Элгээйигэ — Аан дойдутааҕы Көтөрдөр күннэрэ

Бэҕэһээ, муус устар 1 күнүгэр, Элгээйи олохтоох бибилэтиэкэтигэр Б.Н.Андреев аатынан ЭРМЭК көҕүлээһининэн, Уйбаан Нуолур аатынан модельнай бибилэтиэкэ тэрийиитинэн, Аан дойдутааҕы Көтөрдөр күннэригэр аналлаах «Көтөрдөр-биһиги кынаттаах доҕотторбут» диэн алын кылаас оҕолоругар экологическай бырааһынньык тэрилиннэ.

Оҕолор кыра саастарыттан айылҕаны таптыы, харыстыы улааталларыгар туһаайыллыбыт тэрээһин ис хоһооно сүрдээх киэҥ буолла. Бу күн Устье олохтоох бибилэтиэкэтин сүрүннүүр бибилэтиэкэрэ Василисса Андреева «Хаартыскаҕа — көтөрдөр» диэн авторскай быыстапкатын туруорда уонна хас биирдии хаартыскаҕа түһэрбит көтөрдөрүн тустарынан, хаһан, ханна түһэрбитин сүрдээх кэрэхсэбиллээхтик кэпсээн оҕолор, учууталлар киэҥ сэҥээриилэрин ылла. Василисса Михайловна айылҕаны, чуолаан көтөрдөрү, кыыллары хаартыскаҕа түһэрэн үйэтитэр дьикти дьарыгынан үлүһүйбүтэ хайыы-үйэ бэһис сыла. Фотограф кыраҕа хараҕынан барыта Сунтаар улууһун 60-тан тахса көтөрүн көрүҥэ хаартыскаҕа хатаммыт. Салгыы бу тэрээһиҥҥэ айылҕаттан ураты талааннаах, көтөрдөрү үөрэтиинэн дьарыктанар П.Х.Староватов аатынан Элгээйи орто оскуолатын 5-с кылааһын үөрэнээччитэ, Арассыыйа таһымнаах НПК хас да төгүллээх лауреата Никита Никитин көтөрдөр саҥаларын үтүктэрин туһунан научнай дакылаатын сырдатта. Никита бу күннэргэ СӨ Наука алын Академиятын чилиэн коррепондена буолла. Никита салайааччыта Сардаана Герасимова Никита чаччыгыныары кэтээн көрүүтүн туһунан стендэтин, үөрэнээччитин дьарыгын, ситиһиилэрин, инники былааннарын билиһиннэрдэ. Ону тэҥэ, Сардаана Михайловна көтөрдөр кынаттарын, атахтарын мунньубут ураты быыстапкатын бибилэтиэкэҕэ туруорда. Салгыы алын кылаас оҕолоро түөрт хамаанда буолан «Көтөрдөрү төһө билэҕит?» диэн билиини тургутар улахан күрэскэ күрэстэстилэр. Күрэхтэһээччилэри үс чилиэннээх дьүүллүүр сүбэ сыаналаата. Дьүүллүүр сүбэҕэ С.М. Герасимова, В.М. Андреева уонна Никита Никитин бааллар. Күрэстэһээччилэр көтөрдөрү ырыаларыттан, күлүктэриттэн, атахтарыттан төһө билэллэрин, көтөрдөргө аналлаах араас ыйытыктаах оонньууларга билиилэрин тургуттулар. Аҕыс түһүмэхтээх оонньууга саамай элбэх сөптөөх хоруйу биэрбит «Птицы» хамаанда I миэстэyb ылла , кинилэртэн аҕыйах очукуонан хаалан «Устье» хамаандата II миэстэ, салгыы «Дружба» хамаандата — III м., «Орлы» хамаанда — IV миэстэ буоланнар, бары Махтал суруктарынан, сэмэй бэлэхтэринэн наҕараадаланнылар. Бибилэтиэкэҕэ ааҕааччыларга анаан «Кыһыл кинигэлэр», «Көтөрдөр тустарынан дьиктилэр» уонна «Саха литературатыгар — көтөрдөр уобарастара» диэн кинигэ быыстапката турда. Сахабыт сиригэр 320 араас көтөр көрүҥэ баар буоллаҕына, олортон 68 көрүҥэ Кыһыл кинигэҕэ киллэриллибитэ хас биирдиибитин дьиксиннэрэр.

Кэлэр көлүөнэҕэ айылҕаны чөл хаалларарга, айылҕаны харыстыырга маннык экологическай тэрээһиннэр, акциялар, уруоктар элбэхтик ыытыллыахтаахтар. Бу тэрээһинтэн оҕолор элбэҕи билэн,көрөн тарҕастылар.

Татьяна СЕМЕНОВА, Уйбаан Нуолур аатынан модельнай бибилэтиэкэ сүрүн бибилэтиэкэрэ.

Читайте дальше