Киһи өйө-санаата киһи ис туругар, этигэр-сиинигэр хайдах дьайарый? Киһи күннээҕи олоҕор наһаа элбэх санаа киирэн тахсар. Бу санаалар, биллэн турар, киһи ис туругар дьайаллар. Оттон ис турукпут биһиги эппитигэр-сииммитигэр бычаччы дьайыылаах.

Билиҥҥи кэмҥэ биир үксүн араас куһаҕан сонуну, информацияны истэбит, көрөбүт. Холобур, хамсык да кэмин ылан көрүөххэ, хайдах этэй? Хас киһи ыалдьыбытын, үтүөрбүтүн, өлбүтүн барытын төлөпүөҥҥэ, тэлэбиисэргэ, араадьыйаҕа күннээҕи сонун гынан истэрбит. Бу манныгы киһи-киһи араастык ылынар. Сорох киһи күүрэр, куттанар, дьулайар. Онтон сылтаан иммунитета эмиэ мөлтүөн сөп. Учуонай вирусологтар этэллэринэн, киһи наһаа куттанаҕына, онтон сиэттэрэн ханнык эрэ уоргана сүһүрэр, иһэр, ыалдьар эбит, нуччалыы эттэххэ, «воспаляется». Куттал туруга киһиэхэ туохтан үөскүүрүй? Туох да иннэ-кэннэ биллибэттэн, тас эйгэ куттууруттан уонна өйүгэр куһаҕаны оҥорон көрөрүттэн. Киһи өйүгэр куһаҕаны оҥорон көрөн бардаҕына, этэ-сиинэ онно итэҕэйэн, өрө күүрэн, хаанын баттааһына тахсар, сүрэҕэ күүскэ тэбэн киирэн барар, нууччалыы эттэххэ, реакциялыыр. Өскө бу курдук наар куттана, долгуйа сылдьар буоллахпытына, биһиги мэйиибит ону хайдах баарынан ылынар уонна адреналин, кортизол курдук гормоннар тахсаннар, эт-сиин үлэтин уларытан, күүһүрдэн киирэн бараллар. Тиһэҕэр биһиги иммунитеппыт үлэтэ мөлтүүр. Аны туран, кыыһыран, кыйыттан сылдьан, бу маннык турукка эмиэ киирэр эбиппит. Оннук турукка сылдьар киһи ыарыыга ылларымтыа буолар. Дьэ, хайдах гынан куттал туругуттан тахсабыт? Бастатан туран, санаа ыраас, үтүө буолуохтаах. Өйүҥ куһаҕаны толкуйдаан, ойуулаан киирэн бардаҕына, болҕомтоҕун атыҥҥа  туһаайа охсуохтааххын. Тас эйгэттэн наһаа элбэх информация киирэр, ону биһиги сыымайдаан, сиидэлээн көрүөхтээхпит уонна истиэхтээхпит. Иккиһинэн, саҥарар саҥабыт суолтатын эмиэ өйдүөхтээхпит. Үгүс киһи тыл суолтатын аахайбат,  сыыс тыллары элбэхтик туттар. Холобур, «оо күлэн быара суох сыттым», «куттанан сүрэҕим тохтуу сыста», эбэтэр кыыһыран «икки харахпар көстүмэ» дииллэр. Ити курдук сыыс тыллар суолталарын эмиэ өйдүөх тустаахпыт, эппитигэр-сииммитигэр куһаҕан содуллааҕын. Үсүһүнэн, олоххо буолар түгэннэр тус бэйэҕэ сыһыана суох буоллахтарына, болҕомтону ууран сыраны-сылбаны, күүһү-күдэҕи халтай бараабат ордук. Оттон тус бэйэҥ кыһалҕалаах буоллаххына, ону араас өттүттэн ыраҥалыы үөрэн. Бэйэҥ сатаан быһаарбат түгэҥҥэр, тустаах испэсэлиистэргэ быһаартар.

 

Бэйэ ис туругун көннөрүнэр ньымалар.:

1. Тыыныы

2. Хамсаныы

3. Санаа күүһэ

4. Уу күүһэ

Түмүкпэр этиэм этэ, киһи санаата олус күүстээх дьайыылаах, ол санааҕа итэҕэйэр буоллаххытына өссө ордук күүһүрэр. Онон күндү ааҕааччылар, эһиэхэ баҕарыам этэ, санааҕыт ыраас буоллун, туруккут чөл буоллун!

Ыччаты уонна дьиэ-кэргэни өйүүр социальнай-психологическай киин психолога Валентина ИЛЛАРИОНОВА.

Читайте дальше