РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин кэлэр 2024 сылы дойдуга Дьиэ кэргэн сылынан биллэрэн турар. Бу быһаарыы дьиэ кэргэни өйүүргэ, бары өттүнэн көмүскэллээх буоларын хааччыйарга туһуламмыта саарбаҕа суох.
Быйыл сэтинньи 23 күнүгэр СӨ Ил Дархана Айсен Николаев дойду үрдүнэн Ийэ күнүн көрсө элбэх оҕолоох уонна өрөспүүбүлүкэ социальнай-экономическай сайдыытыгар кылааттарын киллэрбит ийэлэргэ судаарыстыбаннай наҕараадалары туттарбыта. Бу тэрээһиҥҥэ Сунтаартан элбэх оҕолоох икки ийэ «Ийэ Албан аата» анал бэлиэ III истиэпэнинэн наҕараадаламмыттара. Бүгүн биһиги бу үрдүк наҕараадаҕа тиксибит Сунтаар улууһун Туойдаах нэһилиэгин элбэх оҕолоох ийэтэ Валентина Николаевна дьиэ кэргэнин кытта кэпсэттибит, тыа сирин сайдам ыала олоҕун-дьаһаҕын билистибит.
Ераскумовтар дьиэ кэргэн Туойдаах нэһилиэгин биир киэн туттар, бигэ тирэхтээх ыала. Ыал ийэтэ Валентина Николаевна олохтоох оскуолаҕа дириэктэри иитиигэ уонна оскуола иннинээҕи саастаах оҕо тэрилтэтин кытта үлэлэһиигэ сүбэһитэ. Ыал аҕата Герасим Гаврильевич ИП тэринэн сылгы иитиитинэн дьарыктаммыта хаһыс да сыла. Ераскумовтар сэттэ оҕолоох саха сайдам ыала.
– Валентина Николаевна, олоҕуҥ аргыһынаан маҥнай ыал буолбуккут туһунан сырдата түһүөҥ дуо?
– Мин бэйэм Чурапчы Одьулуунуттан төрүттээхпин. Оскуола кэнниттэн Бүлүүтээҕи педколледжы бүтэрэн, Сунтаар улууһугар Туойдаах нэһилиэгэр алын кылаас учууталынан ананан кэлбитим. Кэргэммин кытта 2008 с. билсиһэн, 2009 сыллаахха ыал буолбуппут. Кэргэним төрүт Туойдаах. Ераскумовтар диэн эмиэ элбэх оҕолоох төрүт олохтоох ыал улахан уоллара.
– Эрдэттэн элбэх оҕолоох ыал буолуохпут дии саныыр этигит дуо?
– Биһигини ийэ-аҕа дэппит маҥнайгы оҕобут кыыс, оттон иккиспит талбыт курдук уол оҕо төрөөбүтэ. Ол иһин эрдэ уол да, кыыс да баар буолла диэн, хайдах эрэ инникитин элбэх оҕолоох ыал буолуохпут диэн санаабат этибит. Тоҕо эрэ оҕобут элбэх дуу, аҕыйах дуу буолуохтаах эҥин диэн санаалар киирбэттэр этэ. Ол курдук бэйэтэ хайдах эрэ олох хаамыытынан, сиэр-майгы быһыытынан олорон номнуо сэттэ оҕону төрөтөн, элбэх оҕолоох ыал буолан хаалбыппыт.
– Валентина Николаевна, эн педагог идэлээх уһун кэмҥэ үлэлээбит уопуттаах учууталгын. Оттон ыал аҕата Герасим Гаврильевич туох дьарыктааҕый?
– Аҕабыт ИП тэринэн сылгы иитиитинэн дьарыгырар. 2015 сыллаахха тэриммитэ, онтон 2016 сылтан “Начинающий фермер” диэн граны ылан, онон сылгы атыылаһаммыт хаһаайыстыбабытын улаатыннарбыппыт, аҕабыт билигин бу хаһаайыстыба үлэтин иилиир-саҕалыыр.
– Оҕолоргут үөрэхтэригэр ситиһиилээхтэр, ону таһынан араас тэрээһиҥҥэ көхтөөхтүк кытталлар.
– Этэн аһарбытым курдук, бастакы оҕобут, күнү көрдөрбүт чыычаахпыт, кыыспыт Алгыстаана диэн. Кини быйыл номнуо 8-с кылаас үөрэнээччитэ. Оскуола биир үчүгэй үөрэнээччитин ахсааныгар сылдьар. Араас оскуола да, улуус да таһымнаах күрэхтэргэ өрүү кыттар. Кэлиҥҥи кэмҥэ кэтэхтэн кыттыллар күрэх элбээн, арааска барытыгар ситиһиилээхтик кыттар. Ордук үҥкүүлүүрүн уонна сахалыы остуол оонньууларын сөбүлүүр.
