Дьиҥнээх фронтовик Назар Бабыканов

Күндүтүк саныыр күтүөппүт, сэрии кыттыылааҕа Бабыканов Назар Яковлевич туһунан кыра ахтыы суруйарга сананным

Кини 1925 сыллаахха Сунтаар улууһун Тойбохой нэһилиэгэр төрөөбүтэ. 1942 сыллаахха онус кылааһы бүтэрэн баран, биир ыйдаах учуутал кууруһугар үөрэммитэ. Онтон олоҕун сыала-соруга буолбут үлэтин Бүлүүчээн оскуолатыгар саҕалаабыта. 1943 с. сайыныгар, 18 сааһын саҥа туолаат, Сэбиэскэй Аармыйа кэккэтигэр ыҥырыллан, бастаан Читатааҕы танковай оскуолаҕа, онтон Ульяновскайдааҕы танковай училищены туйгуннук сержант званиелаах үөрэнэн бүтэрбитэ. Аатырбыт Т-34 тааҥка наводчига буолбута уонна 6-с гвардейскай танковай армия 20-с гвардейскай полкатыгар түбэһэн, сэриигэ сүрэхтэниитин Молдавия сиригэр, историяҕа киирбит Ясско-Кишиневскай операцияҕа кыттан саҕалаабыта.

Назар Яковлевич бойобуой массыынаны салайан Румынияны, Венгрияны, Австрияны уонна Чехословакияны босхолоспута. 1945 с. кулун тутарга, Венгрияҕа Балатон күөл таһынааҕы тааҥканан кыргыһыыга ыараханнык бааһыран, госпитальга киирбитэ. Сэриини 1945 сыл ыам ыйын 17 күнүгэр Чехословакияҕа түмүктээбитэ уонна Москубаҕа Кыайыы парадыгар кыттыбыта.

Ол сайын от ыйыгар кини танковай армиятын аны илин бырахпыттар. Онон, Японияны утары сэриигэ кини Кытай Хайлар, Цицинкар, Чанчунь, Харбин куораттарын босхолоспута, сэриини Порт-Артурга түмүктээбитэ. Сэрии кэнниттэн өссө үс сыл сулууспалаабыта. Аатырбыт 5-с танковай корпус 110-с гвардейскай полкатын “СУ-100 мм” орудиетын хамандыырынан сылдьыбыта.

Аҕа Дойду сэриитин I истиэпэннээх уордьанынан, “Хорсунун иһин”, “Бойобуой үтүөлэрин иһин”, “Будапеһы ылыы иһин”, “Праганы ылыы иһин” уонна да элбэх мэтээллэринэн наҕараадаламмыта. Сэрии кэнниттэн 6-с гвардейскай танковай армия бэтэрээннэрин ыҥырыыларынан, Москваҕа, Ленинградка, Волгоградка, Кишиневка, Днепропетровскайга буолбут көрсүһүүлэргэ бара сылдьыбыта. Бииргэ сэриилэспит табаарыстарын кытта олоҕун тиһэх кэмнэригэр диэри сибээһин быспакка билсэ олорбута.

Ити айылаах сырыы бөҕөнү сылдьан, сэрии бөҕөнү сэриилэһэн баран, хаһан да сэриигэ хайдах сылдьыбытын туһунан кэпсээбэт этэ. Биһиги, эдэр көлүөнэ, сэриигэ эрэ кыттыбыта буолуо диэн санаабат этибит. Оттон саастаах өттүлэрэ билэн эрдэхтэрэ. Арай, мин өйбөр Назар Яковлевич дьиҥнээх фронтовик буоларын дакаастаабыт түбэлтэтин Туой Хайаҕа бииргэ олоро сылдьыбыт үөлээннээҕэ кэпсээбитэ баар. Ол киһи аата С.Я. Яковлев диэн.

Фронтан кэлэн баран, Назар Бабыканов Туой Хайаҕа учууталынан ананан үлэлии барар. Оройуон кииниттэн Сунтаартан кинини кытта биһиги эдьиийбит Мария Феоктистовна биир оскуолаҕа ананан тахсыһар. Айаннара да уһун-киэҥ, ый кэриҥинэн биирдэ тиийиллэр сир. Айан устата эдэр дьон чугасыһан, Туой Хайаҕа истиҥ сыһыаннаах тиийэллэр. Сотору ыал буолан, үлэ-хамнас үөһүгэр түһэллэр.

50-с сылларга Туой Хайа, Садын оройуонун киинэ буолан, тыыллан- хабыллан олорор кэмэ этэ. Онон араас оройуон үлэтин-хамнаһын торумнуур, бэрээдэктиир, хааччыйар, бэрэбиэркэлиир тэрилтэлэр элбэх этилэр. Сэттэ кылаастаах оскуола, интэринээт, дьыссаат, маҕаһыын, метеостанция, почта, прокуратура курдук тэрилтэлэр үлэ-хамнас бөҕөнү тэрийэн олороллоро. Нэһилиэнньэтэ да үгүөрү этэ: тыһыынча кэриҥэ киһи тоҕуоруһан олороро, олох күөстүү оргуйара.

