«Дыгын оонньуутугар» икки уолбут кыттыаҕа

Саха сирин бастыҥ бөҕөстөрө киирсэр, күөн көрсөр «Дыгын оонньуулара» Туймаада туонатын ыһыаҕын саамай күүтүүлээх, тыҥааһыннаах күрэҕинэн буолара саарбаҕа суох. Сунтаар улууһуттан икки боотур – Тимофей Большаков, Алексей Соколов кыттыахтара. Билигин уолаттар Саха сирин бастыҥ бөҕөстөрүн кытта улахан түһүлгэҕэ күөн көрсөргө ох курдук оҥосто сылдьаллар. Тимофейы, Алексейы кытары дьарыктарын кэмигэр көрсөн кэпсэттибит.

ТИМОФЕЙ БОЛЬШАКОВ

Төрөөбүт күнэ-дьыла: бэс ыйын 8 күнэ, 1994 с.

Төрөөбүт сирэ: Амма улууһа, Амма нэһилиэгэ

Ыйааһына: 76 кг.

Олоҕун этиитэ: Сыал – сорук – кыайыы

Тимофей Большаков многоборьеҕа хайдах кэлбитин, дьарыгын, «Дыгын оонньуутугар» кыттыыларын туһунан бу курдук кэпсээтэ: «Мин оҕо сылдьан успуорка уһулуччу талааннаах, ситиһиилээх буолбатах этим. Учууталларым ханна илдьэн кытыннараллар да, онно баран иһэрим. Онтон тастыҥ быраатым мас тардыһыытыгар аҕалбыта. Бу успуорт көрүҥүнэн таттаран туран дьаныардаахтык дьарыктанан саҕалаабытым. Ити кэмтэн саҕалаан ситиһиилэр кэлэн барбыттара. 2019 с. Сунтаар ыһыаҕар «Маччаҕа Бөҕө» оонньууларыгар многоборьеҕа кыайбытым.

2021 с. «Манчаары оонньууларыгар» бэйэм ыйааһыммар эмиэ многоборьеҕа кыайыылаах үрдүк аатын ылбытым. Бастакы сырыыбыттан успуорт маастарын нуорматын толорбутум, ону тэҥэ «Дыгын оонньууларыгар» бастакы путевкабын туппутум. 2022 с. «Дыгын оонньууларын» сүүмэрдээһинигэр эмиэ күүтүүлээх путевкабын туппутум. 2023с. сынньаммытым. Онтон быйыл чопчу кыттарга сыал-сорук туруорунан, дьарыкпын саҕалаан сүүмэрдээһини ситиһиилээхтик ааһан, оонньууларга кыттарга бэлэммин. Многоборьенан дьарыктанар спортсмеҥҥа «Дыгын оонньууларыгар» кыттыы улахан ситиһии, онтон кыайыы – муҥутуур чыпчаалы дабайыы буолар. Күрэхтэһэр уолаттары барыларын кытта сыһыаным үчүгэй. Ордук чугастык бииргэ улааппыт Амматтан Борис Сдвижковтуун билсэбин. Мин билигин Аллыҥа нэһилиэгэр физкультура учууталынан үлэлиибин. Үүнэн эрэр көлүөнэни успуорт эйгэтигэр сыһыарабын. Дьарыктыыр оҕолорум элбэх улахан ситиһиилэрдээхтэр. Аан дойду, Арассыыйа, өрөспүүбүлүкэ таһымыгар ситиһиилээхтик кытталларыттан олуһун үөрэбин, киэн туттабын. Быйылгы «Дыгын оонньууларын» састааба буоларын курдук күүстээх. Уолаттар бары биир тэтимнээхтэр, кыахтаахтар. Онон чаҕылхай киирсиилэр буолуохтара. Тириэньэрбинэн, сүбэһиппинэн Чурапчыга успуорка уһуйбут аҕа саастаах учууталбын Денис Заболоцкайы ааттыам этэ. Ол эрэн билигин кини тириэньэр үлэтиттэн тэйдэ. Бэйэм да уопутурдум. Билигин тириэ­ньэ­рэ суохпун, бэйэм дьарыктанабын. Сунтаар улууһун успуордун салалтата күүс-көмө, өйөбүл-тирэх буолар. Үлэбиттэн уоппускаҕа барыахпыттан сүрүн болҕомтобун дьарыкпар туһаайдым.  Күммүн дьарыкка аныыбын. Саамай билигин ыарахана аһылыкпын көрүнүү, туттунуу буолар. Ордук миэхэ минньигэс астан аккаастаныы ыараханнык ааһан эрэр (күлэр). Бэйэм минньигэһи сиирбин олус сөбүлүүбүн. Саахардаах ас дьарыктанар киһиэхэ буортута элбэх: түргэнник сылайаҕын, ууҥ тахсарын бүөлүүр.  Ону таһынан, бэйэм ис турукпун эмиэ сааһыланабын. Мин эмиэ инчэҕэй эттээх, тириилээх киһи буоллаҕым. Долгуйуу күрэхтэһии аайы баар. Ол эрэн, киирсии саҕаланна да долгуйбутум тутатына харахтан сыыһы ылбыт курдук түргэнник ааһар. Ааспат буоллаҕына ис туруккар кэһиллии тахсыбыт буолуон сөп. Билигин миэхэ сааһыланыы, тургутуу кэмэ».

