Сунтаарга биллэр блогер, суруналыыс, уопсастыбанньык Тускулаана Горохова-Кобельянова улууһун дьонугар «Норуот билиниитэ» диэн бэйэтин ис санаатыттан бириэмийэ олохтоон туттарарын туһунан социальнай ситимнэригэр кэпсээбитэ. Хайы сах, блогер үһүс бириэмийэтин туттарбытын туһунан иһиттибит. Бу иннинэ «Сунтаар сөбүлүүр атыыһыта», «Сунтаар сөбүлүүр үрүҥ халааттаах аанньала» диэн @TUSCU социальнай ситимнэригэр куоластааһынынан талбыт бастыҥ үлэһит дьонун астына көрбүппүт. Онтон дьон үтүө тылыттан саҕыллан «Сунтаар махтанар таксиһа» диэн ааты сыыдам сырыылаах, айанньыттарга үтүө сыһыаннаах суоппардарга туттартаабыта. Бу бириэмийэ туох санааттан тэриллибитэй, кимнээх ылбыттарын туһунан сиһилии кэпсэтэргэ сананныбыт.
– Үтүө күнүнэн, Тускулаана. Көрсүбэтэх ыраатта. Хара байҕал көй салгына туһалаабыта сирэйгэр-хараххар тута көстөр. Олус сынньаммыт көрүҥнээххин. Сынньалаҥҥа барыаҥ иннинэ номнуо үһүс норуот билиниитин туттара сылдьаргын социальнай ситимнэргэ көрбүппүт. Эн туох санааттан «норуот билиниитэ» диэн бириэмийэни олохтуурга сананныҥ?
– Сөбүлээн ааҕар «Сунтаар сонуннара» хаһыатым ыҥырыытын быһа гыммаккабын, уһун айантан кэлээт, эһиэхэ кэллим. Бириэмийэ диэн олус улаханнык эттигит. Мин Тускуттан «Норуот билиниитэ» диэн ааттыыбын. Бастатан туран, тоҕо социальнай ситимҥэ тэрийбиппиттэн саҕалыам. Мин 1000-нан сурутааччылаах блогер буолар санаалаах социальнай ситимнэрбин үлэлэтэн саҕалаабатаҕым. Суруналыыс буоларым быһыытынан улууһум үтүө сонуннарын куйаар ситимигэр харайарым. Онтон улам дьон мин тус олохпун, дьиэ кэргэммин, үлэбин интэриэһиргиирин өйдөөммүн, быыһы сэгэтэн арыйалларын курдук, бэйэбин арыйан саҕалаабытым. Ол эрэн, Сунтаарга буолар тэрээһиннэри, үтүө саҕалааһыннары, хамсааһыннары сырдатарбын тохтоппотоҕум. Ордук саҥа көрүүлээх, сайдыыга тардыһар дьон, олох-дьаһах туһунан сырдатарбын сөбүлүүбүн. Сурутааччыларым ону олус үчүгэйдик билэллэр. Элбэх ахсааннаах сурутааччыны сырсыбаппын. Сурутааччыларым мин ис эйгэбин, турукпун өйдүүр дьон буолалларыттан үөрэбин. Тускуттан «Норуот билиниитин» иитиэхтии сылдьыбытым ыраатта. Бэйэм бу курдук ис хоһоонноох хас да бырайыагы төрүттээбитим. Үлэлии сылдьан култуура эйгэтигэр бастыҥ ситиһиилээх дьону чиэстиир «Дойдубар, дьоммор ситиһии көтөллөнөн…» диэн бырайыагы култуура салалтата буолан тэрийэрбит. Ол иһин балай да таһымнаах тэрээһиннэри тэрийэргэ, олохтуурга уопуттаах киһибин дии саныыбын. Уонна блогер да буоларбынан дьон эрэлин ылбыт үлэһиттэри сурутааччыларбар билиһиннэриэхтээхпин диэн эппиэтинэстээх курдук сананабын. Саамай сүрүнэ – үлэһит киһи хаһан баҕарар сыаналаныахтаах. Үтүө тыл киһи санаатын көтөҕөр, өссө улахан таһымҥа кынаттыыр. Ол иһин, дьон махталын, билиниитин ылбыт дьону кыратык да буоллар куйаар ситиминэн сырдатыахтаахпыт.
– Оччоҕо, бастыҥ үлэһит аатын ылбыт дьоммутун улуус хаһыатын нөҥүө билиһиннэриэххэ. «Суруллубут – суоруллубат» диэн бэргэн этии баар. Биһиги хаһыаппытыгар тахсыбыт дьон үйэлэргэ үйэтитиллэн хаалаллар. Оннук курдук хаһыат күүстээх!
