Бэҕэһээ, алтынньы 9 күнүгэр, Владимир Путин ыйааҕынан хорсуннук сэриилэһэ сылдьан тыына быстыбыт Дмитрий Егоровка Арассыыйа Дьоруойа аат иҥэрилиннэ.
Дмитрий Егоров Тихоокеанскай флот Жуков уордьаннаах 155-с гвардейскай пехотатыгар сулууспалаабыта.
Дмитрий Донецкай өрөспүүбүлүкэ Новомайорскай нэһилиэнньэлээх пуунун таһынан баһыйар ахсааннаах утарылаһааччыны төттөрү чугуппут, хорсун быһыытынан Украина сэбилэниилээх күүһүн сорох чааһын суох оҥорбут. Ол эрэн ыараханнык бааһыран олохтон туораабыт…
Дмитрий анал байыаннай дьайыыга төрөөбүт дойдутуттан Сунтаартан тылланан барбыта. Кини Николай Алексеевич уонна Евдокия Дмитриевна Егоровтар үһүс оҕолоро. Дима кыра эрдэҕиттэн олус үлэһит, мындыр этэ. Оскуола кэнниттэн дойдутугар ытык иэһин төлөөн, танковайга сулууспалаабыта. Ол сулууспалыы сылдьан, бэйэтин үчүгэй эрэ өрүтүнэн көрдөрөн, хайҕабылга, холобурга сылдьыбыта. Төрөппүттэригэр сулууспалыыр чааһыттан Махтал сурук кэлэн, ийэлээх аҕатын киэн туттуулара буолбута. Бу туһунан аҕата муниципальнай сулууспа бэтэрээнэ, Уһун Күөлгэ өр сылларга баһылыгынан таһаарыылаахтык үлэлээбит Николай Алексеевич кэпсиир.
Дмитрий Николаевич ылсыбыт дьыалатын тиһэҕэр тириэрдэр, кыайыгас-хотугас киһинэн биллэрэ. Дойдутун, дьонун олус таптыыра. Дьоҥҥо өрүү көмөлөһө сылдьар үтүө майгылааҕа. Тыаҕа үөскээбит буолан бултуурун-алтыырын, айылҕаҕа сылдьарын ордороро. Уһанарын, тутарын-айарын сөбүлүүрэ. Уһун тымныылардаах кыһыны туоруурга үчүгэй тардыылаах, сылааһы биэрэр оһоҕу, көрдөспүккэ кимиэхэ да аккаастаабакка, оҥорон биэрэр оһохчут бэрдэ этэ.
Дмитрий анал байыаннай дьайыыга сылдьан биир сулууспалаахтарыгар сөбүлэтэрэ, кинини бары ытыктыыллара, ылыннарыылаах тылын, сүбэтин истэллэрэ.
Байыаннай дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньана сыппакка, уолаттарым тоҥмотуннар, сылаас ас сиэтиннэр диэн блиндажтарыгар оһох тутан биэрэн бииргэ сулууспалыы сылдьар доҕотторуттан махтал тылларынистэрэ.
Дойдутугар бэриниилээх биир дойдулаахпыт Дмитрий Николаевич позывнойун “Сунтар” диэн ылыммыта эмиэ элбэҕи этэр.
Бүгүн дойдутугар ытык иэһин толоро сылдьан сырдык тыына быстыбыт биһиги Дьоруойбутун Дмитрий Николаевич Егорову кытары Дьокуускай куоракка бырастыылаһыы кэнниттэн төрөөбүт дойдутугар Уһун Күөлгэ кистии аҕалыахтара.
Дмитрий Николаевич аҕатыгар Николай Алексеевичка, бииргэ төрөөбүттэригэр, кэргэнигэр, оҕолоругар дириҥ кутурҕаммытын тириэрдэбит. Дмитрий аата, кини хорсун быһыыта үйэлэртэн үйэҕэ умнуллуо суоҕа…
Яина ВЛАСЬЕВА