Оҕолорбут иитии, өй-билии өттүнэн сайдыылаах, ситиһиилээх, дьоһун дьон буола улааталлара дойдубутугар үлэлиир үөрэҕирии тиһигин таһымыттан быһаччы тутулуктаах. Кэнники сылларга үөрэҕирии эйгэтэ сайдарыгар дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээһининэн федеральнай да, өрөспүүбүлүкэтээҕи да араас хабааннаах бырагыраамалар, бырайыактар үлэлииллэр. Тыа сирин, улуустары көйгөтүтүүтэ суох, национальнай бырайыактар истэринэн үлэлиир араас бырагырааманан үөрэҕирии ситимэ сайдарыгар күүстээх үлэ барар диэн элбэх холобурга олоҕуран этэр кыахтаахпыт.
Кэнники биэс сыл иһигэр биһиги Сунтаарбытыгар федеральнай, өрөспүүбүлүкэ уонна улуус социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын бырагыраамаларынан үс оскуола, икки оҕо уһуйаана, култуура-успуорт кииннэрэ тутулуннулар. Ол курдук, Хордоҕой, Аллыҥа, Илимниир нэһилиэктэригэр култуура-успуорт кииннэрэ саҥа дьиэлэннилэр. Уһун Күөлгэ 80 (2019) уонна Маар Күөл нэһилиэгэр 60, Кириэстээххэ (2022) 120 миэстэлээх улахан эбийиэктэр – оскуолалар – тутулланнар, үлэҕэ киирдилэр. 2021 с. “Демография” национальнай бырайыак чэрчитинэн Сунтаарга 240 миэстэлээх уһуйаан тутуллан үлэтин саҕалаабыта. Онтон 2022 с. Күндэйэҕэ 50 миэстэлээх “Күнчээн” оҕо саада “Тыа сирин биир кэлим сайыннарыы” федеральнай бырагырааманан тутуллубута.
Людмила Васильева, Күндэйэ олохтооҕо:
— Мин, элбэх оҕолоох ийэ, оҕолорум бары «Күнчээн» уһуйаан нөҥүө ааспыттара. Урут мас уһуйааҥҥа кыараҕас, сииктээх этэ. Былырыын биһиги нэһилиэккэ саҥа уһуйаан тутуллан үлэҕэ киирдэ. Үөрүүбүт үгүс. Сып-сылаас, сып-сырдык, киһи эрэ сылдьыан курдук. Иитээччилэр үлэлииллэригэр да үчүгэй усулуобуйа баар буолла. Билигин кыра уолбут кыра бөлөххө сылдьар. Уһуйааммытыгар үөрэ-көтө барабыт. Өссө да үүнэ-сайда турдуннар диэн баҕа санаабын этэбин.
Тутууну сэргэ кэккэ сылларга “Оскуола тиһигин модернизациялааһын” федеральнай бырагыраама чэрчитинэн хас даҕаны үөрэх эбийиэктэригэр хапытаалынай өрөмүөн ыытылынна. Ол курдук, быйыл 2023 с. Кутана орто оскуолатыгар күүстээх өрөмүөн үлэтэ барда. Маны таһынан араас федеральнай, өрөспүүбүлүкэтээҕи бырайыактарга толору хааччыллыыга, тупсарыыга тус сыаллаах бырайыактарга улуус элбэх оскуолата, уһуйаана, эбии үөрэхтээһиҥҥэ тэрилтэтэ хабылланнар үлэ-хамнас барда.
