“Саха” национальнай көрдөрөр-иһитиннэрэр хампаанньа ааспыт тохсунньу ый 15 күнүттэн саҕалаан саҥа буруолуу сылдьар “Эн эрэ” диэн 16 сиэрийэлээх психологическай ис хоһоонноох дьиэ кэргэн драматын көрдөрдө. Киинэ сценариһынан биллэр теле-суруналыыс, суруйааччы, үгүс элбэх сериал-киинэ сценарийын ааптара Сардаана Сивцева-Даана Сард. Оттон киинэ режиссерунан Ольга Ушницкая үлэлээтэ. Күннээҕи олохпут араас сытыы кыһалҕаларын таарыйан уонна ону күөх экранынан көрдөрүү үтүө үгэскэ кубулуйбута балайда син ыраатта. Киинэни көрүөхпүт эрэ иннигэр эстрада маанылаах куолаһа Ирина Елизарова “Эн эрэ” диэн ырыатынан бэртээхэй саундтрегы көрөн уонна истэн ааһабыт.
Хас биирдии киинэ туох эрэ төрүөккэ олоҕуран уһуллар. Ол кэннэ улахан күүстээх үлэ түмүгэ киэҥ эйгэҕэ тахсан көрөөччү биһирэбилин ылар уонна көрөөччү ону тута сыаналыыр үгэстээх. Бу киинэҕэ төрөппүттэр ыччат оҕолорун кытта сыһыаннара толору ойууланан көрөөччү кутун таарыйда. Ол курдук, киинэ сүрүн дьоруойдара Тамара, Надя уонна Лорхен. Бу үс дьүөгэлиилэр урут устудьуоннуур кэмнэригэр буолбут түбэлтэ оҕолорун алтыһыытыгар дьайар. Былыр табыллыбатах бастакы таптал аныгы дьоруойдар дьылҕаларыгар дьайбытын киһи биир тыынынан олорон эрэн көрөн өйдөөтө. Хас биирдии дьоруой олоҕо туспа суолталаах.
Киинэ саамай тупсарыллыбыт өрүтүнэн биир сүҥкэн уратылаах. Бу иннинэ көстүбүт сериаллар дьоруойдарын дьылҕаларын, бэл таайыллыбатах таабырыннарын көрөөччү ону бэйэтэ тута быһаарааччы. Оттон манна персонажтар бары кадр быыһыгар көрөөччүлэргэ өссө ордук тиийимтиэ уонна өйдөнүмтүө буоларын гына бэйэлэрин тус санааларын уонна биричиинэлэрин быһааран биэрэллэрэ олус улахан тоҕоостоох. Психологическай драма быһыытынан сиппит-хоппут улахан үлэ диирбит оруннаах.
Сериал интэриэһинэй араас сюжетнай линияны хабар. Ол курдук, сериал сүрүн дьоруойдарыттан биирдэстэрэ, огдообо хаалбыт соҕотох ийэ уобараһын Тамара бэрт ырылхайдык уонна итэҕэтиилээхтик көрдөрөр. Кини кэргэнэ олохтон барбытын кэннэ дьиэ кэргэн олоҕун линиятын Тамара сүрүннүүр. Ханнык баҕарар төрөппүккэ саамай күндүтэ оҕолоро буолар. Тамара икки көмүс чыычаахтара Айаана уонна Мичил иккиэн устудьуоннар. Куорат билиҥҥи сүпсүлгэннээх олоҕор оҕустарбакка икки оҕону иитии уонна ипотеканы төлөөһүн кыһалҕата барыта ийэ санныгар сүктэриллэр. Олору толорор наадаттан иккис үлэҕэ муоста сууйааччынан кытта киирэр. Манна саамай сүрүнэ кинилэр түргэн соҕустук ипотека хабалатыттан тахсар баҕа санаалаахтар. Ол иһин атыҥҥа харчыны бараабакка, өлөрбүт харчытын кэнбиэргэ уурунан иһэр.
