Дьиэ кыылын айаҥҥа илдьэ сылдьарга

Дьиэ харамайын (куосканы, ыты), хаһаайына уларыйбат түгэнигэр, кинини айаҥҥа илдьэ сылдыы бэрээдэгэ, дьиҥэр, судургу. Кэккэ быраабылалары тутуһуохха эрэ наада. Дьиэ кыылын Арассыыйа территориятыгар айаҥҥа илдьэ сылдьыы ирдэбиллэрин туһунан Сунтаар улууһун олохтоохторугар «Амур уобалаһынааҕы уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтинээҕи Россельхознадзор управлениета» билиһиннэрэр.

Дьиэ кыыла олохтоох бэтэринэриийэттэн бэриллибит пааспардаах, ииримтийиини утары быһыыны ылбытын туоһулуур бэлиэлээх буолара булгуччу ирдэнэр. Айанныах иннинэ дьиэ кыылын СББЖ (станция по борьбе с болезнями животных) илдьэн көрдөрүллэр. Кыыл манна айанныах иннинэ 14 күн иһигэр көрдөрүүнү ааспыт буолуохтаах.

Арассыыйа территориятыгар айаҥҥа кыылы илдьэ сылдьыы туһунан сиһилии иһитиннэриини билсиэххитин сөп:

  1. Россельхознадзор сайтыттан — https://fsvps.gov.ru/puteshestvujushhim-s-pitomcami-vvoz-vyvo/instrukcija-kak-puteshestvovat-s-domashnim-zhivotnym-po-territorii-rossii/
  2. Россельхознадзор управлениетын төлөпүөнүгэр: 841136-37-6-37 эрийэн, эбэтэр rsn.mirn@mail.ru электроннай почтатыгар суруйан.

Россельхознадзор управлениетын Мииринэйдээҕи аадырыһа: Саха Өрөспүүбүлүкэтэ, Мииринэй оройуона, Мииринэй куорат Ленин аатынан уулуссатын 5-с дьиэтэ, 23 кэбиниэт.

Дьиэ кыылын айаҥҥа илдьэ сылдьыы туһунан Сунтаар улууһугар “Сунтаардааҕы бэтэринэриийэ управлениетыгар”, Сунтаар нэһилиэгин С.Зверев аатынан проспегын 3№-дээх дьиэтигэр кэлэн консультация ылыаххытын сөп.

Ииримтийиини утары быһыыны ыла илик үс ыйын туола илик куоска уонна ыт оҕолоро бэтэринэриийэ биэрбит 1 №-дээх анал пуорма сибидиэтэлистибэтинэн эрэ айанныыллара көҥүллэнэр. Кыылы бас билээччи хаһаайын аата уларыйар түгэнигэр эбэтэр кыыл быыстапка тэрээһинигэр кытта айанныыр буоллаҕына, эмиэ бэтэринээр сибидиэтэлистибэтэ ирдэнэрин санатабыт.

 

Читайте дальше