Тохсунньу 31 күнүгэр, С.А.Зверев — Кыыл Уола аатынан норуот айымньытын киинигэр доруобуйаларынан хааччахтаах дьон ортолоругар сахалыы остуол оонньууларыгар күрэс буолан ааста. Адаптивнай успуорт федерациятын старшай тириэньэрэ Афанасий Жараев күрэхтэһиитэ, буоларын курдук, олус тэрээһиннээхтик барда.
Уопсай түмүккэ, истэллэригэр хааччахтаах эр дьоҥҥо:
I миэстэ — Иван Тимофеев
II миэстэ — Илларион Михайлов
III миэстэ — Егор Спиридонов
Дьахталларга:
I миэстэ — Людмила Черепанова
II миэстэ — Айталина Ефремова
III миэстэ — Саргылаана Александрова
Хамсаналларыгар хааччахтаах дьон (ПОДА — ларга) эр дьоҥҥо:
I миэстэ — Николай Егоров
II миэстэ — Айвар Павлов
Дьахталларга:
I миэстэ — Нина Краскова
II миэстэ — Лидия Васильева
III миэстэ — Наталья Максимова
Доруобуйаларыгар уопсай хааччахтаах дьоҥҥо (ВОИ-ларга)
I миэстэ — Екатерина Иванова
II миэстэ — Саргылаана Иванова
Бу курдук, күннээҕи түбүктэн аралдьыйан, бэйэ-бэйэни кытта алтыһан биир ураты, көхтөөх күн буолан ааста.
Екатерина ИВАНОВА
«Сунтаар сонуннара» улуус хаһыатын уопсастыбаннай кэрэспэдьиэнэ.