Улууспут нэһилиэктэригэр дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин торумнаабыт 12 национальнай бырайыагын олоххо киллэрии бара турар. Бу үлэ экономиканы саҥа кэрдиискэ таһаарыы, дьон олоҕун таһымын тупсарыыга ыытыллар.
Бу кэлиҥҥи биэс сылга биһиги улууспут киинэ – Сунтаар биллэ тубуста, элбэх үлэ барбыта харахха быраҕыллар. Нэһилиэк тупсаҕай көрүҥнээх, дьон олоҕун тупсарыы ити үөһээ этиллибит бырагыраамалар көмөлөрүнэн барарын бары да билэ сылдьабыт. Бүгүн биһиги хаһыаппытыгар Сунтаар нэһилиэгин баһылыга Эдуард Филиппов ыалдьыттыыр.
– Эдуард Егорович, нэһилиэккэ ыытыллар үлэ анал бырагыраамаларынан, бырайыактарынан бараллара биллэр…
– Оннук. Кэлиҥҥи кэмҥэ, национальнай бырайыак 12 хайысханан араас региональнай, федеральнай таһымнаах бырагыраамалар, куоҥкурустар ыытыллаллар. Биһиги онно кыттан бүддьүөппүтүгэр тастан эбии үбү киллэрэргэ күүскэ үлэлиибит.
Бу чугастааҕы кэмнэри ылан кылгастык кэпсээтэххэ, «Олорор дьиэ уонна куорат эйгэтэ» национальнай бырайыак «Хаарбах дьиэттэн дьону көһөрүү» бырагырааматынан нэһилиэкпитигэр хас да дьиэ тутуллан үлэҕэ киирдэ. Толору хааччыллыылаах дьиэлэргэ дьон көһөн абыранна, махтала улахан. Маннык бырайыак баара олус үчүгэй дииллэр. Ол эрээри, манна барыта эриэ-дэхси үчүгэй буолбатаҕын билинэбит. Холобур, сорох кыбартыыралар тымныылар диэн дьон сайабылыанньалаһар. Ону туоратарга тутааччыларбытын кытары үлэлэһэбит. Мантан да атын итэҕэс-быһаҕас тахсар, ону туоратарга бары биир сүбэбитин холбуубут. Быйыл Сунтаар переулогын 1 нүөмэрдээх аадырыска тутулла турар биэс этээстээх элбэх кыбартыыралаах дьиэ бастакы уочарата киирээри турар. Эһиил бу дьиэҕэ өссө икки подъезд үлэҕэ киириэхтээх. Ону таһынан Партизан уулусса, 28 аадырыһыгар биэс этээстээх, 86 кыбартыыралаах дьиэ тутуута саҕаланыахтаах. Дойдубут бэрэсидьиэнэ бу бырагыраама олоххо киириитин кэтиир, хонтуруоллуур.
Эмиэ бу национальнай бырайыак чэрчитинэн уонна «Ыраас уу» региональнай бырагырааманан «Сунтаар нэһилиэгэр ыраас уу ситимэ» бырайыак бастакы түһүмэҕэ – Бүлүү өрүстэн ууну ылар станция тутуллан, уу ситимигэр холбонуута сотору кэминэн буолуоҕа. Бу тутууну ыытарга элбэх үлэ олох эрдэттэн барбыта. Иккис түһүмэҕэр эмиэ үлэ барар, ол курдук бырайыак экспертизаҕа баран көрүллэ турар, онон үлэ салгыы барыаҕа.
– Нэһилиэкпит тас көстүүтэ, суоллара тупсан иһэллэриттэн киһи үөрэр…
– Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээбит нэһилиэнньэ олоҕун уйгутун тупсарар национальнай бырайыагынан, Арассыыйа тутууга министиэристибэтин нөҥүө ыытыллар «Куорат тупсаҕай эйгэтин тэрийии» федеральнай бырагыраама чэрчитинэн ыытыллыбыт өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэскэ бары күргүөмүнэн куоластаабыппыт түмүгэр, Сунтаарбыт киин болуоссата олус тупсаҕай көрүҥнэннэ. Ленин болуоссата дьыл ханнык баҕарар кэмигэр олохтоохтор кэлэн сынньанан ааһар сирдэригэр кубулуйда. Аны билигин Партизан микрооройуонугар Экологтар искибиэрдэрэ бастакы түһүмэҕин тутуутугар федеральнай бүддьүөттэн өйөбүл үп ыламмыт үлэ түмүктэнэн эрэр.
