Бөҕү-саҕы тиэйиигэ уларыйыылар Арассыыйаҕа 2019 сылтан саҕаламмыттара. Ол курдук, регионнааҕы операторы кытта дуогабардаһан, бөҕү тиэйиини тэрийии олохтоммута.
Биһиги улууспутугар бу сыллар усталарыгар икки оператор уларыйда. Сүрүн биричиинэнэн – үлэни кыайан толорботохторо буолар. Улуус дьаһалтата бу манна көдьүүстээх үлэни ыытан, бу сыл атырдьах ыйыттан бэйэбит улууспутугар баар тэрилтэ бөҕү тиэйиинэн дьарыктанар буолбута барыбытыгар да табыгастаах буолла. Ол курдук, Сунтаардааҕы ЖКС тэрилтэтэ ааспыт өттүгэр Мииринэйдээҕи «Сайдам» тэрилтэни кытары дуогабар быһыытынан бөҕү бэйэтин тиэхиньикэтинэн сыбаалкаҕа илдьэн тоҕор, сыбаалканы эмиэ бэйэтин тиэхиньикэтинэн ыраастыыр, астарар эбит буоллаҕына, аны билигин оператор быһыытынан бары боломуочуйаны барытын тутта.
Сунтаар нэһилиэгэр билиҥҥитэ бөх мунньар 5 былаһаакка баар. Нэһилиэнньэ манна таһаарар бөхтөрүн сыбаалкаҕа тиэйиигэ ЖКС-тар күннэтэ үлэлииллэр. Тиэхиньикэ хаппырыыһырбатар эрэ, үлэһиттэр бөҕү былаһааккаҕа мунньубакка суһаллык, кыраапык быһыытынан, таһаарарга кыһаналлар. Тиэхиньикэ бөхтөөх ууруналары көтөҕөн таһааран анал массыынаҕа тохпутун кэннэ ыһыллар, ону сэргэ былаһааккаҕа ыт да, тыал да ыспыт таска сытар бөҕүн хомуйар үлэһиттэрдээхтэр. Онон билиҥҥитэ таска бөх ыһыллыыта-тоҕуллуута соччо көстүбэт, баҕар хаар саба бүрүйэрэ дуу. Үлэ маннык тэтимнээхтик бардаҕына, сыыйа-баайа бу боппуруос быһаарыллан иһиэ этэ.
Аны манна биир сүрүн боппуруос – оҥоһуллубут өҥө иһин төлөбүр. «Сайдам» тэрилтэҕэ төлүүрбүтүгэр элбэх кыһалҕалары көрсүбүппүт. Холобур, кыбартыыраҕа, дьиэҕэ олорор киһи ахсааныгар сыыһа-халты баарын көннөртөрөргө да буоллун, киһи барыта онлайн киирэн төлөөбөт да түгэнэ баара. Оттон билигин бэйэбитигэр баар тэрилтэҕэ өйдөнүллүбэт боппуруос үөскээтэҕинэ тутатына быһаарсарга да ордук.
ЖКС тэрилтэтэ этэринэн, билигин өҥө иһин төлөбүрү нэһилиэнньэ олох төлөөбөккө олорор эбит. Атырдьах ыйыттан саҕалаан алтынньы ый түмүгүнэн, баара-суоҕа 129 тыһыынча солкуобай төлөммүт. Бу өссө элбэх кыбартыыралаах дьиэҕэ олорооччулар төлөбүрдэрэ. Онтон биирдиилээн ыалтан харчы киириитэ суоҕун кэриэтэ эбит. Ханнык баҕарар үлэ, өҥө иһин төлөбүр баар буолуохтааҕын бары да билэбит. Ити этэр бөхпүтүн хомуйууга, тиэйиигэ, сыбаалканы ыраастыырга барыта киһи үлэлиир, онтон бу киһи хамнастаныан наада. Аны тиэхиньикэбит эмиэ «аһылыга» чэпчэкитэ суох сыаналаах. Оҥоһуллар өҥө иһин төлөбүрү кэмиттэн кэмигэр төлөөбөт буоллахпытына, үлэһиттэр хамнаһа суох үлэлиэ суохтарын, тиэхиньикэ уматыга суох туран хаалыан сөп. Онон, бөхпүт кэмиттэн кэмигэр хомуллан, бөһүөлэкпит ыраас буоларын туһугар бары эппиэтинэһи ылынан төлөбүрү төлүүргэ кыһаныаҕыҥ.
Өҥө иһин төлөбүр сыаната да удамыр. Холобур, чааһынай дьиэҕэ олорор биир киһи ыйга 105 солк.86 харчыны, элбэх кыбартыыралаах дьиэҕэ олорооччу 99 солк.,71 харчыны төлүүр. Холобур, эн дьиэҕэр пропискалаах эрээри, эйиигин кытары олорбот, устудьуоннуур, эбэтэр атын сиргэ олорор, үлэлиир дьиэ кэргэниҥ чилиэнигэр ирдэниллэр докумуон хомуйан ЖКС-тарга илдьэн биэрдэххинэ, ону учуоттаан, билигин хас киһи олорорунан төлөбүрү ылаллар. Оттон тэрилтэ 1 куб.м. бөҕүн иһин төлөбүрэ – 675 солк., 99 харчы.
Төлөбүрү ый аайы Строд уулуссатын 52 №-дээх дьиэтигэр баран төлүүгүн, эбэтэр онлайн эмиэ ыытыаххын сөп. ЖКС рекзивиттэрэ:
Наименование организации: ООО «Жилкомсервис»
ИНН: 1424008397
КПП: 142401001
Счет получателя платежа: 40702810976000008902
БИК: 049805609
К/с: 30101810400000000609. Манна «назначение платежа» диэҥҥэ аадырыскын уонна ТКО өҥөтө диэн эбэһээт суруйуоххутун наада.
Төлөбүр, о.д.а. мунаахсыйар ыйытыыларгытын ЖКС кассатын бу нүөмэринэн 8(41135)23-2-49 эрийэн билсиэххитин сөп.
Яина ВЛАСЬЕВА