Дьокуускайга архитектура уонна дизайн декадатын чэрчитинэн, кулун тутар 29-31 күннэригэр XIX төгүлүн ыытыллар өрөспүүбүлүкэтээҕи архитектурнай-художественнай айар куоҥкурус – олимпиада буолла.
Күрэс ХИФУ техническэй факультетын куорпуһугар тэрилиннэ. Манна өрөспүүбүлүкэ араас улууһуттан уонна Дьокуускай куораттан барыта 31 үөрэх кыһата кытынна. Олимпиадаҕа 180 оҕо саастарынан икки бөлөххө арахсан күрэхтэстилэр. Ол курдук, улахан бөлөх – 10-11-с, кыра бөлөх – 7-9-с (5-6-с) кылаастар. Маннык номинацияларга арахсан үлэлээтилэр: уруһуй, архитектурнай композиция, черчение, живопись уонна дизайннаах композиция. Быыстапкаҕа 12 араас номинацияҕа барыта 230 үлэ киирдэ. Үлэлэри ХИФУ, ЯХУ, АГИКИ, архитектордара уонна дизайнердара дьүүллээтилэр. Быйыл Сунтаартан эксперт быһыытынан бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор СӨ үөрэҕириитин туйгуна, Арылаах орто оскуолатын технология, изо учуталынан үлэлээбит Розалия Иванова ыҥырыллан үлэлэһэн кэллэ.
Ону тэҥэ, декада чэрчитинэн научнай – практическай конференция буолла уонна «ВОРКШОП» хамаанданан бырайыактааһыҥҥа холоннулар. Бу үгэс быһыытынан ыытыллар олимпиада аҕам саастаах уонна эдэр көлүөнэ архитектордар уопуттарын атастаһыытыгар ананна. Манна Мииринэй, Нерюнгри, Сунтаар улуустарыттан уонна Дьокуускай куорат 26 №- дээх оскуолатын архитектура уонна дизайн студиятын үөрэнээччилэрин холбоһуктаах хамаандалара кытыннылар. Кыттааччыларга куратордарынан Саха сирин Архитектордарын сойууһун бырабылыанньатын чилиэннэрэ, бырайыактыыр уонна архитектурнай бюро архитектордара Джамиль Федорова, Иван Кычкин, Ньургуйаана Павлова уонна Алина Фомина буоллулар. Оҕолор бэрт кылгас кэм иһигэр Дьокуускай куорат Щорс күөлүн тупсарыыга интэриэһинэй концепцияны ылыннылар. Бэрт сонун, ураты идиэйэлэрин, этиилэрин киллэрдилэр. Ол курдук, түмүккэ «Сымыыт» хамаанда «Бастыҥ концептуальнай бырайыак» номинацияны, «Мандарин» хамаанда — «Бастыҥ хамаанданан үлэ», «Эдэр архитектордар» хамаанда «Бастыҥ » номинацияны ыллылар, оттон «Эбэ» хамаандата «Бастыҥ үлэлээх бырайыак» номинацияҕа бастаата.
Уопсай түмүккэ Гран-При үрдүк аатын ыллылар – Мэҥэ Хаҥалас улууһа (сал. Н.Ф.Попова), I миэстэ – Сунтаар улууһа (сал. Д.В. Иванова), II миэстэ – Верхоянскай улууһа (сал. А.В.Репкина), III миэстэ – Нерюнгри (сал. А.С. Пономарева).
Маннык күрэстэр оҕолорго, салайааччыларга саҥаны-сонуну билэргэ, айарга-тутарга улахан төһүү күүс буолаллар. Кыттааччылар уонна дьүүллүүр сүбэ куоҥкурус сылын аайы таһыма үрдээн, кыттар үлэлэр хаачыстыбалара тупсан иһэрин бэлиэтээтилэр. Биир дойдулаахтарбытын ситиһиилэринэн эҕэрдэлиибит.
Алена ИВАНОВА