Суол уонна тырааныспар министиэристибэтин нөҥүө ыытыллар «2020-2024 сс. СӨ тырааныспарын комплексын сайыннарыы» бырагыраамаҕа кыттан, Октябрь 70 сыла уулуссаны быйыл аспааллаатыбыт. Былырыын Октябрьскай уулусса эмиэ аспаалламмыта. Ону сэргэ, нэһилиэк иһигэр баар суолбутун өрөмүөннүүрбүтүгэр сылын аайы «Гражданскай оборона» диэн ааттаан субуотунньук тэрийэн, улахан тиэхиньикэлээх тэрилтэлэр кыттан, элбэх үлэ ыытыллар.
Икки хас сылтан бэттэх улууссабытын сырдатыыга үлэни ыыттыбыт. Онон билигин хараҥа кэмнэргэ дьон сылдьарыгар табыгастаах буолла.
Химия микрооройуонугар электрическай уот кыамтата олох мөлтөх этэ. Ону күүһүрдэр сыалтан элбэх үлэ, кэпсэтии түмүгэр ааспыт сыл бүтүүтэ манна «Химия» подстанция туруоруллубута.
– Элбэх кыбартыыралаах дьиэлэр тастарыгар «Уһук Илиҥҥэ 1000 тиэргэн» бырагырааманан оҕо оонньуур былаһааккалара баар буолбуттара олус бэрт. Оҕо-аймах манна мустан оонньуурун киһи хараҕа үөрэ көрөр. Инньэ диэн туран, нэһилиэкпитигэр демография боппуруоһа хайдаҕый диэн ыйытыым эрэ.
– Билиҥҥи туругунан нэһилиэкпитигэр 10684 киһи баара учуоттана сылдьар. Бу сылга 174 оҕо төрөөтө. Ааспыт сыллааҕар арыый эбиллии баар. Эдэр ыалбыт ахсаана эмиэ сылларынан ылан көрдөххө араастаһыы баар. Эдэр ыал көмөнү, региональнай да, федеральнай да буоллун, ыла олорор. Федеральнай эрэ өйөбүл буолбакка, биһиги Ил Дархаммыт Айсен Николаев өйөбүлүнэн, саҥа төрөөбүт ийэлэргэ, элбэх оҕолоох ыалга эмиэ өрөспүүбүлүкэттэн өйөбүл баар. Оттон биһиги өттүбүтүттэн эмиэ төһө кыах баарынан күүскэ наадыйааччыларга көмөнү оҥоробут. Эдэр ийэлэргэ сүбэ-соргу буолабыт, үлэ булалларыгар көмө биһиги өттүбүтүттэн хаһан баҕарар баар. Арассыыйа тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ тыа сирин сайыннарыыга бырагырааматынан элбэх оҕолоох ыалларбыт ылбыт сирдэригэр суол тутуута уонна уот ситимин тардыы үлэ барыахтаах. Бу «Өтөөкү» микрооройуоҥҥа.
Владимир Путин көҕүлээбит «Демография» нацбырайыак киһи үйэтин уһатар сыаллаах үлэлиир. Онон сиэттэрэн, биһиги олохтоох дьаһалта өттүттэн саастаах дьоммутугар кыһамньыбытын, болҕомтобутун уурабыт. Кинилэри үөрдэн-көтүтэн бэлиэ саастарынан истиҥ эҕэрдэбитин кытары бэлэхпитин уунабыт. Бу маны сорох дьон баҕар «ити улахан көмө буоллаҕай» дии саныахтара эрээри, саастаах, дьиэҕэ олорор дьоммутугар кыра да буоллар, кинилэр болҕомто баар буоллаҕына олус үөрэллэр. Онтон үөрэ-көтө олорор киһи үйэтэ уһуурун бары да билэбит. Кырдьаҕастарбытын ыҥыран олох-дьаһах туһунан атах тэпсэн олорон сэһэргэһэбит, кинилэр кыһалҕаларын кыһалҕа оҥостон, ону туоратарга биир сүбэни дьаһалтам үлэһиттэрин кытары тобулабыт. Бары бииргэ толкуйдаатахпытына, туох барыта тобуллар, кыаллар буоллаҕа.
