«Харысхал» култуура киинигэр Хоро орто оскуолатын иитиллээччилэрин уонна төрөппүттэрин
эҕэрдэ кэнсиэрэ буолла.
Ыам ыйын 15 күнэ 1993 сылтан Дьиэ кэргэн күнүнэн биллэриллибитэ. Аан дойдутааҕы Дьиэ кэргэн күнүгэр сөп түбэһиннэрэн «Дьиэ кэргэним көмүс биһигим» диэн ааттаах кэнсиэр үрдүк таһымҥа ыытылынна.
Куруук түбүк-садьык сылаатын-сыппатын аахсыбакка үлүмнэһэн, тиритэ-хорута үлэлиир, айа-тута сылдьар уһуйаан уус-уран салайааччыта Софья Кривошапкина олус кыһаллан, оҕолор дьоҕурдарын таба көрөн кэнсиэри бэлэмнээтэ.
«Таптал биһигэ — дьиэ кэргэн, дьол туоната — дьиэ кэргэн…» истиҥ тылларга сөп түбэһиннэрэн дьиэ кэргэн үҥкүүтүн төрөппүттэр, оҕолорунаан үҥкүүлээтилэр. Бу үҥкүүнү оҕону сайыннарыыга ис дууһатыттан үлэлиир Евдокия Иванова туруорда. Төрөппүттэр кэнсиэркэ кыттыспыттарыттан олус үөрдүлэр. Төрөппүттэр оҕолоро дириҥ өйдөөх-санаалаах,үтүө сиэрдээх, майгылаах чөл киһи буола улааталларыгар баҕа санаалара улахан. Чоҕулуҥнас харахтаах, мэник-тэник бэйэлээхтэр, биһиги көмүс чыычаахтарбыт, оҕолорбут,сиэннэрбит элбэх да хоһоону, чабырҕаҕы, үҥкүүнү олус кэрэтик толордулар.
Хас ыал аайы, оҕо чаҕаарар саҥата чугдаардын, үөрбүт харахтара, минньигэстик саҥаран чуопчаараллара сүрэхпитин сылаанньыттын, ыраас халлааннаах, чаҕылхай күннээх, дьоллоох оҕо саастаах буоллуннар, оҕо ымыыта ыал ахсын кэлэ турдун, олоххо аартыктар арылыннын, ааты ааттатар ыччаттар буоллуннар.
Кэнсиэрт түмүгэр саалаҕа олорооччулар ытыстарын дохсун тыаһынан махталларын биллэрдилэр.
Вера ИВАНОВА