Биһиги улууспутуттан элбэх киһи, ыччат бырамыысыланнай тэрилтэлэргэ вахта ньыматынан үлэлии-хамсыы, үлэлэригэр хайҕабылга сылдьаллар. Биир оннук холобур буолар ыччат – бүгүн биһиги хаһыаппыт ыалдьыта.
– Чойнов Михаил Иннокентьевич диэммин. Бэйэм Сунтаар Хаданыттан төрүттээхпин. 2016 сылга улуустааҕы дьарыктаах буолуу киинин нөҥүө Нерюнгри куоракка баран «машинист-погрузчик» идэтин үөрэнэн бүтэрбитим. Ол кэннэ «АЛРОСА» хампаанньа МУАД-гар (Мирнинское управление автомобильных дорог) киирбитим быйыл сэттис сылыгар барда. Үлэлиир тэрилтэм толору аата «Удачнайдааҕы суол-иис учаастага» диэн. Үөһээ Муунаҕа барар суолу көрөбүт-истэбит, наада буоллаҕына өрөмүөннүүбүт. Онон рудовозтар сылдьаллар. Сайынын ямочнай өрөмүөнү ыытабыт, кыһынын түһүүлээх-тахсыылаах сирдэригэр массыыналар халтарыйбатыннар, буксуйбатыннар диэн кумаҕы, гравийы кутуунан дьарыктанабыт.
Хамнаспытын кэмигэр төлөөн иһэллэр. Олорор, үлэлиир усулуобуйа барыта баар. Үлэлиир сирбит таһыгар толору хааччыллыылаах вагончиктар бааллар. Ким баҕалаах манна, ким Удачнайга баар уопсай дьиэҕэ, хоско иккилии буолан олоробут.
– Өссө ханнык улуустартан баалларый?
– Биһигини кытта Дьокуускайтан, Мэҥэ Хаҥаластан, Бүлүүттэн, Үөһээ Бүлүүттэн кэлбит дьон үлэлиир. Ону таһынан Бурятияттан, Иркутскай уобаластан, Москваттан, о.д.а. регионтан кэлии дьон баар.
– Үлэлиир болдьоххут хас хонуктааҕый?
– Вахтабыт уһуна оруобуна биир ый. Ол кэннэ дойдубутугар кэлэн толору биир ый сынньанабыт. Ону таһынан сылы толору үлэлээтэххинэ үс ыйдаах уоппуска биэрэллэр.
Вахтаҕа сылдьан аспытын бэйэбит астанабыт. Ону таһынан остолобуой эмиэ баар. Үгүспүт онно баран аһыыбыт. Ол эрэн бородуукта ылынан бэйэбит астана сатыыбыт.
– Михаил, түмүккэ эдэр дьоҥҥо тугу этиэҥ этэй?
– Саха сирин олохтоохторо, ордук эдэр ыччата, оробуочай идэҕэ үөрэнэн, баһылаан бырамыысыланнаска үлэлии кэлиҥ диэм этэ. Хамнаһа да үчүгэй, олорор усулуобуйа да баар.
Гаврил АНДРЕЕВ.