Дьон олоҕун чэпчэтэргэ аналлаах өйөбүл

Улууспутугар быйыл бүгүҥҥү туругунан 149 киһи социальнай хантараагынан туһанна. Ол иһигэр  бэйэ дьыалатын тэриниигэ – 34,  тус хаһаайыстыбаҕа  – 28,  үлэ көрдөөһүҥҥэ – 12, олох ыарахан балаһыанньатыгар түбэспит –  12, оҕо сайдыытыгар 28 киһи хамыыһыйаны ааһан өйөбүл ылла.

Социальнай хантараак диэн судаарыстыба кыаммат араҥаны, кыра дохуоттаах дьиэ кэргэни уонна гражданнары өйүүр миэрэтэ. Бу өйөбүлүнэн туһанан, олох охсууларыттан, ыарахан балаһыанньаттан тахсыбыттар үгүстэр.

Социальнай хантараагынан туһаныы усулуобуйата сылын ахсын уларыйан иһэр. Онон сиэттэрэн, биһиги  улуустааҕы социальнай харалта управлениетын салайааччыта Михаил Тимофеевтан  быйылгы сылга манна туох уларыйыылар киирбиттэрин өссө төгүл ыйыталастыбыт.

Маныаха управление салайааччыта маннык иһитиннэрдэ:

Социальнай хантараагынан тиийинэн олоруу биир киһиэхэ 21272 солкуобайтан кыра буоллаҕына туһаныахха сөп. Манна алта хайысха баар. Ол курдук, ИП, бэйэ хаһаайыстыбатын тэринэргэ, олох ыарахан балаһыанньатыгар түбэспиттэргэ диэн көрүҥ киирэр. Бу үһүс көрүҥ хас да араастаах, ыал ыарахан балаһыанньаланнаҕына, Уһук хоту олохтоохторугар көһө сылдьар дьиэ кэргэн судаарыстыбаттан туһанар өйөбүлэ.  Оттон “Забота” диэҥҥэ инбэлиит оҕолоох, эбэтэр инбэлиит буолбуттар, онтон да атын ыарахан балаһыанньалаахтар киирсэллэр. Олоххо киһи көһүппэтэх өттүттэн уустук балаһыанньа тахсыан эмиэ сөп. Манна биһиги судаарыстыбабыт дьонун-сэргэтин көмүскүүр сыаллаах эмиэ биир көрүҥэ социальнай хантараакка киирэр, ол  — “Социальнай навигатор” диэн хайысха. Манна дьиэ кэргэн сыһыаныгар, холобур, ким эрэ кими эмэ атаҕастыыр-баттыыр түгэнигэр социальнай өйөбүл ылан, олоҕун, доруобуйатын  тупсарынарыгар туһаныан сөп. Ону сэргэ бу көрүҥҥэ сокуоннай саастарын ситэ илик ийэлэр, тулаайах оҕолор, кырдьаҕастар, биэнсийэлээхтэр киирэллэр. Оттон соҕотох олорор инбэлииттэр дохуоттара тиийинэн олоруу алын кээмэйиттэн кыра буоллаҕына, “Рука помощи” диэн хайысханан өйөбүл ылыахтарын сөп. “Верный шаг” диэн эмиэ баар: бу хаайыыттан саҥа тахсыбыттарга туох да дохуоттара суох буоллаҕына көрүллэр.  Быйылгыттан оҕо доруобуйатын тупсарарга, эт-сиин, билии-көрүү өттүнэн сайдарыгар дьиэҕэ оҕо туһанарыгар тэрил атыылаһарга туһаайыллар “Развивайка” диэн хайысха үлэлээтэ. Бу манна элбэх оҕолоох ыал киирсэр, ол эрээри манна биир усулуобуйатынан оҕо единэй босуобуйатын ылар буолуохтаахтар.

Өссө доруобуйаларынан хааччахтаах дьоҥҥо анал бырагыраама үлэлиир. Урут манна элбэх киһи хапсыбат этэ, ол сүрүн биричиинэтэ дохуоттара сөп түбэһэр этэ. Онон маны учуоттаан, нэһилиэнньэ бу араҥата бэйэ дьыалатын тэринэн дьарыктаах буоллуннар диэн дохуоттара тиийинэн олоруу алын кээмэйиттэн арыый үрдүк буолла. Социальнай хантараагынан өйөбүл ылан кинилэр ИП, ЛПХ тэриниэхтээхтэр. Өссө үлэтэ суох  киһи үлэ булуон иннинэ социальнай управлениеҕа учуокка турар. Ол кэннэ үлэ булуор диэри уонна үлэлиир 3 ыйыгар социальнай хантараак усулуобуйатыгар киирсэн босуобуйа ылар кыахтанна. Дьэ бу курдук хайысхаларынан нэһилиэнньэ туруктаах буолуутугар судаарыстыбаннай өйөбүл көрүллэр.

Дьон ордук ас астааһыныгар, иис, бу кэлин тимиринэн уһаныыга, тириини таҥастааһыҥҥа, сибэккини үүннэриигэ өҥө оҥорорго хантараах нөҥүө харчы ылан дьарыктаналлар, кинилэртэн атахтарыгар туран эрэллэр элбэхтэрэ үөрдэр.

Олортон биирдэстэрин туһунан кылгастык билиһиннэриим. Бу өйөбүлү туһанан, Юрий Михайлов тимиринэн араас дьэрэкээн оҥоһуктары сакааска оҥорор дьарыктаах. Юрий Иосифович Үөһээ Бүлүүгэ,   сахалыы куттаах, өйдөөх-санаалаах элбэх оҕолоох ыалга төрөөбүт. Төрөппүттэрэ илиилэригэр, тарбахтарыгар олус талааннаах дьон, ону батыһан бу Михайловтар оҕолоро бары да талааннаахтарын кинилэр биир дойдулаахтара, кинилэри билэр дьон киэн тутта кэпсииллэр.

Юрий Иосифовичтаах икки буолан үлэлииллэр. Ол курдук, эмиэ илиитигэр талааннаах уус киһи Александр Ордахов  дьон сакааһын кыһамньылаахтык, хаачыстыбалаахтык оҥорор, бэрт ыраас буочардаах үлэһит. Бэйэ дьыалатын тэриммит тимир ууһугар ситиһиилэри, таһаарыылаах үлэни, үгүс дьон махталын ыллын диэн баҕа санаа бастыҥын тириэрдэбит.

Дмитрий Петров видеосюжета:

Ааптар: Яина ВЛАСЬЕВА

Читайте дальше