Өрөспүүбүлүкэҕэ бастыҥ иитээччилэр истэригэр Сунтаартан Надежда Павлова

Бу сибилигин Дьокуускай куоракка өрөспүүбүлүкэтээҕи «Бастыҥ иитээччи» күрэс түмүктэннэ. Сунтаар улууһуттан «Кыталык» уһуйаан иитээччитэ Надежда Павлова ситиһиилээхтик кытынна. 26 кыттааччыттан Надежда 5 бастыҥнар истэригэр финалга киирэн улууһун аатын чиэстээхтик көмүскээтэ. Финалист үрдүк аатын ылла. Кыттааччылар 3 күн устата араас түһүмэхтэргэ, тэрээһиннэргэ, аахсыйаларга кыттыыны ыллылар.

Куорат уһуйааннарыгар оҕолору дьарыктаатылар, оҕону иитиигэ саҥа ньымалары туһаналларын билиһиннэрдилэр, дьоҕурдарын көрдөрдүлэр.

Түмүккэ 5 бастыҥ иитээччи талыллан аһаҕас кэпсэтиигэ кытынна. Манна Надежда Павлова оҕо эргиччи сайдыылаах буоларыгар, төрөөбүт тылынан ыраастык саҥарарыгар- төрөппүтү кытта ыкса ситимнээхтик үлэлээтэххэ эрэ доруобай, ситиһиилээх оҕону иитэн таһаарабыт диэн ылыннарыылаах этиитин ытыс тыаһынан айхаллаатылар. «Маннык улахан таһымнаах күрэскэ улууһум аатыттан кыттыбыппыттан киэн туттабын. Миигин өйөөбүт биир идэлээхтэрбэр махталбын тиэрдэбин. Күрэскэ кыттыым олоҕум биир умнуллубат, чаҕылхай түгэнэ буолла» диэн күрэс кэнниттэн санаатын үллэһиннэ. Маннык таһымнаах күрэстэр оҕону кытта ыкса үлэлиир дьоҥҥо- иитээччилэргэ сайдыыны, билиини аҕалара саарбаҕа суох.

Мира АФАНАСЬЕВА

Читайте дальше