Ырыа куттаах дьиэ кэргэн Мария, Айсен Федоровтар «Эйиэхэ мин ырыа бэлэхтиим…» диэн айар түһүлгэлэрин алтынньы 19 күнүгэр Сунтаарга оҥордулар. Бу иннинэ кинилэр Сунтаар улууһун тыаларын кэрийбиттэрэ (хаһыаппытыгар сырдаппыппыт). Онтон Сунтаарга Сибиэрэп киинигэр толору көрөөччүлээх саалаҕа балтараа чаас устата иккиэн эрэ ырыа киэһэтин бэлэхтээтилэр. Айсен Федоровы саха уус-уран айымньытын толорооччу, тарҕатааччы быһыытынан билэр буоллахпытына, кэлин кинини эстрада ырыатыгар холонорун элбэх дьон сэргии көрөр. Онтон кэргэнин Марияны бу киэһэ ураты күүстээх куоластаах ырыаһытынан арыйбыт элбэх буолуо. Аан дойду билиниитин ылбыт ырыалары толорон дьон сүргэтин көтөхтө.
Кэргэнниилэр иккиэн М.Н. Жирков аатынан Дьокуускайдааҕы муусука колледжын бүтэрбиттэр. Айсен фольклор, Мария академическай вокал салаатыгар үөрэммиттэрэ. Онон иккиэн ырыаны баһылаабыттара көстөр. Бу күн кытай, корея, италия омук тылынан ырыалар ылланнылар. Бэл, Айсен академическай вокалга холоммутун сэргии иһиттибит. Бу күн улахан сыанаҕа кырачаан кыыстара Кэрэли ийэтин кытта ырыа ыллаан сүрэхтэннэ. Мария тыыннаах доҕуһуолунан хас да ырыаны ыллаата. Айсен сыанаҕа тутта-хапта сылдьа үөрүйэх киһи быһыытынан элбэхтик дьээбэлэнэн, күлэн-үөрэн кэнсиэрин бэрт сэргэхтик ыытта, көрөөччүлэри оһуокайдатан да ылла.
Көрөөччүлэр санаалара.
Нина Николаева, Сунтаар нэһилиэгин олохтооҕо: «Кэнсиэркэ Федоровтар дьиэ кэргэн олус эйэлээхтэрин, түмсүүлээхтэрин, бэйэ бэйэлэрин өйөнсөллөрүн көрдүм. Мин саамай Марияттан астынным. Элбэх оҕолоох ийэ, эбиитин үлэлиир, нэһилиэктэринэн сылдьан кэнсиэртээбитин астына иһиттим. Омук тылынан ыллыырын таһымнаах ырыаһыт диэн сыаналаатым. Кэргэнигэр Айсеҥҥа култуура үлэһитигэр эрэбил тыыл баар эбит. Эбиитин олус талааннаах, дьоҕурдаах кыыс эбит. Бэйэтэ концертнай былааччыйаларын тиктибитин көрөн сөхтүм. Кэнсиэркэ опернай репертуар бэлэмнээбит. Тыа дьонугар үрдүкү култуураны тарҕатыы буоллаҕа… Сунтаардар опернай ырыаһыттаммыппытынан! Мариялаах Айсен сыанаҕа тутта-хапта сылдьаллара, таҥастара-саптара үчүгэйэ, үрдүк култууралаахтара, көрөөччүгэ убаастабыллаахтара тута көстөр. Бу киэһэттэн мин дуоһуйууну, астыныыны эрэ ыллым. Махтал буоллун Федоровтарга»
Артем Афанасьев: «Мин кэнсиэркэ, култуура тэрээһиннэригэр улаханнык сылдьыбат киһибин. Бу сырыыга кэргэним илдьэ барбытыгар улаханнык аахайбакка эрэ барсыбытым. Ол эрэн кэнсиэркэ кэлбиппиттэн отой кэмсиммэтим, биир тыынынан көрдүм. Үөрүү, астыныы, дуоһуйуу ыллым. Оннук курдук таһымнаах, үчүгэй кэнсиэркэ сырыттым. Айсен ордук эр дьон сөбүлээн истэр ырыаларын толорор эбит. Онтон кэргэнэ Мария аан дойдуга биллибит ырыалары толорбутун олус сэргээтим. Иккиэн таһымнаах ырыаһыттар эбит. Федоровтар айар талааннара уҕараабатын, салгыы өссө сайдан дьону үөрдэ, дьоллуу турдуннар. Мантан иннэ кинилэр кыттыылаах кэнсиэртэри көтүппэт буолуом».
Федоровтары бу бэлиэ күннэринэн Сунтаар улууһун дьаһалтата, култуура салалтата, кинилэр талааннарыгар сүгүрүйээччилэр ититик-истиҥник эҕэрдэлээтилэр. Сибэкки дьөрбөтүн, бэлэхтэрин туттардылар.
Айар куттаах дьиэ кэргэн ылбаҕай ырыаларынан көрөөччүлэрин үөрдэ турдуннар!
Мира АФАНАСЬЕВА
Ярослав ФИЛИППОВ хаартыскаҕа түһэриитэ