“Эн эрэ” сериалга сиэр-майгы, доҕордоһуу көстүүтэ биир сүрүн миэстэни ылар. Ол курдук, Тамара холоонноох доҕоро, кэргэнэ олохтон эрдэ барбытын кэннэ санаатыгар тулаайахсыйбыкка дылы буолар. Тома устудьуоннуур эрдэҕиттэн эн-мин дэсиһэн илдьэ кэлбит бастыҥ дьүөгэтэ Надя. Кини – сытыы-хотуу, амарах-аһыныгас дууһалаах. Надя баар-суох дьүөгэтин Тома ыарахан кэмигэр куруук аттыгар баар буолар, өйдүүр-өйүүр, бэл, харчынан көмөлөһөр. Тамара тус олоҕор ыра санаата дьиэтин ипотекатын төлөөһүнэ буолар. Надя дьүөгэтин аһынан, ипотекатын сабан көмөлөһөрдүү сананар. Кэргэнэ Илья утарылаһарын үрдүнэн, бааҥҥа баран Тамара ипотекатын хаалбыт төлөбүрүн барытын сабан кэбиһэр. “Үтүө майгыҥ – көтөр кынатыҥ” диэн киһиэхэ саамай дириҥ, үчүгэй ис хоһоонноох өс хоһооно баар. Онон, Тамара ханнык да түгэҥҥэ доҕордоох уонна оҕолордоох буолан өлөн-охтон биэрбэт. Кини тулатыгар арыаллыыр, истиҥ дьонноох. Оттон кэргэнэ аттыгар төһө даҕаны суох буоллар, кинини куруук истиҥник саныыр. Кыргыттар өссө биир дьүөгэлэрэ Лорхен буолар. Киһи биирдэ кэлбит олоҕор таптал үрдүк чыпчаалыгар сүгүрүйэр. Лорхен Гришаттан уол оҕолонор. “Оҕо – таҥара бэлэҕэ, оҕо – киһи сирдээҕи дьоло” диэн мээнэҕэ эппэттэр. Аҥаардас ийэ биир суос-соҕотох кыра оҕотун Биичэни бэйэтэ иитэр. Гришата атын дьахтарга иирэн барбытын кэннэ тиһэҕэр охсуу ылан быстах дьылҕаланар. Надя дьүөгэтин аһыйан уонна кинини убаастаан туран кыракый Биичэтин кэргэнин Ильяны кытта биир тылга киирэн, ииттэ, ылан үтүө дьыаланы оҥороллор. Кинилэр уолу бэйэлэрин төрөппүт оҕолорун курдук бүөбэйдээн оҕо сааһы, оҕо дьолун харыстыыллар, олоҕу билэргэ үчүгэй кэми үөскэтэллэр, итиэннэ атаҕыгар туруоран киһи бэрдэ гыналлар. Ким доҕордоох, ол дьоллоох дииллэрин курдук бу маннык түгэҥҥэ кыргыттар ыккардыларыгар дьиҥнээх доҕордоһуу сыһыан баарын бэлиэтиибит.
Сиэр-майгы көстүүтүгэр таптал тиэмэтэ улахан оруолу ылыан ылар. Таптал саамай күндү, нарын, килбик. Таптала суох олох суох. Мичил бииргэ үөрэнэр дьүөгэтэ Милена. Кини кыахтаах ыал мааны оҕото, кыыс тас көрүҥэр уолаттар бары тардыһаллар. Мичил дьүөгэтин наһаа таптыыр, кини ыарахан кэмигэр куруук аттыгар баар буолар. Манна кинилэр бэйэ-бэйэлэригэр истиҥ сыһыаннара, тапталлара сойбот диэн бэлиэтиир тоҕоостоох. Милена оруолун аан бастаан көрөрбүтүгэр улахамсык, тоҥуй курдук эрээри, кэлин тиһэҕэр доҕорун Мичил балтын Айаананы ыарахан балаһыанньаттан быыһаабыта кэрэхсэбиллээх быһыы-майгы сигилитин көрдөрөр. Куһаҕан үчүгэйдээх, үчүгэй куһаҕаннаах буолуон эмиэ сөп.
Онон, саҥа “Эн эрэ” диэн сериалы умсугуйан көрдүбүт, кэрэхсээтибит. Ыччат дьон өссө ордук сэҥээрдэ. Киһи олоҕор сиэр-майгы көстүүтэ олус улахан суолталаах. Киһи киһиттэн үөрэнэр.
Артем ОСИПОВ