Эгэлгэ табаардаах маҕаһыын

Тоҕо эбитэ буолла, мин үлэбэр баран, кэлэн иһэн суолум кытыытыгар турар «Сельхозтехника» маҕаһыыҥҥа бу күҥҥэ диэри биирдэ да киирэ сылдьыбатаҕым. Тоҕотун бэйэм да билбэппин. Баҕар, бэйэм тиэхиньикэттэн ыраах турарбыттан буолуо.
От сезонун саҕаланыыта маҕаһыын иннигэр массыына бөҕө тоҕуоруһан турар буолааччы. Онон сыаналаатахха, атыы-эргиэн барар маҕаһыына эбит диэн санаан ылбытым баара.
Бүгүн киирэн атыыһыттан атыы-эргиэн хайдах барарын туһунан ыйыппыппар киһим: «Ээ, от кэмэ түмүктэнэн эрэр буолан атыылаһааччы аҕыйах«, —  диэн хардарда.


Маҕаһыыны ойоҕолуу турар тиэргэннэрин аһан көрдөрдүлэр. Мин саныахпар, окко наада буолар барыта баарга дылы. Погрузчик, от охсорго, мунньарга наадалаах саппаас чаастар… Үөрүйэҕэ суох буолан, сорох-сорохторун билбэппин даҕаны. Онон ким интэриэһиргээбит Советскай уулуссаҕа турар маҕаһыыҥҥа өҥөйөн ааһыаххытын сөп.

Гаврил Андреев.

Читайте дальше