Дьоһун үлэлэр ыытыллыахтара

Павел Анатольевич Григорьев, Сунтаар улууһун Элгээйи нэһилиэгин баһылыга:

— Бүгүн Саха сирин Ил Дархана икки дьоһун суолталаах ыйаахха илии баттаата. Ол курдук, «СӨ тырааныспарга уонна энергетикаҕа инфраструктуратын түргэн тэтимнээхтик сайыннарыы», «СӨ олохтоох оҥорон таһаарыыны уонна туризмы сайыннарыы» тустарынан.
Өрөспүүбүлүкэбит сайдыыта тырааныспар уонна энергетика эйгэлэриттэн улахан тутулуктаах. Ил Дархаммыт биэс сыл иһигэр бу салааларга 600 млрд солк. инвестицияланыаҕа диэн эттэ. Онон бу салааларга хас да хайысхалаах дьоһун үлэлэр ыытыллалларын күүтэбит. Оттон олохтоох оҥорон таһаарыы сайдарыгар болҕомто ууруллара тыа хаһаайыстыбата дьарыктаах улуустарга, нэһилиэктэргэ үтүөнэн эрэ дьайыа. Ону тэҥэ хаачыстыбалаах олохтоох бородууксуйа үксүүрүгэр тирэх буолар эбии дьаһаллар ылыллыахтара диэн күүтэбит. Ыйаахтар туолуулара дьон олоҕун хаачыстыбата тупсуутугар тириэрдиэхтэрэ.

«Сунтаар сонуннара» улуус хаһыата

Читайте дальше