Кэмпэндээйи уһуйааныгар «Аҕам, ийэм уонна мин» диэн дьиэ кэргэн күрэҕэ буолан ааста. Тэрээһин иннинэ оҕолорго, иитээччилэргэ, кыттааччы төрөппүттэргэ 5 саастаах София Седых гимнастикалаан көрдөрдө. Күрэҕи физкультура инструктора Василий Саввинов салайан ыытта. Манна Гуриновтар, Слепцовтар, Герасимовтар дьиэ кэргэттэрэ кыттыыны ыллылар. Бастаан миэстэттэн уһуну ыстаныыга күрэхтэстилэр. Оҕо, ийэ, аҕа ырааҕы ыстаммыт уопсай көрдөрүүлэринэн бу түһүмэххэ Слепцовтар бастаатылар. Иккис түһүмэххэ аҕалар илиилэринэн сиртэн анньынан киирсиилэригэр Эдуард Герасимов кыайыылаах буолла. Салгыы ийэ оҕотунаан пресс хачайдаатылар, манна Ньургун, Лира Герасимовтар хоттулар. Төрдүс түһүмэххэ ыскакаалкалааһыҥҥа эмиэ Герасимовтар дьиэ кэргэн өрөгөйдөөтүлэр. Бүтэһик түһүмэх мээчигинэн сыалы быраҕыы буолла. Бу күрэххэ Слепцовтар дьиэ кэргэттэрэ бастаатылар. Түмүккэ бастакы миэстэни Ньургун, Лира, Эдуард Герасимовтар ыллылар, иккискэ аҕыйаҕынан хаалан Ярик, Анжелика, Владимир Слепцовтар таҕыстылар, үһүс миэстэ Элина, Сергей, Валентина Гуриновтар буоллулар, грамотанан, сэмэй бирииһинэн наҕараадаланнылар.
Татьяна МЕСТНИКОВА