Иккис оҕобут эрэлбит, дурдам-хаххам уол оҕото Эрхан, сэттис кылааска үөрэнэр. Бэйэтэ ураты толкуйдаах, элбэх саҥата-иҥэтэ суох, дьоһун туттуулаах-хаптыылаах. Оскуола үчүгэй үөрэнээччитэ. Эмиэ араас күрэхтэргэ, научнай-практическай кэмпириэнсийэлэргэ ситиһиилээхтик кыттар. Бу сотору Москваҕа «Первые шаги в науке» научнай-практическай кэмпириэнсийэҕэ кытта барыахтаах. Үһүс оҕобут кыыспыт Санита алтыс кылааска ситиһиилээхтик үөрэнэр. Үгүс-элбэх кэпсээннээх, санаабытын ситиһэр майгылаах. Эмиэ араас куоҥкуруска ситиһиилээхтик кыттар. Ордук уруһуйдуурун сөбүлүүр. Оттон иккис уолбут Дьулусхан номнуо төрдүс кылаас үөрэнээччитэ. Уол уол курдук сымса, кытыгырас сырыылаах, сүүрэрин-көтөрүн сөбүлүүр. Арыт уоскуйан, саахыматтаан, леголаан да ылар. Үһүс уол Ганя быйыл маҥнайгы кылааска киирдэ. Кини холкутук олорон леголыырын ордорор. Уонна “саамай-саамайдар”, кыра кыргыттар: Кэрэчээнэбит 5 саастаах, уһуйаан иитиллээччитэ, оттон кырабыт, атаахпыт, күммүт Күннэй балтараалаах.
Оҕолор бэйэ-бэйэлэригэр мэлдьи көмөлөсүһэллэр, тутулуга суох бэйэ наадатын быһаарсаллар. Улахаттарбыт илии-атах, көмө дьоно буолан, кыра бырааттарын, балыстарын мэлдьи көрө-харайа сылдьаллар. Дьиэ ис-тас үлэтин толороллор, аҕаларын кытта сылгыларыгар сылдьыһаллар, аһатыыга көмөлөһөллөр.
– Быйыл Ил Дархантан “Ийэ Албан аата” анал бэлиэни туттуҥ. Төһө долгутуулаах түгэн этэй?
– Ил Дархантан үрдүк наҕарааданы ылар долгутуулаах бөҕө буоллаҕа. Кэлбит ийэлэр бары киэҥ саалаҕа мустан, остуол тула олорбуппут. Уҥа-хаҥас камера бөҕөтө, устааччылар да бааллар, хаартыскаҕа түһэрээччилэр да элбэхтэр. Ил Дархан бэйэтинэн киирэн, хас биирдиибитин кытта илии тутуһан наҕараада туттарбыта олус долгутуулаах, умнуллубат, дьоллоох түгэн буолбута. Элбэх көрсүө-сэмэй ийэни кытта билсэн, араас анаммыт тэрээһиҥҥэ сылдьан, олохпор умнуллубат, бииргэ сылдьыбыт дьүөгэм этэригэр дылы «сулустаах чаас» буолбута.
– Билиҥҥи кэмҥэ элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн уустуктары көрсөр дуо?
– Уустуктар хаһан баҕарар бааллар буоллаҕа. Аҥаардас күннээҕи олоххор-дьаһаххар, сыанабыт күнтэн күн үрдүү турара… Ол эрээри бу ордук кэлиҥҥи кэмнэ дойдубут бэрэсидьиэнэ дьиэ кэргэҥҥэ, оҕоҕо олус болҕомтону уурар буолла, дьиэ кэргэни өйүүр араас бырагыраамалар, бырайыактар олоххо киирэн үлэлээн, элбэх оҕолоох ыалга көмө, тирэх, өйөбүл буолаллар.
– Оҕону иитэргэ ордук туохха болҕомто уураҕытый?
– Оҕону иитиигэ сүрүн тутуһар суолбут – бэйэ холобура. Оҕоҕун батыһыннара сылдьан тэҥҥэ хамсанан, бэйэ холобургунан үөрэтэриҥ-такайарыҥ ордук ылынымтыалаах буолар. Ол иһин биһиги куруук, кыһын буоллун, сайын буоллун, оҕолорбутун батыһыннара сылдьабыт. Үлэҕэ, окко-маска эрэ буолбакка, айылҕаҕа тахсан сынньанабыт, сүүрэн-көтөн, мэниктээн, араас күрэхтэри тэрийэн, оҕолорбутун кытта тэҥҥэ оонньуубут. Ол сылдьарыҥ тухары сүбэ-ама буолаҕын, үөрэтэ-такайа, кэпсии сылдьаҕын. Уонна оттон улаатан эрэр оҕо сорох кэмҥэ кыратык кыыһырара, куттуура ханна барыай, онно барытыгар оҕону өйдөөһүн, төрөппүт өттүттэн тулуур баар буолуохтаах.
– Кэнники кэмҥэ эдэр ыал биир үксүн киэҥ сиргэ талаһар…
– Куоракка оҕо сайдарыгар кыах элбэх, ол иһин куорат диэки талаһаллар. Киэҥ сиргэ оҕо сайдыылаах буолар диэн санааттан буолуо. Ол эрэн улахан сир дьалхаана элбэх, олох тэтимэ түргэн, барыта бириэмэ сырсыыта буолар. Оҕо онно сайдарын сайдыа, ол эрээри эттиин-хаанныын, дууһалыын көҥүл буолбат дии саныыбын. Оттон тыа сиригэр улааппыт оҕо ийэ айылҕатын кытта алтыһан, окко-маска, илии үлэтигэр уһуйуллан, эттиин-сиинниин, өйдүүн-санаалыын ураты толкуйдаах, киэҥ дууһалаах киһи буолар диэн өйдөбүллээхпин. Манна, уопсайынан, ким хайдах саныырынан буоллаҕа, киэҥ сири ордорор онно талаһар, тыа сирин таптааччы нэһилиэгэр олохсуйар.
– Валентина Николаевна, истиҥ сэһэргэһииҥ, кэпсээниҥ иһин махтал буоллун! Дьиэ кэргэҥҥитигэр ситиһиилэри, этэҥҥэ олоҕу баҕарабын.
#5летразвитияДФО #достиженияДФО
Марфа ИВАНОВА