Түбэй-Дьаархан нэһилиэгэ биир сүрүн соругунан анал байыаннай дьайыыга сылдьар биир дойдулаахтарын дьиэ кэргэттэригэр көмөнү оҥоруу буолар. Көмөнү нэһилиэк дьаһалтата сүрүннүүр. Ол курдук, дьаһалта 8 ыалы көрөр-истэр. Төһө да уолаттар дьиэ кэргэттэрэ куоракка олордоллор, төрөппүттэрэ Түбэй-Дьаархан нэһилиэгин олохтоохторо буолаллар. Ол иһин тыа олоҕун күннээҕи түбүгэр кыах баарынан саастаах дьоҥҥо көмөлөһөллөр. Саас, күһүн маһы тиэйии, кыһын мууһу ылыы, маһы хайытыы, идэһэ бэлэмнээһинэ буоллун, нэһилиэк дьаһалтата хас биирдии көрдөһүүнү быһа гыммакка, барытын толорор.
Туйяра Данилова бииргэ төрөөбүт быраата А. билигин анал байыаннай дьайыыга сылдьар. Ийэлэрэ Тамара Данилова 67 саастаах Түбэй-Дьаархан нэһилиэгин олохтооҕо, доруобуйатынан хааччахтаах. “Биһиги дьиэ кэргэнтэн анал байыаннай дьайыыга бырааппыт сылдьар. Ол кэмтэн ийэбит соҕотох олорор. Нэһилиэк дьаһалтата ийэбитин көрүүгэ-истиигэ ылбыта. Кини күннээҕи да кыһалҕатын барытын тутатына толороллор. Саастаах киһиэхэ кыра да көмө, болҕомто наада. Маһын, мууһун бэлэмнээтилэр. Сайын дьиэтин муостатын, акылаатын бүтүннүү уларыппыттара.Мин билэрбинэн, биһиги нэһилиэккэ хас да ыалга көмөнү оҥороллор. Бэлиэ күннэргэ ийэбитигэр улуус баһылыгыттан Анатолий Григорьевтан махтал сурук, бэлэх ыыталлар. Бырааппытын сынньалаҥыгар кэлэ сырыттаҕына нэһилиэк баһылыга Сергей Иванов көрсөн кэпсэппитэ, бэлэх-туһах биэрбитэ. Бырааппытыгар нэһилиэк дьоно бүттүүн алгыс тылларын аныыллар. Саныахха олус үчүгэй. Ол иһин, биһиги дьиэ кэргэн харысхаллаах, тирэхтээх курдук сананабыт. Биһиги дьиэ кэргэн түгэнинэн туһанан нэһилиэкпит дьонугар ийэбитигэр уолун суохтаппат курдук көмөлөрүн иһин махталбытын тириэрдэбит”.
“Анал байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттарбыт дьиэ кэргэттэригэр, төрөппүттэригэр көмөлөһүү, кинилэр кыһалҕаларын быһаарыы биһиги ытык иэспит буолар. Оттук маска, мууска наадыйалларын эттэхтэринэ тутатына быһаарарга кыһаллабыт. Биһиги нэһилиэкпититтэн анал байыаннай дьайыыга сылдьар А. соҕотох олорор ийэтигэр мантан саас оттук маһын бэлэмниэхтээхпит. “Народный бюджет” тосхолунан дьиэтин өрөмүөнүгэр 100.000 солк көрдөрбүппүт. Ийэ билигин сылаас дьиэҕэ олорор, кыһыны этэҥҥэ кыстаата. Ийэ барахсан санаатын көтөҕөбүт, уолун туһунан туоһулаһабыт, үөрүүлээх сонуннарбытын үллэстэбит. Ааспыт сылга биһиги нэһилиэккэ саҥа ыал баар буолла. Хомуурга түбэһэн барбыт уол сынньалаҥын кэмигэр кэлэ сылдьан эрдэттэн билсэр кыыһын кэргэн ылбыта. Билигин оҕолоохтор. Уол сулууспатыгар барбыта. Кыыс Түбэй-Дьаархаҥҥа оҕотун көрөн олорор. Аҕаларын суохтаппат курдук эдэр ийэҕэ эмиэ туох сатанарынан көмөлөһөбүт. Анал байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттар дьиэ кэргэттэрэ улууска буолар култуура тэрээһиннэригэр босхо сылдьаллар. Доруобуйаларын көрдөрөр буоллахтарына, балыыһаҕа уочарата суох сылдьаллар. Нэһилиэк дьоно бүттүүн ас-таҥас, харчы хомуйан уолаттарбытыгар ыытабыт. Дойду үрдүнэн ыытыллар анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын өйүүр аахсыйаларга бэйэбит сэмэй кылааппытын киллэрэбит. Билигин блиндаж чүмэчитин оҥоро сылдьабыт”, — диэн Түбэй-Дьаархан нэһилиэгин баһылыгын солбуйааччы Любовь Тихонова иһитиннэрдэ.
Биир нэһилиэк холобуругар анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэригэр көмө туһунан сырдаттыбыт. “Дьонноох киһи тутайбат” дииллэринии, анал байыаннай дьайыыга сылдьааччылар дьиэ кэргэттэригэр тустаах көмө, өйөбүл баар буоллаҕына, уолаттарбыт ордук бигэ тирэхтээх, бөҕө куйахтаах курдук сананыахтара буоллаҕа.
Мира АФАНАСЬЕВА