Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурук сайдыытыгар улахан болҕомтотун уурар. Манан сиэттэрэн, араас хайысхалаах үлэлэр ыытыллаллар. Олортон биирдэстэрэ элбэх оҕолоох ийэлэргэ, дьиэ кэргэттэргэ кинилэри өйүүр сыаллаах араас хайысхалаах көмө оҥоһуллар. Маннык өйөбүл баара кыра дохуоттаах ыалга эбии тирэх буолара саарбаҕа суох. Холобур, ийэ (дьиэ кэргэн) хапытаала, оҕо төрөөтөҕүнэ, иитэ ыллахтарына бэриллэр биир кэмнээх көмө, бастакы оҕоҕо бэриллэр биир кэмнээх көмө, элбэх оҕолоохторго оскуола таҥаһыгар — формаҕа бэриллэр харчы (сылга биирдэ), регионнааҕы ийэ (дьиэ кэргэн) хапытаала; биир кэлим босуобуйа о.д.а.
Маннык көмөлөртөн билигин туһанан олорор ийэлэр санааларын билистибит:
— Валя диэн ааттаахпын, 3 оҕолоохпун, улахан кыыһым 6 саастаах, орто уолум үстээх, кырам 2 саастаах. Дойдубут көрөр көмөлөрүн биһиги туһанан олоробут. Олортон биирдэстэрэ, үс оҕобор үһүөннэригэр биир кэлим босуобуйаны ылабын. Ону тэҥэ, ийэ хапытаалын, регионнааҕы хапытаалы эмиэ ылан дьиэ туттарбытыгар туһаныахпыт диэн былаанныыбыт. Маннык көмө баара олус үчүгэй.
— Юлия диэммин, 4 оҕолоохпун, улаханым устудьуон, ортолорум оскуолаҕа үөрэнэллэр, кырам оҕо саадыгар сылдьар. Ийэ хапытаалын, үһүс оҕобун оҕоломмуппар уһаайба уонна биир кэлим пособиены туһанабын. Бу маннык элбэх оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ көмө баара аһара тустаахтарга өйөбүл буоллаҕа.
— Елена, 5 оҕолоохпун көрүллэр көмөнү толору туһанан олоробут. Ийэ хапытаала дьиэ туттарбытыгар улахан көмө буолбута. Оскуола форматыгар бэриллэр харчы эмиэ күһүн оҕолору оскуолаҕа тэрийэргэ бэрт көмө. Судаарыстыба уонна өрөспүүбүлүкэбит өттүттэн элбэх оҕолоох ыалга маннык араас көмө ананара наһаа абырыыр.
— Людмила, 4 оҕолоохпун биир кэлим босуобуйаны барыларыгар туһанан олоробут. 2020 сыллаахха төрдүс оҕобун оҕолонон баран ипотекаҕа дьиэ ыларбытыгар субсидиянан туһанан төлөбүрбүт аҥаарын кыччаппыппыт. Бу маннык бырагыраамалар бааллара олус үчүгэй, наадалаах дии саныыбын, ол гынан баран, бу маны үгүс ыал улаханнык билбэт эбит, итинник араас бырагараамалар баалларын туһунан өссө күүскэ сырдаталлара буоллар диэн баҕа санаалаахпын.
— Евгения, 4 оҕолоохпун, судаарыстыбабыт көмөтүн туһанабыт. Ол курдук, биир кэлим босуобуйаны ылабыт, ийэ хапытаалынан дьиэ ыларбытыгар толору туттубуппут, регионнааҕы хапытаалбытынан массыына ыларга эбии буолбута, төрдүс оҕобутугар уһаайба биэрбиттэрэ, күһүн аайы оскуола тэрилин ыларга бэриллэр харчы, оҕоҕо таҥас-сап ыларга олус үчүгэй. Маннык араас өйөбүл баара элбэх оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ махталлаах, түгэнинэн туһанан судаарыстыба уонна өрөспүүбүлүкэ салалтата элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ туһуламмыт бырагыраамаларын өссө сайыннаран инники да өттүгэр үгүс ыалга көмө-тирэх буолуохтара диэн эрэнэбит.
Алена ИВАНОВА
#5летразвитияДФО