Сайын үтүөтэ бүтэн, күһүҥҥү көй салгын эмиэ ураты тыынынан сайа биэрэр. Күндэйэлэр ыам ыйыгар сайылыктарга көспүттэрэ бэҕэһээ эрэ курдук этэ. Бэлиэр балаҕан ыйа үүнэн, оҕолор элбэх араас сонуннаах, сайыны туһалаахтык атаарбыттарын туһунан кэрэ кэпсээннээх оскуолаларыгар үөрэ-көтө тиийиэхтэрэ.
Бүгүн Күндэйэ нэһилиэгин биир бастыҥ үлэлээх-хамнастаах, удьуор тыа хаһаайыстыбатынан утумнаахтык дьарыктанар, элбэх ынах сүөһүнү тутан олорор, элбэх оҕолоох Дьяконовтар дьиэ кэргэн күн күбэй ийэлэрин Анна Прокопьевнаны көрсөн кэпсэттим.
Анна Прокопьевна ийэлээх аҕата Мария Александровна, Прокопий Егорович Яковлевтар ыччакка холобур буолар үтүөкэн үлэһит дьон. Өр сылларга Күндэйэ орто оскуолатыгар үтүө суобастаахтык үлэлээн баран, тыа сирин уйгутун уһансарга, сүөһү иитиитэ туруктаах олох тирэҕэ буоларын өйдөөн, бааһынай хаһаайыстыба тэриммиттэрэ, өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр хаһаайыстыба буолбута. Мария Александровна «Бастыҥ бааһынай хаһаайыстыба» улуус баһылыгын Гранынан, СӨ тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтин Бочуотунай грамотатынан, СӨ Ил Дарханын Махтал суругунан наҕараадаламмыта — кини хайдах курдук туруу үлэһитин туоһулууллар. Күндэйэ орто агро хайысхалаах ЮНЕСКО ситимин оскуолатыгар оҕону үөрэххэ, үлэҕэ көҕүлүүр меценатство тэриллибитэ быйыл сүүрбэ ахсыс сыла. Яковлевтар ити үтүө хамсааһыны бастакы саҕалааччылартан биирдэстэрэ буолаллар. Сылын аайы «Үтүө үтүөнү саҕар» диэн үөрэх дьыла бүтүүтүгэр ыытыллар бастыҥ, туйгун, ситиһиилээх үөрэнээччилэри, уопсастыбанньыктары чиэстиир сүлүөккэ Яковлевтар үчүгэйдик үөрэнэр, үлэһит оҕолорго харчынан уонна сүөһүтэ суох ыаллар оҕолоругар «сүөһү төрдө гыныҥ» диэн алҕаан туран, ньирэйинэн биэрэллэрэ, ол үтүө үгэһи билигин оҕолоро салгыыллар.
Оттон Дьяконовтар аҕалара Афанасий Петрович манна даҕатан эттэхпинэ, мин үрдүк үөрэҕи бүтэрэн ыраах Кэбээйи улууһугар учууталынан ананан тиийэн аан бастаан үөрэппит оҕом, кылааһым бастыҥ үөрэнээччитэ, дьылҕатын суола бу Күндэйэ сиригэр сирдээн аҕалбыта биир ураты үөрүүлээх. Күндэйэлэр күндү күтүөппүт, киһи эрэ киэн туттар үлэһит киһитэ.
– Анна Прокопьевна, сайылыккытыгар оҕолоруҥ улахан көмөлөһөөччүлэриҥ буоллахтара, ол туһунан кэпсээ эрэ.
