Сунтаар нэһилиэгин дьаһалтата дойдуга Дьиэ кэргэн, улууска Аҕам саастаахтарга ытыктабыл сылыгар «Дьоллоох буолуу кистэлэҥэ» диэн истиҥ-иһирэх кэпсэтии киэһэтин тэрийэн ыытта.
Күндү ыалдьыттарынан өр олорбут нэһилиэк ытык-мааны ыаллара Розалия, Афанасий Васильевтар,
Дария, Никифор Ксенофонтовтар, Валерия, Иван Егоровтар, Татьяна, Анатолий Васильевтар буоллулар. Кинилэр өр бииргэ олоруу, бэйэ-бэйэҕэ ытыктабыл, таптал, оҕо иитиитэ, чэгиэн турук диэн тиэмэҕэ бэйэлэрин уопуттарыгар олоҕуран санааларын үллэһиннилэр. Кинилэр истэригэр 60 сыл бииргэ олорбут, билигин даҕаны нэһилиэк уопсастыбаннай олоҕор кыттар ыаллар, аҕам саастаах волонтердар бааллар. Бу 60 сыл бииргэ олорбут Ксенофонтовтар «таптал, ытыктабыл баар буолан маннык өр бэйэ-бэйэбитин убаастаһан олордубут» диэн этэллэр.
Бу күн аҕам саастаах ыаллары үҥкүүлэттилэр, араас дьээбэлээх оонньууга кытыннардылар. Ону тэҥэ, «Кэрэ сэбэрэ» диэн уонна гиипсэнэн, оҕуруонан оҥоһукка маастар кылаастар тэрилиннилэр.
Мира АФАНАСЬЕВА