Үгүс үйэлэри уҥуордаан, саха омук илдьэ кэлбит үгэһинэн, самаан сайыны уруйдаан, от ыйын 3 күнүгэр суруйааччы, эколог Эдуард Дмитриевич Соколов- Тулусхан төрөөбүтэ 80 сылыгар аналлаах ыһыах Маар Күөл нэһилиэгэр буолла. Сарсыардаттан ааҕар балаҕаҥҥа Сунтаардааҕы киин бибилэтиэкэ кылаабынай библиограба Лидия Чирикова суруйааччы чаҕылхай олоҕун, айар үлэтин туһунан сырдатта. Маны сэргэ, «Саха» НКИК архыыбын пуондатыгар баар Эдуард Соколов сэдэх интервьютун Кэмпэндээйи бибилэтиэкэрэ Татьяна Местникова оцифровкалаабытын ыалдьыттар олус сэргээн көрдүлэр. Инникитин бу видео Сунтаардааҕы киин бибилэтиэкэ ютуб ханаалыгар куйаар ситиминэн киэҥ араҥаҕа тарҕанара күүтүллэр. Онтон суруйааччы төрөөбүт өтөҕөр анал бэлиэни туруорааһын буолла. Ол кэннэ “Бэс анна” ыһыахтыыр сиргэ күөх сирэм ыһыах ыһылынна. Түһүлгэҕэ киирии ааҥҥа ыһыаҕынан эҕэрдэлээн тэрийээччилэр ыалдьыттары үөрэ көрүстүлэр. Ыраахтан-чугастан ыҥырыылаах ыалдьыттар, аймах-билэ дьон тоҕуоруһа муһунна. Үгэс быһыытынан Үрдүк Айыыларга үҥэн-сүктэн алгыс ылар, иҥэринэр сиэри-туому алгысчыт Семен Саввинов аал уоту оттон, алаадьылаах кымыһынан айах тутан айыылартан көрдөһөн оҥордо, ыһыах аһылынна. Улууспут Аҕа баһылыгын социальнай уонна имидж политикатыгар солбуйааччы Гаврил Еремеев, нэһилиэк баһылыга Сергей Саввинов, улууспут култууратын уонна айылгытын салалтатын салайааччыта Саргылаана Омукова эҕэрдэ тылларын эттилэр уонна наҕараадалары туттардылар. Бу күн ыһыах маанылаах ыалдьыттарынан «Күрүлгэн» сурунаал бас эрэдээктэрэ, суруйааччы Афанасий Гуринов-Арчылан, суруйааччы, суруналыыс Надежда Егорова-Намылы, суруйааччылар Михаил Санников-Уол Сарсын, Иван Осипов-Уйбаан Ойуур, Айыына Ксенофонтова, Эдуард Соколов кэргэнэ, оҕолоро, аймахтара буоллулар. Салгыы эҕэрдэ ырыа-тойук, үҥкүү-битии оройуттан тутулунна.
Улуустааҕы киин бибилэтиэкэ тэрээһининэн суруйааччы аатын үйэтитиигэ анаммыт күрэх түһүлгэтэ элбэх дьону түмтэ. Ол курдук, «Сунтаар миигин ыҥырар” саха норуодунай бэйиэтэ Леонид Попов аатынан VIII төгүлүн ыытыллар улуустааҕы ырыа-хоһоон түһүлгэтин чэрчитинэн “Олоҕу, дьолу тапталы хоһуйбута” Эдуард Соколовка анабыл хоһоон күрэҕэр кыайыылаах үрдүк аатын Тойбохойтон Клара Тихонова ылла. Эдуард Соколов-Тулусхан оҕолоро туруорбут анал бириистэрин 25000 солк. харчынан тутта. “Ньургуһун хоһуйар түһүлгэтэ” Бүлүү эбэ туһунан тэттик кэпсээни суруйууга кэтэхтэн күрэс кылаан кыайыылааҕынан Марианна Васильева-Умтичаана буолан, Сунтаар улууһун култуурата уонна айылгыта туруорбут бириистэрин — кинигэ бэчээттэтэргэ 50 тыһ. солк. Туоһу суругунан наҕараадаланна. «Кэмчи кэрчиктэр» түөрт устуруокалаах хоһоону тута айарга “Дьылҕа” диэн тиэмэҕэ үгүс киһи холонон көрдө. Түмүгэр ыалдьыппыт, суруйааччы Михаил Санников-Уол Сарсын кыайыылаах үрдүк аатын ылла. Маны сэргэ, «Сунтаар миигин ыҥырар» ырыа-хоһоон түһүлгэтигэр Эдуард Дмитриевич библиографическай ыйынньыга уонна «Кустук араас өҥүнэн» диэн икки кинигэ сүрэхтэниитэ буолла.
Ону тэҥэ, оһуохай, сахалыы таҥас, оскуола оҕолоругар «Сайыына Куо», «Муос оноҕос» күүстээхтэр күрэхтэрэ ыытыллан, бииртэн биир тэрээһин салҕанан барда. Киэһэ кулууп дьиэтигэр Нина Потапова, Фрументий Сафронов уонна Анита, Дуолан «Икки көлүөнэ» диэн кэнсиэрдэрэ дьоро күнү киэргэттэ.
Бу курдук Сунтаарбыт биир чаҕылхай, киэн туттар киһитэ Эдуард Дмитриевич Соколов-Тулусхан аатын үйэтитэр, үбүлүөйдээх ыһыах түһүлгэтэ төрөөбүт түөлбэтигэр олус истиҥник буолан ааста. Кэлбит ыалдьыттар ыһыах ыһан, күрэстэргэ кыттан, минньигэс астаах хорчуоппаҕа сылдьан дуоһуйа сынньанан тарҕастылар.
АЛЕНА ИВАНОВА