Сунтаардааҕы психологическай киин исписэлиистэрэ ааспыт нэдиэлэҕэ, тохсунньу 27 күнүгэр, Аҕам саастаах дьоҥҥо “Дуоһуйуу, ис туругу бөҕөргөтүү” диэн тиэмэлээх психологическай тренини ыыттылар. Бу тэрээһиҥҥэ кэлбит дьон бэйэни чэбдигирдэр массажка сырыттылар, арт-терапия ньыманы туһанан уруһуйунан ис туругу сааһыланарга, сөпкө тыынарга, хамсанарга үөрэннилэр. Хас биирдиилэригэр дьиэҕэ олорор кэмнэригэр дьарыктана сылдьалларыгар көмө, өйдөбүнньүк сүбэ-ама туттарылынна. Кыттаччылар тэрээһини олус сэргээн, сөбүлээн дьарыктаннылар. «Өссө да маннык тэрээһиннэр буолалларын баҕарабыт» диэн санааларын эттилэр. Инникитин даҕаны бу курдук тэрээһиннэр өссө да былааннанан ыытылла туруохтара.
Алена ПАВЛОВА, социальнай педагог,
Татьяна АНТИПИНА, психолог.