Нэһилиэкпитигэр олох уустук балаһыанньатыгар түбэспит ыалбыт элбэх. Кинилэри кытары эмиэ туспа үлэ барар. Сорох дьоммутун, ханна да олорор сирдэрэ суох буолан, куораттары кытары быһаччы үлэлээн, анал дьиэлэргэ олохсута ыыттыбыт.
– Тыа хаһаайыстыбатын таарыйан ааһыахха. Нэһилиэккэ төһө хороҕор муостаах, сыспай сиэллээх быйылгы кыстыкка киирдэ. Ону сэргэ сири кытары үлэҕэ санааларыҥ?
– Быйылгы кыстыкпытыгар чааһынайдары, хаһаайыстыбалары ааҕан туран, уопсайа, 492 ынах сүөһү уонна 526 сылгы баар. Нэһилиэккэ 7 тэрээһиннээх хаһаайыстыба баар, сүөһүлээх, сылгылаах ыалбыт ахсаана – 83. Нэһилиэнньэ билигин сааскы, сайыҥҥы, күһүҥҥү ыйдарга түргэнник ситэр дьиэ кыылын ииттинэр. Кинилэргэ көмө буолан урукку өттүгэр чэпчэки сыанаҕа куурусса, сибиинньэ аҕалан атыылыыр этибит, ону сэргэ куурусса бурдуга эмиэ. Билигин сибиинньэ оҕотун «Лоҥкур» бааһынай хаһаайыстыбаттан дьон бэйэтэ кэпсэтэн ылар буолла.
Сири кытта үлэҕэ бу кэлиҥҥи икки сылга син улахан үлэ барда дии саныыбын. Ол курдук, «Кириэстээх» производственнай кэпэрэтиип Сунтаарга сир ылан, ону таҥастаан туһаҕа таһааран үлэлии сылдьар. «Достижение» тыа хаһаайыстыбатын кэпэрэтиибэ эмиэ быраҕыллан эрэр сирдэри ылан күрүөлээтилэр. Эһиилгиттэн саҕалаан бу сирдэригэр үүнээйи ыһыахтара. Ону таһынан оҕуруот аһын харайар ыскылаат тутуутун бырайыага оҥоһуллан экспертизаҕа баран эрэр. Онон сири кытары үлэ барар. Манна биири этиэххэ наада, биирдиилээн чааһынай киһи сири кытары үлэни ситэри ыыппат, бу маннык улахан үлэҕэ тэриллиилээх хаһаайыстыба ылыстаҕына эрэ көрдөрүү баар буолуо. Онон инникитин кэпэрэтииптээһиҥҥэ күүскэ үлэлэһиэхпитин наада дии саныыбын.
– Эдуард Егорович, кэнники сылларга үлэ бөҕө үлэлэннэ, ситиһии да баар. Түмүкпүтүгэр ыт боппуруоһун таарыйдахпытына сатанар…
– Дьэ, кырдьык, бу ыт боппуруоһа биһиги эрэ нэһилиэкпит, улууспут кыһалҕата буолбатах буолла. Манна аҥаардас дьаһалтаны эрэ буруйдуу, ыты уулуссаттан хомуйуҥ дии олорор кэрэгэй. Үлэ барбат буолбатах. Манна биһиги улууспут дьаһалтата бу соторутааҕыта нэһилиэк баһылыктарын кытары сүбэ мунньах ыыппыта. Онно дьиэ кыылларын иитиигэ федеральнай сокуоҥҥа Саха Өрөспүүбүлүкэтин сиригэр-уотугар уларытыылары киллэрии туһунан кэпсэтии буолбута. Мунньах түмүгүнэн Ил Түмэҥҥэ дьаһалта бэйэтин этиитин бэлэмнээн киллэрэргэ диэн быһаарыы ылылыммыта.
Уулуссаҕа сылдьар ыппыт бэйэлээх бэйэбит иитэн таһаарбыт кыылларбыт, онон хас биирдии киһи бэйэтэ улахан эппиэтинэһи сүгэн ииппитин өйдүөхтээх.
– Эдуард Егорович, түбүктээх кэм быыһыгар соло булан кэпсэппиккэр махтанабын. Инникитин да үлэ туһунан билсэ, кэпсэтэ туруохпут, дьоммутугар билиһиннэрэн суруйуохпут турдаҕа. Бу сылгыт ситиһиинэн түмүктэннин, кэлэр сылгыт кэскиллээҕи түстээтин!
Яина ВЛАСЬЕВА