Дойдум үөрэ көрүстэ

Бэйэбин кыратык билиһиннэрэр буоллахха, Сунтаарга төрөөбүтүм. Балтараам буоларын диэки дьонум үс оҥочонон Бүлүү эбэ хотуну таҥнары устан, аҕам дойдутугар Түбэйгэ тиийбиттэр. Онно оҕо сааһым ааспыта.

Үлэм эмиэ онтон саҕаламмыта. 18 сааспыттан омук тылыгар, онтон нуучча тылыгар учууталынан үлэлээбитим. Кыра эрдэхпинэ мэлдьи хаама сылдьан ырыа айан ыллыыр идэлээҕим. Оскуола саҕаттан кылгас нууччалыы, сахалыы хоһооннору суруйарым. Онтон 2015 сылтан дьиҥнээхтик ылсан суруйар буолбутум. Раиса Николаевна Михайлова-Тимофееваны кытта билсэн, “Уран тыл оһуора” түмсүүгэ киирбитим. Кини көмөтүнэн түөрт кинигэм тахсыбыта: «Оҕо сааһым кэрчиктэрэ», «Иэйиилэрим ,санааларым», «Иһирэх иэйиилэрим», «Олоххо анаарыыларым».

Бу күннэргэ куораттан дойдубар, дьоммор-сэргэбэр тиийэн, кинигэлэрбин бибилэтиэкэлэргэ биэрэр санаабын толорон айаннаан  тиийдим. Түбэйгэ  кинигэлэрбэр  аныгылыы сүрэхтээһини тэрийэн үөртүлэр. Онтон Сунтаарга бииргэ үөрэммит дьүөгэм Римма Николаевна үлэлиир оҕо бибилэтиэкэтигэр эмиэ кинигэлэрим сүрэхтээһинин оҥордулар. Манна үс түмсүүттэн: «Иэйии», «Ньургуһуннар» уонна Сунтаар эдэр суруйааччыларын түмсүүтэ кэллилэр. Бу кэлэ сылдьан үөрэммит оскуолабар Сиэйэм оскуолатыгар, мусуойугар кинигэлэрбин бэлэхтээтим.

Бары кыһаллан көрсүһүү тэрийбиттэргэ махталбын этэбин. Сунтаар улууһун култууратыттан уонна айылгытын Махтал суруктарын тутан олус үөрдүм.  Бука барыгытыгар олоххутугар дьолу-соргуну, ситиһиилэри, туйгун туругу баҕарабын. Дойдум сылаас тыына сүрэхпэр-быарбар иҥэн, дьоммун-сэргэбин кытта алтыһан, көрсөн кэлбитим олус да кэрэ өйдөбүллэри хаалларда. Инникитин өссө да көрсүһэ, билсиһэ туруохпут диэн эрэллээхпин.

Каджана ЕВСЕЕВА-Чэлгийэ

Читайте дальше