Бүгүн Сунтаар улууһун дьаһалтатыгар Арассыыйа Дьоруойа Филипп Евсееви кытта видеосибээскэ тахса сырыттылар. Бу туһунан улуус дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Дойду киэн туттуута буолар биир дойдулаахпыт чугас дьонун кытта улуус баһылыга Анатолий Григорьев көрүстэ, ону тэҥэ Филипп Александровичка Сунтаар улууһун дьаһалтатын аатыттан 5 мөл.солк.суумалаах туоһу суругу туттаралларын туһунан иһитиннэрдэ. Манна дойдутугар кинини долгуйа күүтэллэрин эттэ.
Санатар буоллахха, бүгүн балаҕан ыйын 6 күнүгэр Дьокуускай куоракка Сунтаар улууһун землячествота Арассыыйа Дьоруойа Филипп Евсееви кытта көрсүһүүгэ биир дойдулаахтарбытын ыҥырбыта.
«Сунтаар сонуннара» улуус хаһыата.