Бүгүн Арыылаах орто оскуолатыгар Арассыыйа уонна ДНР Дьоруойа, биир дойдулаахпыт Дмитрий Егоров олоҕун бүтэһик күннэригэр диэри кэтэ сылдьыбыт бронежилетын, «Сунтаар» диэн позывной суруктаах кааскатын, Санкт Петербург худьуоһунньуга Виктор Чернов уруһуйдаабыт мэтириэтин Дьокуускай куорат «Арассыыйа — мин историям» историческай түмэлиттэн быыстапкаҕа дьон көрүүтүгэр аҕаллылар.
Экспонаттары С.А. Зверев-Кыыл Уолун аатынан холбоһуктаах түмэл салайааччыта Альбина Федорова, фонда сүрүн харайааччыта Эмма Васильева туттардылар. Нэһилиэкпит баһылыга Иван Игнатьев, Дмитрий бииргэ үөрэммит уолаттара, оҕо уһуйаанын үлэһиттэрэ, иитиллээччилэрэ кыттыыны ыллылар. «Сулусчаан» уһуйаан иитиллээччитэ Кирилл Никифоров Дьоруой туһунан сүрдээх үчүгэйдик кэпсээбитин бары сэҥээрэн иһиттибит.
Быыстапка биир нэдиэлэ устата туруоҕа. Биир дойдулаахтарбыт, чугастыы олорор Маар Күөл, Дьаархан олохтоохторо, үөрэнээччилэрэ кэлэн көрүөхтэрэ. Салгыы экспонаттар Сиэйэ нэһилиэгэр айанныахтара.
Нэһилиэкпит олохтоохторун, биир дойдулаахпыт кэтэ, тутта сылдьыбыт малларын кэлэн көрөргүтүгэр ыҥырабыт.
Надежда ПЕТРОВА