылаахтар буолаҕыт» диэбиттэрин мин олус сэргии иһиттим, туоһу сурук, сэмэй бэлэх тутан сэгэйэ үөрдүбүт. Бу маны көрөн олорон дьон күүстээх санаатыттан, үтүөҕэ-кэрэҕэ дьулуһууларыттан, олоххо тардыһыыларыттан сөхтүм уонна хайҕаатым. Бу дьоҥҥо сирдэтэ, сиэтиллэ сылдьан ыллыыллара кэрэтин, тылларын умнубаттара сөхтөрдө.

Улууска “Доступная среда” диэн бырагыраама чэрчитинэн кэлэр-барар айаммыт ороскуотун улууспут уйунна. Өйөөн-өйдөөн Ийэ, Аҕа күннэригэр сөп түбэһиннэрэн улуу Туймаадаҕа баран күүлэйдээн, сынньанан, саҥа киинэни, улуу артыыстар улахан кэнсиэрдэрин көрөн-истэн, оҕолорбутун көрсөн кэлбиппититтэн мин биир бэйэм олус үөрдүм уонна салайааччыбытыгар Наталья Ильиничнаҕа, бары тэрийэн ыыппыт дьоҥҥо ийэлии махталбын тиэрдэбин. Түргэн, сыыдам сырыылаах таксист Айаал Куприянов олох инники олбоххо олордон сымнаҕастык илдьэ сырытта. Эдэр киһи аартыгыҥ куруук аһаҕас буоллун!

Зинаида ФЕДОТОВА-Дьол Кыыма

Читайте дальше