Тоҕус оһуордаах түһүлгэ алгыстаах кэнсиэригэр сылдьан тохтоло суох оһуохайдаан ойдум, эһиэкэйдээн тэйдим. Кырдьаҕас оһуохайдьыт А.Н. Романов эдэр тэтимин илдьэ сылдьар эбит. Хорунов Валентин хамсаныытыгар холбостум, бииртэн биир эдэр оһуохайдьыттар солбуйса сылдьан эттилэр. Биир дойдулаахтардыын кэпсэтэн, оһуохайдаан баран кэнсиэртиир саалаҕа киирдибит. Сунтаар күөрэгэйэ Людмила Акимова кэрэ куолаһынан ыллаан үөртэ. Үөлээннэхпит куолаһын истэн сиспитин көннөрөн сэгэйэ үөрдүбүт. Онтон култуура миниистирэ Афанасий Ноев эҕэрдэлээн, улуус, култуура салайааччылара эһиил буолар С.А. Зверев-Кыыл Уола 125 сыллаах үбүлүөйүн Олоҥхо дойдута Сунтаарга ыытыллар ыһыахха бэлиэтииргэ дуогабар баттаспыттарын, үүнүү-сайдыы суолугар киэҥ аартык тэлэллибитин курдук мин өйдөөтүм. Көннөрү көрөөччү хараҕынан, үөрбүччэ, астыммычча санаабын үллэстэбин. Улууспут баьылыга Анатолий Григорьев икки күннээх 900 кыттааччылаах күрэскэ, улахан да дьоҥҥо, кыра да оҕолорго, кыайыылаах буолбуттарга харчынан бириэмийэни туттарда. Эһиил өссө тыһыынча киһи кыттыылаах дьоро күннэр тосхойуохтарын иһитиннэрдэ. Манна сүрүн тэрийээччинэн култуура үлэһиттэрэ, култуура салалтата (салайааччы С.Д. Омукова) буолбуттара харахха быраҕыллар. Тэрээһиҥҥэ тиийбиппитигэр оннооҕор олорор сирбитин ыйан, сорохтору сирдээн илдьэн олортулар. Кылаан кыайыылааҕы талар үтүө үгэс туһунан сиэрдээх-туомнаах эбит. Бириэмийэни бу улахан түһүлгэ сүрүн үбүлээччитэ «Арктик-Капитал» ХЭТ салайааччыта М.Н. Евсеев «Кылаан кыайыылаахха» 300 тыһыынча солк. бирииһи туттарда, тимир ууһугар Василий Макаровка!!! Дойдум дьоно биир тыынынан, биир санаанан кэлэн сэргэх күрэхтэһиини өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо кыттыылаах үрдүк таһымҥа ыыттылар диэн көрөөччү быһыытынан сыаналаатым. Кыайбыт дьону-сэргэни аахпатым, араас улуустан кэлбит кыайыылаахтар кэрэ кэпсээн, сойбот сонун гыныахтара.
Октябрина СТЕПАНОВА