Анал байыаннай дьайыыга сылдьар буойун уолаттар дьиэ кэргэннэригэр көмө-тирэх туһунан биир тэрилтэ холобуругар билиһиннэрэбит.
Анал байыаннай дьайыы кыттыылааҕа Андрей 2022 сыл алтынньытыгар ыҥырыллан Ийэ дойдутун көмүскүү туруммута. Сунтаарга кинини кэргэнэ уонна икки оҕото көһүтэллэр. Андрей С.А.Зверев-Кыыл Уолун аатынан улуустааҕы норуот айымньытын киинигэр оробуочайынан үлэлиир. Андрейы Сунтаарга кэлэ сырыттаҕына көрсөн кэпсэттибит:
– Мин бэйэм Дьаархан нэһилиэгиттэн сылдьабын. Сибиэрэп киинигэр үлэлии сырыттахпына, анал байыаннай дьайыыга ыҥырыллыбытым. Сунтаартан элбэх этибит. Бастаан үөрэх ааспыппыт, онтон чаастарынан тарҕаспыппыт. Мин билигин 394-с полкаҕа “Группа быстрого реагирования” диэҥҥэ баарбын. Билигин чааһым бастакы линияҕа сытар. Ол аата өстөөхпүтүттэн 500 м чугас сытыахпытын сөп. Биһиги полкабытыгар ыҥырыыга түбэспиттэр аҕыйахпыт, үгүстэрэ хантараагынан сулууспалыы кэлбит дьон. Ордук сайын өттүгэр ыарахан. Түгэнинэн туһанан бииргэ үлэлиир дьоммор махталбын тириэрдэбин. Кинилэр мин суох кэммэр дьиэ кэргэммэр көмөлөрө улахан.
Андрей кэпсээнэ аҕыйах буолан биэрдэ. Ол эрэн, уол санаата бөҕөх, инникитигэр эрэлэ күүстээх. Саамай сүрүнэ кини дьонум Сунтаарга өйөбүллээхтэр, тирэхтээхтэр диэн этэр. Ыал аҕата анал байыаннай дьайыыга сылдьар кэмигэр кини үлэлиир тэрилтэтэ, Сибиэрэп киинэ, үлэһиттэрин дьиэ кэргэнин көрүүгэ-истиигэ ылбыта буолар. Дьиэ кэргэн көрсүбүт кыһалҕатын быһаарыыга кэлэктиип бүтүннүү турунар. Ол курдук, Андрей барбытын кэннэ кини дьиэ кэргэнин толору хааччыллыылаах дьиэҕэ көһөрбүттэрэ. Сылаас дьиэҕэ кыстаабыттарын кэннэ, ыал ийэтэ үлэлиир сириттэн уонна оҕо уһуйааныгар чугас буоллун диэн чааһынай, толору хааччыллыылаах дьиэҕэ көспүтэ. Киин уолаттара түргэн үлүгэрдик тиэхиньикэ булан, ыалы саҥа дьиэҕэ олохтообуттара. Чааһынай дьиэ толору хааччыллыытын, дьиэ ититэр ситимин өрөмүөннээбиттэрэ, эбии оттук маһынан, мууһунан хааччыйбыттара.
Константин Седалищев С.А.Зверев-Кыыл Уолун аатынан улуустааҕы норуот айымньытын киинин дириэктэри техническэй салааҕа солбуйааччыта:
– Андрейы кииҥҥэ сатабыллаах, түргэн-тарҕан туттуулаах үлэһит быһыытынан билинэбит. Туппута барыта уурбут-туппут курдук буолар. Ол да иһин уолбут анал байыаннай дьайыыга этэҥҥэ сылдьарыгар саарбахтаабаппыт. Саха уолаттара мындыр толкуйдаах буолан, бэйэлэрин сатабылларынан ытыктабылы ылаллар. Андрей тарбахха баттанар тимири уһаарар сварщик. Кини элбэх ыалга аныгы истииллээх боруоталары оҥортообута. Ону таһынан, киин иннигэр аныгы тутуулаах тимир беседканы оҥорбута. Элбэх дьон хайҕабылын ылар. Кини бу күһүн сынньалаҥар кэлэ сылдьан үлэбитигэр киирэр тимир ааны оҥорон соһуппута. Ону биһиги кииҥҥэ кэлэр-барар дьоҥҥо анал байыаннай дьайыыга ытык иэһин төлүү сылдьар Андрей диэн үлэһиппит оҥорбут беседката, ааннара диэн киэн тутта кэпсиибит. Күһүн төттөрү барарыгар бары кэлэктиибинэн атаарбыппыт. Харысхаллаах буоллун диэн бары алгыс тылбытын эппиппит. Биһиги сүрүн сорукпут диэн, Андрей дьиэ кэргэнигэр аҕаларын суохтаппат курдук эр киһи үлэтин барытын оҥорорго кыһаллабыт. Үлэбитигэр ким да Андрей көрдөһүүтүттэн туора турбат. Уолбут кыайыылаах-хотуулаах эргиллэн кэлэн, салгыы айа-тута үлэлииригэр баҕа санаалаахпыт.
Ийэ дойдуларын көмүскүү сылдьар уолаттар дьиэлэригэр чугас дьоно нус-хас олохтоох, доруобай буоллахтарына эрэ кинилэргэ күүстэригэр күүс эбиллэр, санаалара бөҕөргүүр, туруктара чэгиэн буолар. Ол иһин, биһиги аттыбытыгар анал байыаннай дьайыыга сылдьар чугас дьонноох киһи баар буоллаҕына, кинилэргэ дьыаланан эрэ буолбакка, үтүө тылынан эмиэ көмөлөһөр биһиги сорукпут, иэспит буолар.
Мира АФАНАСЬЕВА