Ахсынньы 3 күнүгэр Аан Дойдутааҕы доруобуйаларынан хааччахтаах дьон күнэ бэлиэтэнэр.
Улууспут баһылыга Анатолий Григорьев ахсынньы 2 күнүттэн доруобуйаларынан хааччахтаах дьоҥҥо аналлаах дэкээдэ биллэриллэрин туһунан дьаһала тахсыбыта.
Дэкээдэ чэрчитинэн улуус таһымнаах араас тэрээһиннэр ыытыллаллара былааҥҥа баар. Холобур, ахсынньы 1 биир күнүттэн Ыччат дьиэтигэр «Үтүө санаа харыйата» туруоҕа. Бу үтүө дьыаланы улуус ыччакка бэлиитикэтин отдела сылын аайы ыытар. Үтүө санаалаах дьоммут манна үөрэ-көтө кыттан, доруобуйаларан хааччахтаах оҕолорбутугар минньигэс бэлэхтэри аҕалан туттарар. Быйыл да бары көхтөөхтүк кыттыахпыт.
Ахсынньы 1 күнүттэн 10 күнүгэр диэри «Дьоллоох оҕо саас» бэстибээл тэриллиэҕэ. Бу тэрээһин онлайн форматынан барар.
Ахсынньы 2-6 күннэригэр улуустааҕы социальнай харысхал управлениетыгар Аһаҕас аан күннэрэ буолуохтара. Ону сэргэ управление үлэһиттэрэ нэһилиэктэринэн сылдьан, көрсүһүү тэрийэхтэрэ, сэминээр ыытыахтара, информационнай көмө оҥоруохтара.
Ахсынньы 3 күнүгэр «Партизан» НАТК сарсыардла 9 чаастан мобильнай киин кэлэн, диспансеризация оҥоруохтара. Ону таһынан дефектолог, логопед, доруобуйа харыстабылын үлэһиттэрэ консультация ыытыахтара. Сарсыарда 11 чаастан тустаах исписэлиистэр үлэлэрин саҕалыыллар. Бу күн дэкээдэни аһыы буолуоҕа. «Иккис сулус» инклюзивнай куонкурус, «Партизан» киин фойетыгар дартс, корнхолл көрүҥнэригэр күрэхтэһии ыытыллыаҕа. Дьарыктаах буолуу киинэ доруобуйаларынан хааччахтаах дьоҥҥо үлэ дьаарбаҥкатын эмиэ бу күн тэрийэр, буолар сирэ – Дьарыктаах буолуу киинэ.
Ахсынньы 4 күнүгэр Арассыыйа Дьиэ кэргэн, өрөспүүбүлүкэбитигэр Оҕо саас сылларын чэрчилэринэн, ДСЮШ успуордун саалатыгар «Мама, папа и я – спортивная семья» диэн ааттаах тэрээһин буолар.
Ахсынньы 5 күнүгэр социальнай харысхал управлениета сытар ыарыһаҕы хайдах көрөргө-харайарга анал үөрэҕы олохтоох дьаһалта дьиэтигэр ыытар. Киин балыыһа эмчиттэрэ Күндэйэҕэ, Түбэй Дьаархаҥҥа тахсан ыарыһахтары көрүөхтэрэ. Кинилэри кытары дефектолог, логопед сылдьыһыахтара.
Социальнай харысхал управлениетын, Дьарыктаах буолуу киинин, социальнай пуонда, балыыһа исписэлиистэрэ кыттыылаах Төгүрүк остуол улуус дьаһалтатын мунньахтыыр саалатыгар ахсынньы 6 күнүгэр күнүс 3 чаастан буолара былааҥҥа турар.
Харахтарынан мөлтөхтүк көрөр дьон остуол тенниһигэр (шоудаун) күрэхтэһиилэрэ ахсынньы 7 күнүгэр ыытыллыаҕа.
Мантан да атын тэрээһиннэр улууспут бары нэһилиэктэригэр ыытыллыахтара.
Оттон дэкээдэни сабыы тэрээһинэ «Партизан» НАТК ахсынньы 10 күнүгэр буолуоҕа.
«Сунтаар сонуннара» хаһыат