Ыам ыйын 14 күнүгэр 1993 с. 4979-I нүөмэрдээх Бэтэринэриийэ туһунан ылыныллыбыт Российскай Федерация сокуонугар 1-кы уонна 2-с ыстатыйаларыгар Судаарыстыбаннай Дума бэс ыйын 15 күнүгэр 2022 с. эбии уларытыылары киллэрбитэ.
Бу сокуоҥҥа олоҕуран 2024 сыл кулун тутар 1 күнүттэн тыа хаһаайыстыбатыгар дьиэ кыыллара булгуччу маркировкаланаллар уонна Судаарыстыбаннай Федеральнай бэтэринээринэй информационнай системаҕа (ФГИС «Ветис”) учуокка туруохтаахтар. Бу дьаһаллар бас билии бары көрүҥүттэн тутулуга суох оҥоһуллаллар, ол эбэтэр, тыа хаһаайыстыбатын кыылларын иитиитинэн дьарыгырар тыа хаһаайыстыбатын производственнай кэпэрэтииптэригэр (ТХПК), чааһынай урбаанньыттарга (ИП), бэйэ кэтэх хаһаайыстыбаларыгар (ЛПХ) ирдэниллэллэр уонна хаһаайын эбээһинэһэ буолар. Сүөһү маркировкатын уонна учуотун быраабылалара РФ Тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтин 832 N-дээх бирикээһинэн 2023 сыл сэтинньи 3 күнүгэр бигэргэтиллибиттэрэ.
ФЗ 221№-гэр олоҕуран бас билии бары көрүҥүттэн тутулуга суох маркировкаламматах уонна биир кэлим системаҕа учуоттамматах сүөһүлээх хаһаайыттар РФ административнай кодексатын (КоАП) быҺыытынан административнай миэрэҕэ тардыллыахтарын сөп.
ИС «РегАгро» диэн биир кэлим автоматизированнай система тыа хаһаайыстыбатын бары кыылларын учуоттааһын уонна регистрациялааһын буолар. «Регагро» система сүрүн сыалынан-соругунан буолаллар:
- РФ сиригэр-уотугар сүөһү, көтөр-сүүрэр уонна сүөһү аһылыгын ахсаанын учуоттааһыны хааччыйыы;
- дойду иһигэр баар сүөһү уонна сүөһүттэн ылыллар бородууксуйа хамсааһынын учуоттааһын;
- киһиэхэ, сүөһүгэ кутталлаах ыарыылар эпидемиялара турарын сэрэтии;
- киһи доруобуйатыгар кутталлаах ыарыылар карталарыгар олоҕуран дьиҥнээх эпизситуацияны хонтуруоллааһын;
- сүөһү иитээччилэр уонна бэтэринэриийэ хардарыта үлэлээһиннэрэ;
- судаарыстыба нормативнай ирдэбиллэрин толоруу.
Тыа хаһаайыстыбатын кыылларын маркировкалааһын диэн – бу бэтэринэриийэҕэ хас биирдии сүөһүгэ идентификационнай-хатыламмат нүөмэр иҥэриллээһинэ уонна учуоттаныыта буолар. Сүөһү этигэр-сиинигэр уонна харахха көстөр электроннай анал маркировка тэрилэ иилиллэр. Сүөһүгэ иҥэриллибит нүөмэр сүөһү тыыннааҕын тухары дьайар.
Маркировкалыыр өҥө уонна анал маркировка тэрилэ төлөбүрдээҕин туһунан хас биирдии хаһаайын билиэх тустаах.
Сүөһү туох баар дааннайа тиһэҕэр тиийэн Россельхознадзор “Хорриот” систематыгар хараллар буолар. Хорриот системаҕа “Меркурий” бэтэринээринэй сертификация, “Веста” лабораторнай чинчийии , “Аргус” кыраныыссаҕа хонтуруол, “еCert” кыраныысса таһыгар тахсар ветсертификация бырагыраамалар бары киирэр буолаллар.
Сунтаар улууһугар бүгүҥҥү күн туругунан 11593 ынах сүөһү, 252 сылгы маркировкаланна. Сылгылаах дьон бас билиититтэн тутулуга суох маркировка оҥотторуохтарын наада.
Сунтаардааҕы бэтэринээринэй управление иһинэн биир кэлим информационнай системаҕа тустаах үлэ ыытылла турар.
Ольга ПАВЛОВА, 1 категориялаах бэтэринээринэй быраас.