Элбэх оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ өйөбүл

Кэлиҥҥи сылларга Арассыыйаҕа уонна Сахабыт сиригэр элбэх оҕолоох дьиэ кэргэни өйүүр сыаллаах араас бырагыраама, бырайыак элбэх. Маннык өйөбүл дьиэ кэргэн олоҕо тупсарыгар, туруктаах буоларыгар төһүү күүс буолар. Олортон биирдэстэрэ, иккис, онтон кэлэр оҕолору төрөппүт ыалга көрүллэр ийэ хапытаала. Бүгүн биһиги ийэ хапытаалын туһаммыт элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн ийэлэрин кытта кэпсэттибит.
Дария Васильева, Сунтаар нэһилиэгэ:
— Биһиги дьиэ кэргэн үс оҕолоохпут. Судаарыстыбабытыттан көрүллэр өйөбүллэри туһаммыппыт. Ол курдук, дьиэ туттарбытыгар диэн “Алмааскредитсервистан” кирэдьиит ылбыппыт, ону 2 ыйынан ийэ хапытаалынан саппыппыт. Маннык элбэх оҕолоохтору өйүүр бэлиитикэ ыытыллара саамай сөп дии саныыбын.
Марина Саввинова, Сунтаар нэһилиэгэ:
— Үс оҕолоох дьиэ кэргэн буолабыт. Улахан уолбут номнуо үөрэҕи бүтэрэн үлэһит уоннааҕылар оскуола үөрэнээччилэрэ. Ийэ хапытаалын дьиэ атыылаһарбытыгар туттубуппут. Аҥаарын ийэ хапытаалынан сороҕун уу харчынан төлөспүппүт. Дойдубут элбэх оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ көмө оҥороро олус үчүгэй.
Мария Иванова, Сунтаар нэһилиэгэ:
— 4 оҕолоох дьиэ кэргэммит. Элбэх оҕолоох дьиэ кэргэни өйүүр сыаллаах көмөнү толору туһанан олоробут. 2010 сыллаахха ийэ хапытаалын туһанан дьиэ атыыласпыппыт. Саҥа олохторун тэринэн эрэр эдэр ыалга бу олус туһалаах көмө дии саныыбын. Онтон 3-с оҕобут күн сирин көрбүтүгэр өрөспүүбүлүкэбит хапытаалын туһанан массыына ыларга туттубуппут. 4-с оҕобутугар уһаайбаҕа тиксибиппит. Дойдубутуттан көрүллэр көмө элбэх дьиэ кэргэҥҥэ төһүү күүс буоллаҕа.

Алена ИВАНОВА

Читайте дальше