“1000 тиэргэн” – социальнай инфраструктураны тупсарарга, нэһилиэнньэ олоҕо табыгастаах буоларыгар туһуламмыт федеральнай бырагыраама. РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин сорудаҕынан биһиги региоммут 2022 сылтан бу бырагыраамаҕа хабыллан, бүгүҥҥү күҥҥэ “Уһук Илиҥҥэ 1000 тиэргэн” бырайыагынан өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн үгүс тупсарыы үлэтэ ыытыллан, дьон-сэргэ сынньанар табыгастаах эйгэтин олохтуурга элбэх паарка, искибиэр тутулуннулар.
2022 с. Сунтаар Элгээйитигэр бу бырагыраамаҕа киирэн, дьон сынньанарыгар аналлаах дьоҕус паарканы тутуу үлэтэ саҕаламмыта. Паарка тупсаҕай гына кэмигэр тутуллан, 2023 с. бэс ыйыгар олохтоохтор Бүлүү эбэ кытылыгар тутуллубут дьоҕус паарка аһыллар дьоро түгэнигэр мустубуттара. Паарка дьон тоҕуоруһар табыгастаах сиригэр турарын, сынньанарга кэрэ көстүүлээх сир баар буолбутун олохтоохтор үөрэ бэлиэтииллэр.
“Бу паарка оҕолору илдьэ сылдьан наҕылыччы сынньанарга олус табыгастаах. Оҕолор да олус астыналлар. Уонна халлаан сылааһыгар манна араас тэрээһин ыытыллар буолбута олус үчүгэй”, “Плита тэлгэммитэ ордук саас-күһүн ардаатаҕына бадарааҥҥа кубулуйбата, кураанаҕа бэрт бөҕө буоллаҕа”, “Доҕоттору кытта мустан кэпсэтэргэ, алтыһарга наһаа үчүгэй сир”. Бу курдук чахчы да астына, үөрэ оҕо да, аҕам да саастаах олохтоох дьон бэлиэтииллэр.
Санатан эттэххэ, быйыл РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин “1000 тиэргэн” федеральнай бырагырааманы 2024-2026 сс. салгыы ыытарга РФ Бырабыыталыстыбатын быһаарыы ыларыгар сорудахтаан турар.
Марфа ИВАНОВА.
#5летразвитияДФО #достиженияДФО