Билиҥҥи сайдыылаах кэм биир сүрүн хайысхата цифровой үөрэхтээһин буолар. Үөрэҕирии салаатыгар эмиэ дойду үрдүнэн цифровой үөрэхтээһин хото киирэр. Кэнники сылларга Сунтаар улууһун үгүс оскуолата “Аныгы оскуола” бырайыак чэрчитинэн үлэлиир цифровой, естественно-научнай уонна гуманитарнай хайысхалаах үөрэх кииннэрин федеральнай “Точка Роста” ситимнэригэр киирэн, материальнай-техническэй базатын аныгы оборудованиенан хаҥатта. Биһиги улууспутугар 2019 с. “Точка роста” цифровой үөрэхтээһин кииннэрэ бастаан А.П. Павлов аатынан Сунтаар 1 №-дээх оскуолатыгар, Сунтаардааҕы политехническай лиссиэйгэ, Элгээйи орто оскуолатыгар аһыллыбыттара. Маны таһынан 2019 с. “Цифровой үөрэхтээһин эйгэтэ” федеральнай бырайыак чэрчитинэн Тойбохой, Сунтаар 2 №-дээх, Бордоҥ орто оскуолалара цифровой үөрэхтээһин эйгэтин тэрийэргэ тус сыаллаах федеральнай субсидияҕа хабыллыбыттара, улуус 7 оскуолата, 5 уһуйаана өрөспүүбүлүкэтээҕи инновационнай былаһааккалар испииһэктэригэр киирбитэ. Кэнники сылларга улууска баар оскуола үксэ “Точка Роста” ситимҥэ киирдэ.
Вячеслав Сафонов, П.Х. Староватов аатынан Элгээйи орто оскуолатын дириэктэри иитэр үлэҕэ солбуйааччы:
-«Точка Роста» киин биһиэхэ информатика, ОБЖ уонна технология предметтэрин хабар. Бу киин биһиэхэ 2019 с. күһүн балаҕан ыйыгар аһыллыбыта. Бу үөрэх дьылыгар диэри бу хайысхаларынан үлэлээн кэллэ. Быйыл Үүнэр көлүөнэ пуондата кэммиэрчэскэйэ суох тэрилтэ ыыппыт «Инносфера-2023» диэн куоҥкуруһугар кыттаммыт бу кииммит хайысхаларын өссө элбэтэн биэрдибит. Ол курдук манна саахымат, дуобат, графическай дизайн, конструирование уонна киберспорт дисциплиналарын киллэрэн биэрэммит, өссө салгыы сайыннардыбыт. Билиҥҥитэ кииммит олус үчүгэйдик үлэлии турар. Бары хайысхаларынан туох баар хааччыллыыта толору баар, ылыллыбыт оборудование барыта үчүгэйдик үлэлии турар. Онон оҕолор да, педагогтар да үүнэллэригэр-сайдалларыгар туох баар усулуобуйа барыта тэриллэн турар.
Улуустааҕы үөрэх управлениета 2025 с. диэри “Точка Роста” киин кэбиниэттэрэ улуус бары оскуолаларыгар аһылларын былаанныыр.
2020 с. “Цифровой экономика” национальнай бырайыак чэрчитинэн 13 оскуола үөрэххэ туһанарыгар босхо түргэн тэтимнээх Интэриниэтинэн хааччыллыбыта. Бу сыл биир бэлиэ түгэнинэн, Кэмпэндээйитээҕи санаторий базатыгар өрөспүүбүлүкэтээҕи “Сир Уустара” үөрэтэр-чэбдигирдэр киин аһыллыыта буолбута. Кэлиҥҥи сылларга улууспут сорох уһуйааннарыгар чэбдигирдэр сыаллаах туус хосторо аһыллан үлэлии тураллар.
Тиэхиньикэнэн хааччыллыыны таарыйар буоллахха, “Школьный автобус” федеральнай бырагырааманан 2021 с. Аллыҥа уонна Дьаархан оскуолаларыгар “ГАЗель” мааркалаах автобустар кэлбиттэрэ.
Маны таһынан улуус үөрэҕириигэ салалтата педагогтар квалификацияларын үрдэтэргэ, үөрэх таһыма үрдүүрүгэр араас далааһыннаах бырайыактарга кыттарга үгүс үлэни ыытар.
Бу барыта үөрэтэр уонна иитэр үлэ таһаарыылаах буоларыгар туһуланар, оҕону өй-санаа, култуура, сиэр-майгы өттүнэн иитэн таһаарыыга дьоһун төһүү буолар.
Бу курдук үөрэхпит салаата инники кэскили түстүүр, кэлэр кэмҥэ кэнчээри ыччаты сирдиир бигэ соруктаах үлэлиир.
Марфа ИВАНОВА
#5летразвитияДФО