Бүгүн С.А.Зверев-Кыыл Уола аатынан улуустааҕы норуот айымньытын киинигэр «Өксөкүлээх Өлөксөйгө ананар биэс сыл» диэн бэрт сэргэх тэрээһин буолан ааста. Ону куораттан кэлэ сылдьар күндк ыалдьыттар «Историческая память» ФПП Саха сиринээҕи уопсастыбаннай Сүбэтин бэрэссэдээтэлэ Саргылана Неустроева, «Историческая память» ФПП «Докумуон нэһилиэстибэтэ» хайысхатын салайааччыта, СӨ Национальнай архыыбын дириэктэрин солбуйааччы Наталья Малышева уонна А.Е.Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй сиэнэ Лариса Кулаковская тэрийэн ыыттылар. Бу анал бырайыак Сунтаартан саҕаламмыта биһиэхэ-олохтоохторго – чиэс-бочуот буоларын өйдүөх тустаахпыт.
Бастакынан тылы Наталья Малышева ылла. Кини «национальнай архыыпка 19 араас тылынан суруллубут кинигэлэр, докумуоннар хараллан сыталлар» диэн мустубут дьону сөхтөрдө. Өссө кини Өксөкүлээх Өлөксөй 1909-1912 сс. Хаҥалас улууһун Хачыкаатыгар Дьокуускайдааҕы реальнай училищаҕа бииргэ үөрэммит доҕоругар, улууска биллэр меценат, урбаанньыт Семен Барашковка олорон, 1912 сыл ыам ыйыгар суруйбут «Саха интеллегенциятыгар суругун» икки копиятын аҕалан көрдөрдө.
Лариса Кулаковская эһэтин туһунан аҕата Реас Алексеевич ахтыытын иһитиннэрдэ. Ол курдук, Алексей Елисеевич успуортка чугас киһи эбит. Эбиитин куоракка олорор дьиэтэ суох буолан, араас улууһу кэрийэн, билэр дьонугар олорор эбит. Холобур, Өймөкөөҥҥө атынан сэттэтэ бара сылдьыбыт.
Дьиктитэ диэн, кинини билэр дьон Өксөкүлээҕи биирдэ да утуйа сытарын көрбөтөхтөр. Куруук остуолга олорон суруйан тахсар эбит. Ол туһунан бэйэтиттэн ыйыттахтарына: «Ээ, барбах, 1-2 чаас курдук нуктаан ылабын», – диир эбит.
Өксөкүлээх Өлөксөй 1914 сыл сайыныгар Сунтаарга кэлэ сылдьыбыт. Онно Хадан нэһилиэгэр Михаил Веселай диэн олоҥхоһукка хас да күн өрөөн барбыт. Онно кини кырдьаҕас олоҥхолуурун устубут буолуохтаах диэн сабаҕалыыллар. Анал фонографтаах эбит. Ол сырыытыгар кини олохтоох суруйааччыны Михаил Тимофеев-Терешкины кытта көрсүбүт буолуохтаах диэн ыалдьыттарбыт эттилэр. Куоракка сылдьан билсэллэрэ үһү.
Лариса Реасовна эһэтин, «суруйааччы эрэ буолбакка, өссө учуонай этэ» диэн бигэргэтэр. Онно туоһунан кини «Саха интеллигенциятыгар суруга» буолар эбит. Манна ааптар экэнэмиис киһи көрүүтүнэн саха омуга сайдар суолларын ымпыгар-чымпыгар тиийэ суруйар. Дьиҥэр, научнай үлэ да диэххэ сөбө буолуо.
Лариса Реасовна бэйэтэ Саха сириттэн ыраах баар Сербияҕа олорор эбит. Ол да гыннар, төрөөбүт сирэ-уота тардан сотору-сотору Сахатын сиригэр кэлэн дуоһуйа сынньанан барар эбит. Бу да сырыыга эмиэ оннук кэлбит. Бэҕэһээ Наахараҕа сылдьан дьону кытта көрсөн, Сир хараҕар тахсан астыктык сынньаммытын туһунан эттэ.
Ити курдук саха классик суруйааччыта А.Е.Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй хаан-уруу аймаҕын кытта көрсөн, кэлбит дьон олус дуоһуйан тарҕастыбыт. Дьоммут салгыы Ньурбаҕа айаннаатылар.
Гаврил АНДРЕЕВ.