Элгээйи ыалларыгар бука барыларыгар АДПИ турда

Дьиэҕэ-уокка баһаартан сэрэхтээх буоларга Сунтаар улууһун баһылыга Анатолий Григорьев көҕүлээһининэн улуус үрдүнэн сыллата ”Предупреди пожар – установи АДПИ” аахсыйа ыытыллар.

Ол чэрчитинэн Элгээйи нэһилиэгэр Элгээйитээҕи баһаарынай чаас уонна олохтоох дьаһалта үлэһиттэрэ ыалларга АДПИ-ны (баһаар буолаары гыммытын, буруо баарын биллэрэр батарыайанан барар тэрил) туруордулар. Бу автономнай тэрил кэнники сылларга чахчы көдьүүстээҕин элбэх түгэҥҥэ көрдөрбүтүн бэлиэтээн ааһар тоҕоостоох. Буруону тута билэр уонна тыаһаан иһитиннэрэр буолан уот туруон иннинэ умайыыны эрдэ тохтоторго олус туһалааҕа бэлиэтэнэр.

Элгээйи нэһилиэгин ыалларыгар туруорарга улуус дьаһалтата эрдэ 250 АДПИ-ны биэрбитин ыалларга холбообуттар. Быйыл 100 устууканы эбии биэрбиттэрин туруоран бүппүттэр. Нэһилиэк баһылыга Павел Григорьев иһитиннэрбитинэн, билигин Элгээйи нэһилиэгин ыаллара бука бары уоту сэрэтэр АДПИ-ны туруорунан олороллор.

 

«СУНТААР СОНУННАРА» ХАҺЫАТ

 

Читайте дальше