Кэлэр нэдиэлэҕэ, муус устар 27 күнүгэр, саха норуотун историятыгар ураты суолталаах Өрөспүүбүлүкэ күнүн көрсүөхпүт. Бу манна ыытыллар тэрээһиннэри былаанныыр сыаллаах, бүгүн улуус аактабай саалатыгар сүбэ мунньах буолла. Бэлиэ күнү көрсө, улууспутугар нэдиэлэ устата араас хабааннаах тэрээһиннэр, күрэстэр тэриллэн ыытыллыахтара. Тустаах тэрилтэлэр Сунтаарбыт нэһилиэгэр баар пааматынньыктары ыраастааһыҥҥа субуотунньуктары тэрийиэхтэрэ. Киэн туттар, өйдөбүнньүк мэҥэ таастарга сибэкки дьөрбөтүн ууруу, үөрүүлээх быһыыга-майгыга наҕараадалары туттарыы, эҕэрдэлэр буолуохтара о.д.а. тэрээһиннэр чопчуланыахтара.
Уһулуччу суолаталаах, Өрөспүүбүлүкэбит күнүн бэлиэтиир дьоһун бырааһынньыкпыт өрө көтөҕүллүүлээхтик үрдүк таһымҥа ыытыллара быланнанар.
«Сунтаар сонуннара» улуус хаһыата