Бэҕэһээ Арыылаах агрохайысхалаах оскуолатыгар Арассыыйа уонна ДНР Дьоруойа Дмитрий Егоров сырдык кэриэһэр аналлаах байыаннай хаамыы уонна ырыа күрэһэ ыытылынна. Үөрэнээччилэр бу тэрээһиҥҥэ бэлэмнэммиттэрэ ыраатта. Ол түмүгэр, бүгүн олус бэрт хаамыыны көрдүбүт, ырыалары иһиттибит. Чобуо куоластаах хамандьыырдар араапар биэрэн чоргуйдулар, кылаастарын хамаандалаан хаамтардылар. Ол түмүгүнэн кыра кылаастарга бастакы миэстэни 4-с кылаас, иккиһи 3-с кылаас, үсүһү 2-с кылаас, 5-7-с кылаастарга бастакы миэстэни 7-с кылаас , иккиһи 6-с кылаас, үсүһү 5-с кылаас, үрдүкү кылаастарга бастакы миэстэни 9-с кылаас, иккиһи 8-с кылаас, үсүһү 10-с кылаастар ыллылар. Бастакы кылаас оҕолоро саҥа маннык тэрээһиҥҥэ кытталлар диэтэххэ бэркэ хаамтылар, хамандыыр саҥата чоргуйан олорор.
Бастыҥ хамандыырдарынан Валдемар Иванов, Марк Тихонов, Александр Евсеев буоллулар.
Маннык тэрээһин, биллэн туран, оҕолору түмэр-сомоҕолуур, төрөөбүт дойдуга ытыктабылы, сүгүрүйүүнү олохтуур суолталаах.
Надежда ПЕТРОВА,
дириэктэри иитэр үлэҕэ солбуйааччы