Дьокуускайга «Три сестры» минньигэс аһын элбэх киһи сөбүлүүр

Дьокуускай куорат олохтоохторугар «Три сестры» диэн аатынан киэҥник биллэр дьиэ аһын, тоҥоруллубут гедза арааһын астаан атыылыыр тэрилтэни Сунтаар кыргыттара тэрийбиттэрэ. Ааттара да этэрин курдук «Три сестры» астаан-үөллээн оҥорор сыаҕы бииргэ төрөөбүт Элгээйиттэн сылдьар Жирковтар диэн эдьийдии- балыстыы кыргыттар үлэлэтэллэр.

Бастаан кыргыттар куоракка бары араас тэрилтэлэргэ үлэлии сылдьан бэйэ биисинэһин арыныахха диэн сүбэлэһэн баран, дьоҕус аһыыр сири арыйарга сананаллар. Аан бастаан үлэбитин 35000 солк. саҕалаабыппыт диэн кэпсииллэр. Улахан эдьиийдэрэ Дженни анал повар идэлээх буолан аһылыгы кытта үлэлииргэ уопуттааҕа.
Бастаан куорат тэбэр сүрэҕэр, элбэх киһи тоҕуоруһа мустар «Крестьянскай» ырыынакка «Три сестры» диэн кафеларын элбэх киһи өйдүүр. Дьокуускай куорат олохтооҕо Елена Кузнецова «Три сестры» кафеҕа элбэхтик сылдьарым диэн этэр: «Ордук мин медовай тортарын сөбүлээн сиэччибин. Астара дьиэ аһылыгын курдук минньигэс буолааччы». Онтон аан дойду үрдүнэн пандемия бүрүкээбитин кэннэ кыргыттар таах олорбокко үлэ саҥа көрүҥүн тобулаллар. Ол курдук, куорат маҕаһыыннарыгар бэйэ астаммыт, тоҥоруллубут гедза, пельмень, манты, полуфабрикат ас арааһын астаан тарҕаталлар. Дженни Жиркова «Три сестры» сыах салайааччыта: «Дьокуускай куорат үрдүнэн биһиги курдук астаан тарҕатааччы элбэх. Кинилэртэн ураты буолаары биһиги оҥорор гедзаларбыт начыынын, тас көстүүтүн араастаан оҥоробут». Билигин дьоҕус сыахтарыгар хас да үлэһиттээхтэр. Ол эрэн, кыргыттар син биир бииргэ тутуспутунан үлэлии сылдьаллар. Алена Каландрашвили уулуссаҕа бэлэм астаммыт аһылыгы атыылыыр ларекка турар, онтон Дженни килийиэннэри кытта үлэҕэ, тиэйии-таһыы аҕалыы өттүгэр сылдьар. Люция биисинэһи сырдатыыга үлэлиир. Бу курдук кыргыттар үлэлэрин сөптөөхтүк үллэстэр, наардыыр буоланнар биисинэстэрэ таһаарыылаах. Кэлиҥҥи өттүгэр дьоҕус сыахтарын улаатыннаран, ас араас көрүҥүн киллэрэр баҕалаахтар.

Мира АФАНАСЬЕВА

Читайте дальше