Кэпсэнэр түбэлтэ Кыайыы бырааһынньыгын саҕана буолбута. Ханна баҕарар буоларын курдук, Туой Хайа олохтоохторо бырааһынньыкка эрдэттэн бэлэмнэммиттэрэ. Ыал бары, эрдэ туран үөрэн-көтөн, бырааһынньык сүпсүлгэнигэр түспүттэрэ. Уулуссаттан музыка тыаһа чугдааран олороро. Учууталлар уопсайдарын олохтоохторугар да – сүүрүү-көтүү, кэлии-барыы.

Сарсыардааҥҥы чэйдэрин иһэн бүтэн, остуолтан туран эрдэхтэринэ, аан тэлэччи арыллаатын кытта, экспедиция үлэһитэ, башкир омук Күлүгээн Ньукулайдыын көтөн түспүттэрэ. Көрүҥнэриттэн, сыттарыттан-сымардарыттан сылыктаатахха, орто холуочук этилэр.

Дьиэлээх хаһаайка Маруся остуол тэрийэн барбыт. Ыалдьыттар остуол тула олорон чэйдээн иһэн, улам саҥалара хойдон, маатыры былаастаммыт. Эмискэ башкир, остуолу тоҕо сотон, туран кэлээт: “Вы, фашисты, День Победы не чаем отмечают, а водку поднимают!” диэн баран сутуругунан остуолу охсубут. Назар хаһаайын быһыытынан уоскута сатаабытыгар дьонноро өссө эбии буолбуттар. Назар башкир түөһүгэр түһэн таһырдьа соспут, киһилэрэ хаатыҥката бүтүннүү муус буолан, начаас Сэмэнинээн таһырдьа анньан кэбиспиттэр. Таһырдьа да тутуһуу буолбут. Башкир Наһаары уолугуттан илиитин араарбатах, онтон сирэйигэр сутуругунан биэрбитигэр эрэ ыһыктыбыт. Өлөрүөх-оһоруох буолан, сиртэн тураары алтахтаан эрдэҕинэ, ити айылаах 2 миэтэрэлээх киһи тыыннаах хаалларбатын өйдөөн, Сэмэн киһитигэр көмө буолан, тула көрүөлэнэн оргуһуох сытарын хаба тардан ылан, башкиры туох баарынан сырбаталаабыт. Киһитэ “Ох!” диэн баран нукус гыммытыгар тохтообут. Көрбүттэрэ киһи бөҕө мустубут. Итинэн эрэ бүппэтэх.  Бу дьон өссө “айдаан” бөҕөнү тардан баран, итирэн охтон эрэ, тохтообуттар.

Онон бу быһылаан Улуу Кыайыы күнүн ыһыы, суолтатын сүтэрэ сатааһын курдук көрүллэн дьыала тэриллибит. Прокурор Макаровка дьыала түһэриллибит, сүрүн сибидиэтэлинэн Назар Яковлевич ааттаммыт. Суут буолар күнүгэр фронтовиктар бары – учуутал Михайлов П.П., Яковлев С.Я., Назар Яковлевич уонна да атыттар мэтээллэрин түөстэригэр иилинэн киирбиттэригэр сууттанааччы башкир сөҕөн ойон турбутун бэйэтэ да билбэккэ хаалбыт. Ордук Назар Яковлевиһы сөҕө көрбүт – кинини эдэрин иһин сэриигэ сылдьыбатах диэн санаалаах эбит. Дьэ, алҕаһын дьиҥнээхтик билинэн, умса көрөн туран бырастыы гыналларыгар көрдөспүт.

Дьон-сэргэ улахан алҕас тахсыбытын туһунан, аны хатыламматын бэлиэтээн, тоҕо-хоро кэпсэтии бөҕө буолбут. Хаһаайка Маруся алдьаммыт чааскыта да умнуллубатах. Оччотооҕуга иһит-хомуос, ас-таҥас кэмчи кэмигэр эдьиийин Ыстапаайа күндү чааскы бэлэҕэ эдэр ыалга дьол чөмчүүгэ кэриэтэ буоллаҕа.

Ол күнтэн ил-эйэ олохтонон, бары күргүөмнээх үлэ үөһүгэр түһэн, Туой Хайа, араас омук тоҕуоруспут экспедициятын киинэ буолан, ньиргийэн олорбута диэн Кубалаах үүтээнигэр бэтэрээн-фронтовик С.Я. Яковлев кэпсээн турар.

 Иван ИГНАТЬЕВ

Читайте дальше