Бэҕэһээ Сунтаар кэрэни кэрэхсиир дьонугар чахчы да дьоро күн буолла. Норуот кэрэхсиир киһитэ, норуот суруйааччыта Дмитрий Федосеевич Наумовы кытта атах тэпсэн олорон кэпсэттибит, санаатын иһиттибит. Бу чахчы да, удьуор суруйааччылартан сыдьааннаах буолан, 55 сааһыгар саҕалаан баран 75 сааһыгар хайыы сах бүтүн норуот билиниитин ылыы диэн улуу дьол! Икки улахан бырайыактара: режиссердар үлэлэрин көрүү, Тобуруокап көмүс күһүнэ — бу дьоһуннаах үлэлэр. 1 сааһыттан ийэтэ суох хаалбыт оҕо оннооҕор ийэтин үөрүн көрүөн баҕарбыта киһини уйадытар. Үчүгэйдик алтыспыт дьонун, доҕотторун туһунан бу ахтара-саныыра истиҥин-иһирэҕин. 13 сыл бырабыыталыстыбаҕа үлэлээбит киһи диэх курдук, бу санаата киэҥин, хорутуулааҕын, ыллыктааҕын! Мин «Хас биирдии киһи кэрэхсэнэр кэрэлээх» диирбинии, Дмитрий Федосеевич киһиэхэ түөн да саҕа үчүгэйин өйдөөн көрүөххэ, үтүөнү санаан үчүгэйи ыҥырыахха дииригэр бүүс бүтүннүү сөбүлэһэбин. Кэп туонуу — ыччаккын кырааһын, кэҕиннэрии диэн наһаа да дириҥ ис хоһоонноох этиини эттэ. Түмүк тылыгар: «Бу маннык сэргээн, үөрэн харахтара чаҕылыһан олорор дьоннуун көрсүһэр — бу суруйааччы дьоло. Маннык элбэх буолан кэлбиккититтэн үөрдүм. Сунтаар дьоно ис дууһаларыттан ыраастар — аристократтар!», — диэбититтэн дойдум, дьонум туһугар үөрүү, киэн туттуу түөспүн толору киэптээтэ. Бу күн манна Д.Ф.Наумов талааныгар сүгүрүйээччилэр эдэрдиин-эмэнниин тоҕо анньан кэлбиттэр. Улууспут салайааччылара Анатолий Васильевичтан саҕалаан бары кэлбиттэрэ бу салайааччыларбыт таһымнарын көрдөрөр диэн сыаналыыбын. Норуот суруйааччыта эппитинии, дьоҥҥо дьолу баҕаран, дьоннуун дьолго тардыһан бары Дьоллоох буолуох! Дмитрий Федосеевич, өссө уһун кэмнэргэ иэйиилэриҥ иитиллэ турдуннар, дьону үөрдэр, үөрэтэр айымньылар айыллан истиннэр, дьолуолаах дьол төгүрүйэ сырыттын!
Зинаида ФЕДОТОВА — Дьол Кыыма, суруйааччы, Сунтаар.