Былырыыҥҥы «Дыгын оонньууларыгар» эмискэ сулус курдук күөрэйбит Алексей Соколов быйыл эмиэ иккис төгүлүн күрэх сүүмэрдээһинин ситиһиилээхтик ааһан кыттарга бэлэмнэнэ сылдьарын Дьоллоох Дьокуускай куоракка көрүстүбүт. Алексей билигин «Модун» успуорт комплексыгар дьарыктана сылдьар эбит.

 

АЛЕКСЕЙ СОКОЛОВ

Төрөөбүт күнэ-дьыла: от ыйын 22 күнэ 2003с.

Төрөөбүт сирэ: Сунтаар улууһа, Маар Күөл нэһилиэгэ

Ыйааһына: 73 кг

Олоҕун этиитэ: Хаһан да бэринимэ. Оччоҕо эрэ күнтэн күн сайдан иһиэҥ!

Алексей билигин ХИФУ горнай институт «техносферная безопасность» салаатын 3-с кууруһун устудьуона. «Успуорка 3-с кылааска үөрэнэ сылдьан кэлбитим. Аан бастаан остуол тенниһинэн дьарыктаммытым. Убайым мас тардыһар этэ. Кини «Манчаары оонньууларыгар» многоборьеҕа ситиһиилээхтик кыттыбыта. Ону көрөммүн, киниэхэ тардыһаммын многоборьенан  утумнаахтык дьарыктанан саҕалаабытым. Оскуолаҕа физкультураҕа учууталым, билигин тириэньэрим Анатолий Егорович Петров көмөтүнэн, кини дьарыктаан 2021 с. «Манчаары оонньууларыгар» оҕолорго многоборьеҕа чөмпүйүөн үрдүк аатын ылбытым. Онтон ситэн-хотон ыра санаа оҥостубут «Дыгын оонньууларыгар» сүүмэрдээһини ааһан былырыын резервэҕэ киирбитим. Оонньуу буолаары турдаҕына Алексей Уваровскай соһуччу эчэйии ылан туораабытын кэннэ, миигин ыҥырбыттара. Мин дойдубуттан Сунтаартан түүннэри айаннаан кэлэн Туймаада ыһыаҕын туонатыгар холобур оҥостор бөҕөстөрбүн кытта биир түһүлгэҕэ күрэхтэһэр чиэскэ тиксибиппиттэн үөрбүтүм да, долгуйбутум да… Ити оонньууларга тутум эргииргэ 3-с миэстэ буолбутум. Күүстээхтэри кытта тэҥҥэ илин-кэлин бырахсан санаам кынаттаммыта, бөҕөргөөбүтэ. «Дыгын оонньууларыгар» кыттыы миэхэ бу кыра, уһук сытар дэриэбинэттэн сылдьар уол баҕа санаатын толоруута, сыалын ситиһиитэ буолар. Аҕыйах хонуктааҕыта Маар Күөлтэн кэлбитим. Дэриэбинэбэр дьарыктанар усулуобуйам барыта баар. Дойдум салгына күүс, сэниэ эбэр. Биллэн турар, маннык дьарыктаныы элбэх үбү эрэйэр. Миэхэ биир дойдулааҕым тимир көлөнөн эргинэр Роман Иванов көмөлөһөр. Киниэхэ махталым улахан. Тимофей Большаковтуун эмиэ үчүгэйдик кэпсэтэбит, билсэбит. Билигин доҕорбун Эбээн Бытантай уолун Айыстаан Колесовтуун тэҥҥэ дьарыктана сылдьабыт. Кини өйөбүл-тирэх буолар. Дьон миигин билэр дии санаабаппын. Күннээҕи олохпунан олоробун.  Үөрэхпиттэн иллэҥ кэммин дьарыкка аныыбын. Биир дойдулаахтарым «Дыгын оонньууларын» көрүҥ, сунтаардарга ыалдьыҥ. Эһиги үтүө санааҕыт, алгыскыт биһиэхэ күүспүтүгэр күүс,  кыах эбиэҕэ.»

Мира АФАНАСЬЕВА