— Оннук, оҕолорум – бастыҥ көмөлөһөөччүлэрим. Быйыл улааппыттара биллэн, от кэмигэр икки улахаммынаан уонна эһэбитинээн бэйэбит сырыттыбыт. Аҕабыт олох отугар эрэ сырытта. 59 төбө сүөһүнү кыстатан таһаарбыппыт, билигин барыта ньирэйдиин ааҕан 80 төбө буолла. Сайын устата 28 ынаҕы ыан сайылаатыбыт. Сайылыкпытыгар сылын аайы үс ыал буолан тахсабыт – Лазаревтар, Николаевтар, Дьяконовтар. Барыта холбоон алта уонча ынах ыанар. Саамай үөрүүлээҕэ, сайылыкка сылын аайы дьон, оҕо аймах элбиирэ. Лазаревтарга бэйэлэрин оҕолорун кытта куораттан сиэннэрэ кэлэн көмөлөһөллөр. Айаан Лазарев тохсус кылааһы бүтэрдэ, Айсена сайыҥҥы бастакы ыйдарга көмөлөһөн баран, үөрэх туттарса барбыта. Николаевтарга устудьуон сиэннэр кэлэн окко төһүү күүс буолаллар. Онон астык, элбэх буолан үлэлиир. Күһүн буолан бардылар, онон чуҥкуйа түстүбүт. Лилиям олох улахан өйөбүлүм. Сайылыкка кинитэ суох сатаммат курдук буолбуппун. Барытын гынар, ынах ыыр, аппараат холбуур. Оттон Петям быйылгыттан дьэ, толору сылдьыһар, кини үлэтэ ынах аһылыгын таһааччы, тарбыйах, ынах үүрүүтэ диэн. Оҕолор баар буоллахтарына абырал. Хамнас харчыларынан үөрэх тэрилэ, таҥас ылынабыт дэһэллэр. Кыра да буоллар үлэлэрин сыаналаан, хамнастаан санааларын өрө көтөҕөн, үлэлии үөрэнэллэригэр көҕүлүүбүт. Онон үлэҕэ үөрэтэн, туохтан да иҥнибэт сатабыллаах дьон буолалларыгар кыһанабыт, оҕолорум сайылыктарын олус сөбүлүүллэр – диэн эдэр ийэ үөрэн мичилийэ кэпсиир.
Сайылык оҕолоро бары бииртэн биир үчүгэй үөрэхтээх, НПК-ларга, успуорт араас көрүҥнэригэр, уус-уран самодеятельноска бэйэлэрин холлоругар элбэх үрдүк ситиһиилээх дьон.
Ынахтарын ыылларын, ньирэйдэрин аһаталларын, сарсыарда, киэһэ аайы үөн-көйүүр быыһынан сүөһүлэрин хомуйалларын таһынан араас элбэх дьарыктаахтар. Лилия Дьяконова быйыл 9-с кылааска киирдэ, сылын аайы салайааччыта Юлия Дьяконовалыын араас тиэмэҕэ дакылаат суруйаллар. Быйылгы сайыҥҥы кэтээн көрүүлэрэ олус интэриэһинэй – эмтээх оттору үөрэтэн, толугур уонна ынах эмиийин бааһыгар маас оҥорон, ону туттан кэтээн көрдүлэр. Дьэ бэрт интэриэһинэй үлэ тахсара буолуо. Лилия наукаҕа бастакы хардыылара үрдүктүк сыаналанан Бүтүн Арассыыйатааҕы агро оскуолалар бастакы РАН 300 сылыгар аналлаах Чугуновскай ааҕыыларга, кыайыылаах буолбута. Саас Санкт-Петербурга улахан пуорумҥа кыттан иккис истиэпэннээх лауреат буолан, үөрүүбүтүн үрдэппитэ, дакылаата «Открой в себе ученого» диэн XI Бүтүн Арассыыйатааҕы научнай-инновационнай конференция түмүгүнэн кинигэҕэ бэчээттэннэ. Салайааччыларынан үрдүкү категориялаах химия, биология учуутала Н.Н. Максимова уонна производственнай үлэ маастара Ю.С. Дьяконова буолаллар.
Ону таһынан Лиля – бастыҥ спортсменка. Биир да күрэхтэһии кинитэ суох буолбат. Киниэхэ ааспыт үөрэх сылын түмүгүнэн «Сыл бастыҥ үөрэнээччитэ» диэн анал аат уонна стипендия туттарыллыбыта. Анал стипендияны нэһилиэкпит баһылыга, эдэр кэскиллээх салайааччы Иван Константинов олохтообута. Петя мас тардыһыынан дьарыктанар, Арылхан чугдаарар чуораан ырыаһыт, үгэ ааҕарын сөбүлүүр, С.А. Зверев-Кыыл Уолун күнүгэр аналлаах «Тоҕус оһуордаах түһүлгэ» өрөспүүбүлүкэтээҕи норуот уус-уран айымньытын күрэһигэр үгэ ааҕан кылаан кыайыылаах буолбута.
Дьэ, ити курдук оҕолор үлэ бөҕөнү үлэлээн, үрүҥ илгэни үрүлүтүүгэ бэйэлэрин кылааттарын киллэрсэн, Каакы Маарын ыраас уулаах үрэҕэр дуоһуйа сөтүөлээн, күүс-уох мунньунан, оскуолаларын, доҕотторун ахтан, үөрэнэ бардылар.
Эһиил көрсүөххэ диэри, сайылыкпыт барахсан!
Маргарита ИВАНОВА, Күндэйэ.