Дойду таһымнаах «Родители онлайн» Бүтүн Арассыыйатааҕы пуорумҥа кыттыы — улахан чиэс…

Оҕону — төрөппүт сиэркилэтэ дииллэр. Кырдьык да оннук, оҕобун араас түгэҥҥэ кэтээн көрүүбүнэн үүт-үкчү бэйэбин сүмэн ылан саҥардаҕына, о.э. аҕатын курдук тутуннаҕына «буолар да эбит» диэн бэркиһээн сэмээр үөрэбин. Икки тус-туспа дьон аналлаахтарын булсан, дьиэ кэргэн төрүттээн, оҕо төрөтөн орто дойдуга саҥа олоҕу бэлэхтииллэр… Бу буоллаҕа олох дьоло…

Мин төрөппүт быһыытынан уһулуччу үчүгэйбин диир кыаҕым суох. Киһи сиэринэн… ханнык эрэ түгэҥҥэ оҕом иитиитигэр көтүмэҕэйдик сыһыаннаспыт да түгэннэрим баара буолуо ээ… мөҕөрүм-этэрим хаһан эмит сыыһа буолуон эмиэ сөп. Мин курдук төрөппүттэр бу дойдуга элбэхпит буолуо. Ол эрээри биһиги оҕобутугар күүстээх тапталбыт бу буоллаҕа кинилэргэ алгыспыт…

«Знание родители» уопсастыба, «Росдетцентр» үөрэх киинэ тэрийэр үс күннээх пуорумугар араас эрэгийиэнтэн 550 киһи кытынна. Саха сириттэн 9 киһи кыттыбытыттан түөрдэ төрөппүт, түөрдэ сүбэһит уонна биир координатор. Чурапчыттан Евгения Горохова, Лидия Лукина, Парасковья Бандерова, Хаҥаластан Нюргуяна Петрова, Анастасия Баишева, Дьокуускайтан Марианна Бурцева, Динара Шарипова уонна Сунтаартан Кириэстээх сүбэһитэ Мария Михайлова уонна төрөппүт мин. Пуорумҥа барар дьону сүүмэрдээһин Арассыыйа таһымыгар кытта тиийэ көрүллүбүт. Ол онно Сахабыт сирин «Тирэх киин» оҕо саас сирдьиттэрэ үлэлээбиттэр. Түгэнинэн туһанан, улууспут үөрэҕириитин сирдьитигэр Маар Күөл оскуолатын үлэһитигэр Вера Саввиноваҕа уонна Сунтаар лиссиэйин сүбэһитигэр Саргылана Ивановаҕа барҕа махтал, иккиэн видео оҥоруутугар, сайаапкаҕа, кэлэр-барар сырыыбытын кэпсэтиигэ улахан үлэ оҥордулар.

Биир бэйэм бу пуорумҥа төрөппүт быһыытынан талыллан олуһун дьоллоннум уонна саҥа, олус көхтөөх, көрдөөх ийэлэри кытта билсэн астынан аҕай кэллим. Тэрээһин ыҥырыылаахтарын айаннарын толору төлөөн, Измайлово түөлбэҕэ турар түөрт сулустаах «Альфа» гостиницаҕа пуорум ыытылынна. Босхо хонуктаах, аһылыктаах, олус тупсаҕай түһүлгэҕэ тэриллибитэ бэйэтэ туспа кэрэ түгэн. Пуорум көмөтүнэн бастакы сөмөлүөтүнэн көппүт, Кыһыл Болуоссаты көрбүт Чурапчыттан төрөппүт кытта баара. Хата, ол тɵрɵппүттүүн Пашалыын олус чугастык билсэн, үс күн устата аҕастыы-балыс курдук сырыттыбыт.

Тэрээһин кэмигэр тэрийээччилэр сүрүн дьонун кытта биллиилээх блогердар сүбэ-соргу биэрэр кэпсээннэрин истэн олуһун сайынныбыт. «Знание родители» уопсастыба үөрэх эйгэтин сайыннарыыга арааһы тобулар. Бу сырыыга төрөппүттэргэ, сүбэһиттэргэ улахан болҕомто уурбут. Тоҕо диэтэргин, төрөппүттэр ситим олохтооччулар, кинилэр үөрэҕириини кытта сиэттиһэ сылдьан үлэлээтэхтэринэ улахан ситиһии дииллэр.

Ийэ дьоло, оҕону кытта кэпсэтии, дьиэ кэргэн оскуола ситимэ, дойдуһа киһини иитии бу пуорум сүрүн этиитэ. Пуорумҥа умнуллубат түгэн элбэҕэ, ону сылдьыбыт дьон бэйэбит үөрэ-көтө өр да кэмҥэ саныахпыт турдаҕа…

 

Тускулаана ГОРОХОВА-КОБЕЛЬЯНОВА

Читайте дальше