– «Мин сөбүлүүр атыыһытым» диэн куоластааһыҥҥа олус элбэх киһи хоруйдаан, биир санаанан кыайыылааҕынан «Катерина» лааппы атыыһыта Дима Красков буолла. Дима өҥөтүнэн туһаммыт кини үтүөтүн, эйэҕэһин, олус култууралаах атыыһытын бэлиэтииллэр. Кини кыайбыт диэни истэн үөрбүт өссө элбэҕэ.
Оттон «Бастыҥ лааппы» үрдүк аатын «Мясной двор» ылыан ылбыта. Аны бэйэм анал бирииспин «Мясной двор» кырачаан кыысчаана», диэн таптаан ааттыыр кыыспытыгар Аэлита Ивановаҕа туттарбытым. Ону таһынан хас биирдии норуот билиниитигэр тус бэйэм махталбын, билиниибин тиэрдэр үгэстээхпин, бу билиниигэ үгүс дьон кэрэхсиир атыыһытыгар Светлана Зедгенидзеваҕа (Чалбановаҕа) туттарбытым. Кини эмиэ олус элбэх куолаһы ылбыта.
«Сунтаар сөбүлүүр үрүҥ халааттаах аанньала» диэн билиниибэр 100-тэн тахса киһи санаатын истэн маннык түмүктэр таҕыстылар. Сунтаар сөбүлүүр быраастарынан Василий Новгородов – гинеколог-акушер, Лидия Яковлева – оҕо бырааһа, Мария Шуман – акушерка, Варвара Игнатьева – Кириэстээх балыыһатын медсестрата, Мотрена Сидорова – «Доруобуйа киинэ» медсестрата буоллулар. Үксүн дьон кинилэри ыарыһахха үтүө сыһыаннаахтарын, үрдүк таһымнаахтарын, элбэх билиилээхтэрин ыйбыт этилэр.
Тус билиниибин бастакы көрбүт-эмтээбит бырааспар Элгээйигэ үлэлээбит оҕо бырааһыгар Марта Герасимоваҕа, дьүөгэбит үрүҥ халааттаах үлэһиккэ, Сахая Кутановаҕа уонна кэмигэр сүбэнэн көмө буолбут Татьяна Морозоваҕа туттардым.
Оттон күһүн «Сунтаар махтанар таксиһа» диэн билинии түмүгүнэн ыраах айан суоппардарыттан Сиэйэттэн Семен Мамонтов, Сунтаартан Айаал Куприянов, Аллыҥаттан Афанасий Саввинов ыллылар. Онтон улуус иһигэр Сунтаартан Светлана Дмитриева уонна Аллыҥаттан Елена Николаева ыланнар олус үөрбүттэрин, долгуйбуттарын билинэллэр. «Холобур буолар таксистар» диэн Элгээйиттэн Николай Евсеевкэ уонна Сунтаар нэһилиэгин бастакы таксистарыттан биирдэстэригэр Борис Павловка хайҕабыл сурук туттардым. Бу дьон билиниитин тылбынан эрэ этэн кэбиспэппин. Хас биирдиилэригэр Добун сурук уонна сэмэй бэлэхпин туттарабын.
Түгэнинэн туһанан, норуот билиниитигэр кыттыспыт дьоммор Дмитрий Иванов салайааччылаах «Авторитет», Александр Иванов салайааччылаах «Автобест» авто сервистарга, урбаанньыттарга – «Четыре сезона» Сара И, «У Насти» Анастасия Даниловаҕа, үрүҥ халааттаах аанньалларга профсоюзтара көмө буолбута, онтон атыыһыттарга улуус баһылыгын солбуйааччы Борис Васильев өйөөбүтүгэр махталбын тириэрдэбин.
– Салгыы «Норуот билиниитэ» салҕаныа дуо?
– Сурутааччыларым, Сунтаар олохтоохторо «Норуот билиниитин» тохтоппокко салгыы парикмахердарга, олоҕу-дьаһаҕы хааччыйар тэрилтэ үлэһиттэригэр оҥор диэн этэллэр. Баҕа санаам диэн бу бириэмийэлэр түмүктэринэн добун түһүлгэ олохтонуоҕун баҕарабын. Дьон үтүө санаата ыраахха кынаттаатын, баҕа санааларбытын толорорго дьулуһуохха.
Мира АФАНАСЬЕВА