Былырыын «Олорор дьиэ уонна куорат эйгэтэ» национальнай бырайыак чэрчитинэн Арассыыйа Уһук Илин эрэгийиэннэригэр, тупсаҕай эйгэни тэрийиигэ онлайн-куоластааһыҥҥа биһиги улууспут «Экологтар искибиэрдэрэ» диэн бырайыагынан кыттан, элбэх куолаһы ылан кыайыылаахтар кэккэлэригэр киирбитэ. Инньэ гынан, Томуһукаан күөл кытылыгар “Экологтар искибиэрдэрин” тутуу олоххо киирэр буолбута.

Бу сайын от ыйыттан искибиэри тутуу бастакы түһүмэҕэ саҕаламмыта. Ол курдук, искибиэр тутуллар сиригэр былааннааһын кэннэ, тутуу матырыйааллара кэлэн, билиҥҥитэ үлэ күөстүү оргуйар. Искибиэр хабар территориятын сирин тэҥнээһинигэр, күөл кытыытынааҕы кутуу быһыкка үлэ бара турар.

Бу «Олорор дьиэ уонна куорат эйгэтэ» бырайыак «Куорат эйгэтин тупсаҕай оҥоруу» федеральнай бырайыак чэрчитинэн ыытыллар.

«Экологтар искибиэрдэрин» 2-с түһүмэҕэ бүтэн, олоххо киирдэҕинэ, Сунтаартан төрүттээх айылҕаны харыстааһыҥҥа сүҥкэн кылааттаах экологтар ааттарын үйэтитэр, дьон-сэргэ тоҕуоруһар нэһилиэк биир кэрэ-бэлиэ көстүүлээх миэстэтэ буолара күүтүллэр.

Марфа ИВАНОВА.

Читайте дальше