Элгээйи оскуолатыгар туустаах хос аһылынна

Элгээйигэ бүгүн, олунньу 10 күнүгэр, дойдуга, өрөспүүбүлүкэҕэ уонна улууска биллэриллибит сыллары үөрүүлээхтик арыйыы бэлиэ тэрээһинэ. Бу тэрээһиҥҥэ сөп түбэһиннэрэн Элгээйитээҕи орто оскуолаҕа туустаах хоһу арыйыы үөрүүлээх чааһа буолла.

Тууһунан эмтээһин туһатын туһатыгар тохтуур буоллахха, бу медицинаҕа “галотерапия” диэн ааттанар көдьүүстээҕэ бигэргэммит киэҥник туһаныллар процедура буолар. Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр бу маннык чэбдигирдэр хостор оҕо уһуйааннарыгар, оскуолаларга, тэрилтэлэргэ кэнники сылларга хото тутуллан, үлэҕэ киирэн тураллар. Баларга барыларыгар ыраас, бэйэбит дойдубутугар Кэмпэндээйигэ хостонор, туох да ордук хос эбиискэтэ суох тууһу тутталлар. Сунтаар улууһун оҕо тэрилтэлэригэр күн бүгүн 9 маннык туустаах хос баар буолбутун бэлиэтээн этэр тоҕоостоох.

Элгээйи оскуолатыгар туустаах хоһу арыйар бэлиэ тэрээһиҥҥэ Гаврил Еремеев, улуус баһылыгын социальнай боппуруостарга уонна имидж политикатыгар солбуйааччы, оскуола үлэһиттэрин уонна үөрэнээччилэрин бу үөрүүлээх күнүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлээн тыл эттэ.

Альберт Иванов, Сунтаар улууһун үөрэҕириигэ управлениетын салайааччыта улуус баһылыгар Анатолий Григорьевка бу оҕо доруобуйата тупсарыгар олус туһалаах көҕүлээһинин иһин махтанан туран, оҕолорго чэгиэн буолалларыгар баҕарда.

Павел Григорьев, Элгээйи нэһилиэгин баһылыга бу муора салгыннаах хоско оҕолор сылдьан, доруобуйаларын тупсарыналларыгар баҕаран туран, бу үлэни көҕүлээччилэргэ махтанан тыл эттэ. Оттон Элгээйи орто оскуолатын дириэктэрэ Софья Игнатьева бу туустаах хос П.Х. Староватов төрөөбүтэ 150 сылыгар улуус дьаһалтатыттан оскуолаҕа бэртээхэй бэлэх буолбутун, улуус дьаһалтатыгар, Кэмпэндээйитээҕи туус собуотугар, (сал. Алексей Игнатьевка) улахан махталын тириэртэ. «Махталбыт биир бэлиэ көстүүтэ оҕолорбут доруобуйалара тупсуута, үөрэхтэригэр ситиһиилэрэ буолуо», — диэтэ.

Туустаах хос харах хайгыы көрөр сахалыы тыыннаах ис дизайнын Элгээйи оскуолатын производственнай үөрэхтээһиҥҥэ маастара Василиса Миронова толкуйдаабыт. Ол курдук, киирбит киһи куттуун-сүрдүүн холкутуйар, уоскуйар араас өҥнөөх уотунан сандаарар хоһун эркиннэрэ сахалыы харысхал бэлиэлэринэн, сырдыы сандаарар Саха сирин картатынан, Өлүөнэ туруук хайаларын кэрэ көстүүлэринэн киэркэйбиттэр.

Василиса Миронова: «Дизайнын манна оҥорон ыыппыппыт. Туус собуотун үлэһиттэрэ бэрт кылгас кэм иһигэр тутан-оҥорон биэрдилэр», — диэн санаатын үллэстэр.

Элгээйи врачебнай амбулаториятын дириэктэрэ Светлана Конобулова маннык хостору оҕо тэрилтэлэригэр тутан эрэллэрэ олус наадалааҕын, оҕо иммунитета көтөҕүллэригэр, тумууга элбэхтик ыалдьыбаттарыгар, архах сөтөллөөхтөргө көмөлөөх буолуоҕун бэлиэтиир.

Бу үөрүүлээх бэлиэ түгэҥҥэ оҕолор ааттарыттан туустаах хоһу тутууну көҕүлээбит, үлэҕэ киллэрбит дьоҥҥо махтал тылларын «Айхал» оҕо хамсааһынын лидерэ Виолетта Захарова эттэ.

Бу курдук өрөспүүбүлүкэҕэ биллэриллибит Оҕо саас сылын саҕаланыыта кэнчээри ыччат доруобуйатын тупсарарга туһуламмыт биир олус туһалаах, көдьүүстээх дьыала оҥоһулунна. Элгээйитээҕи орто оскуолаҕа бу бүгүн аһыллыбыт чэбдигирдэр туустаах хос кэлэр нэдиэлэттэн график быһыытынан үлэтин саҕалыа диэн оскуола кэлэктиибэ үөрэ кэтэһэр.

Марфа ИВАНОВА.

Читайте дальше